Сатаан салайыы, түмүү — эмиэ талаан
Орто дойду олоҕор айылҕаттан айдарыллыбыт талааннарын таба тайанан, ону сатаан туһанан, интэриэһинэй олоҕу олорор дьон биһиги ортобутугар аҕыйаҕа суохтар.
Бүгүҥҥү кэпсиир киһибит Маргарита Ивановна Степанова (Акимова) “Мин сатаан ыллаабаппын, үҥкүүлээбэппин, оччоҕо туох талааннаахпыный?” диэн бэйэтэ бэйэтиттэн ыйыппыт кэмнэрдээҕэ... Онтон салҕыы кини ханнык талааныгар таба тайаммытын, олоҕун ис хоһоонун киэргэппитин, дьонун-сэргэтин туһугар ханнык туһалаах дьыаланан дьарыктаммытын билсиэҕиҥ.
«Туох дьоҕурдаах буоллахпыный?»
– Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах диир буоллахха, Үөһээ Бүлүү улууһугар Бүлүү Эбэ хаҥас биэрэгэр сытар Боотулуу сиригэр Екатерина Николаевна уонна Иван Герасимович Акимовтарга үс уол оҕо кэнниттэн күүтүүлэх күндү кыыс буолан күн сирин көрбүтүм.
Киһи аайы бэриллэр дьоллоох оҕо сааһым төрөөбүт Боотулуубар ийэм-аҕам, убайдарым тапталларыгар угуттанан ааспыта. Чахчы да, дьоллоох оҕо сааспын астына, дуоһуйа ахтан ааһар кэмнэрдээхпин.
Оҕо эрдэхпиттэн кэрэни кэрэхсээһин, айылҕаҕа сыстыы, ылсыбыккар эппиэтинэһи сүгүү курдук киһи олоҕор суолталаах хаачыстыбалар мин төрөөбүт дьиэм иһиттэн, тиэргэммиттэн иҥэриллибит сүдү баайбынан буолаллар.
«Туох дьоҕурдаах буоллахпыный?» диэн толкуй киирэн ааһааччы. Арай биирдэ өйдөөбүтүм: эмиэ да ыллаабат, эмиэ да үҥкүүлээбэт курдук эбиппин. Дьоҕур, талаан диэтэххэ, аан бастаан киһи өйүгэр итинник тутах өйдөбүллэр кэлэллэр.
Онтон арыый дириҥник толкуйдаатахпына, салайар, түмэр диэн эмиэ талаан курдук эбит – киһи күннээҕи олоҕун бэйэтэ хайдах былааннаан, салайан бу күнү аһарарыттан саҕалаан. Оннук эйгэҕэ оҕо сааспыттан иитиллибит уонна бэйэбэр иҥэриммит эбиппин. Манна төрөппүттэрим оруоллара улахан.
Үлэ буоллун, айан буоллун, бу өйдөөтөхпүнэ, эппиэтинэскэ үөрэппиттэр эбит. "Чэ эрэ, тоойум, оннук хайдаҕый?" – диэн бу кыра киһи санаатын истэр, өйүүр олус боростуой эрээри, элбэххэ үөрэтэр майгыны тутуһар эбиттэр. Манна оҕо буоламмын тугу баҕарарбынан чап гыннаран, санаабын, баҕабын, былааммын этэ уонна оннук буоларыгар кыһаллан улаатарбар, атыннык эттэххэ, киһи сыалын ситиһэригэр көстүбэт үөрэҕи иҥэрбит эбиттэр дии саныыбын. Ол эмиэ дьоҕур быһыылаах.
Ону таба көрөн оскуола эрдэхпиттэн пионер, хомсомуол, актыбыыска буоллаҕым. Оройуон бөдөҥ сопхуостарыгар босхоломмут комсомольскай сэкиритээр үлэтин 18 эрэ сааспар сүктэрбиттэрин билигин улахан эппиэтинэһи итэҕэйбиттэр диэн санаан ылабын.
«Кыымтан» кыым саҕыллан
– Аан бастаан буукубаны холбоон аахпыт тылым "Кыым" диэн этэ. Оччотооҕу ыал бары хаһыат, сурунаал ааҕар үтүө үгэстэринэн, биһиги дьиэбит иһигэр эмиэ бары ааҕарбыт.
«Кыым» хаһыаты ааҕа олорор аҕабар тиийэн, «Кыым» диэн улаханнык саҥарбыппар дьиэ иһинээҕи дьонум бары үөрэ, көбдьүөрэ, хайҕыы түспүт түгэннэрэ билигин да харахпар баар. «Оҕом хаһыакка суруйбутун ааҕар дьон биһиги буолуохпут», – диэн аҕам эппит тыллара хайдах эрэ билигин да сүрэхпэр баарга дылылар. Киһи олоҕор суолун тэлиитэ итинник түгэннэртэн эмиэ саҕаланар эбит. Аҕам өйдөөбөккө эрэ утарынан этэн кэбиспитэ, баҕар, чахчы да бу олохпор дьоҕур, талаан диэнинэн бэриллибитэ дуу?
Үһүс кылаастан " Бэлэм Буол" хаһыаттан саҕалаан, хаһыакка «Рита Акимова» диэн ааппынан бэчээттэтэр буолбутум. Онтон ыла идэ оҥостубатарбын да, бу дьарыкпын быраҕа иликпин. Тугу сэргии истибиппин-көрбүппүн ордук дьоҥҥо туһалаах буолуо дии санаабыппын суруйан ыытан, бу күҥҥэ диэри хаһыаттарга бэчээттэтэбин.
Кинигэнэн кэпсээн
Биһиги Саха АССР саҕана оскуолаҕа үөрэммит көлүөнэ дьоно буолабыт.
Саас ылан истэҕин аайы олорбут олоххун кэннигин хайыһан көрөр идэлэнэр эбиккин. «Биһиги көлүөнэҕэ төһөлөөх талааннаах, дьоҕурдаах дьон баалларый? Кинилэри тоҕо оҕолорго, эдэр ыччакка кэпсээн, суруйан хаалларбаппытый?» – диэн санааттан 1985 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын бүтэрбиттэртэн 165 үөлээннээхпитин биэс сериянан кинигэ оҥорон таһаарсыбыппын биир улахан ситиһиибинэн ааҕабын. Суруллубут суоруллубат. Билигин төһө да интэриниэт, аныгы кэм үйэтигэр кинигэни улаханнык болҕомтоҕо ылбатахтарын да иһин, кэнэҕэскитин оҕолорбут улаханнык харыстыы, көрө сылдьар буолуохтарыгар эрэллээхпин.
Мин кинигэ оҥоруу курдук биир умсулҕаннаах дьарыкпын Хатас оскуолатыгар үлэлиир сылларбар саҕалаабытым. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы үбүлүөйүнэн сибээстээн, оҕолор эбээлэрин-эһээлэрин туһунан ахтыыларын хомуйан, оскуола, нэһилиэк иһинэн кинигэ бэлэмнээбиппит. Онтон ыла устуоруйаны, буолан ааспыты, архыып матырыйаалларын үйэтитиэхтээх эбиппит диэн санаа бигэтик киирбитэ. Үөрэммит оскуолабар Боотулууга, үлэлээбит оскуолабар Намҥа, Хатаска нэһилиэк устуоруйатыгар, пионерия, хомсомуол, уруу-аймах туһунан кинигэлэри түмэр, хомуйар идэлэнэн, билигин 15 кинигэ таһаарыытыгар илиим сылааһа иҥмит үлэлэрдээхпиттэн үөрэбин, астынабын.
Күлүм гынан ааһары үйэтитии
– Олох биир сиргэ турбат. Олох куруук уларыйар, сайдар, онтон хаһан эрэ син биир уостуо дии. Ол кэмнэри хаартысканан үйэтитэн кэбиһии – бу эмиэ олохпор аргыстаһан кэлбит дьарыгым. Хаартыска альбомнарын оҥоруу эмиэ биир умсулҕаннаах эйгэм буолар.
1990-с сылларга видео-устуу саҥа саҕаланан эрдэҕинэ, «Хитачи» диэн видеокамерам мин арахсыспат доҕорум этэ. Оннук видеонан устуу умсулҕаныгар ыллара сылдьыбыт кэмнээҕим. Ол кэми эргитээри дуу, кистэлэҥ ыра санаабын толороору дуу, быйыл документальнай киинэни устууга кыттыһан, биир саҥа эйгэни биллим. Режиссура, сценарий курдук айар түгэн кэрчиктэрэ миигин үрдүккэ кынаттыыллар, бу эйгэ кистэлэҥин билиэх баҕам күүһүрэр.
Биһиги, «85-тэр”
Киһи олоҕо кэрдиис кэмнэрдээх. Биир оннук кэрдиис кэмминэн 1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр ортолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүнү тэрийиигэ бастакы кэмнэриттэн кыттыһыым буолбута. Инньэ гынан, 2019 сыллаахха улуус аайыттан олоххо актыыбынай көрүүлээх, дойдуга бэриниилээх дьон мустан, улахан уопсастыбаннай түмсүү төрүттэммитэ. Онон, билигин хас улуус аайы "Пароль-85" баарыттан, бу хамсааһын мээнэҕэ тэриллибэтэҕиттэн уонна быстах кэмнээх буолбатаҕыттан киһи астынар.
Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын бүтэрбиттэр түмсүүлэрин бастакынан 1983 сыллаахха бүтэрбиттэр саҕалаабыттара. Кинилэргэ ханыылаһан, билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маннык үгүс түмсүү баар. Оттон биһиги, «85-тэр”, туох уратылаахпытый диэҥҥэ маннык хоруйдуом этэ. Биһиги хас биирдии выпускникпытын үйэтитэр биир кэскиллээх хайысханы тутуһабыт. Ол түмүгэр, эрдэ эппитим курдук, араас тиэмэлээх 5 сериялаах кинигэлэр күн сирин көрдүлэр. Кинигэлэрбит "Олоххо анал", " Эдэр саас эрчимэ" "Спорт туоната", "Ырыа эйгэтэ" "Түмсүүнү түстээбиттэр" диэн тиэмэлэринэн наарданан тахсыбыттара. Ону таһынан мелодист, хоһоонньут дьоммут айбыт ырыаларыгар хомуурунньук оҥорон, флешканан таһаарыы эмиэ үйэтитии буолар. Оскуоланы 1985 сыллаахха бүтэрбит дьоммут олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин, ситиһиилэрин, талааннарын кинигэҕэ киллэрэн үйэтиттибит.
Үтүө дьыала кубога
Ону таһынан, «Үтүө дьыала кубога» диэн хамсааһыннаахпыт. Бу хамсааһын чэрчитинэн, үтүө дьыалабыт кубога биир сыл устата бары улуустарга уоннуу хонугунан сылдьан, үтүө дьыалалары оҥорон, Дьокуускай куоракка эргиллэн кэлбитэ. Бу улахан хамсааһын туһунан хаһыаттарга суруйдубут, улахан кинигэҕэ үлэлэһэ сылдьабыт.
Документальнай киинэбит бу үтүө дьыалалары эмиэ үйэтитэр сыаллаах-соруктаах. Ити Саха АССР саҕанааҕы оскуоланы бүтэрээччилэр 2022 сылга Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытар хамсааһыммытынан буолар.
***
Атырдьах ыйын 8 күнүгэр – кубок төрөөбүт күнүгэр “85-тэр” документальнай киинэлэрин бастакы сюжеттара эрэклээмэ ролигын быһыытынан сүрэхтэниэҕэ. Маргарита Ивановна мантан кыым саҕыллан, өрөспүүбүлүкэ улуустара үйэтитии курдук кэскиллээх дьыалаҕа кыттыһалларыгар улаханнык эрэнэр.