31.08.2023 | 16:00

Саха норуота умнуо суоҕа

Бу күннэргэ Арассыыйа, Саха сирин улахан патриота, биллиилээх учуонай, уопсастыбаннай деятель, ХИФУ кырдьаҕас профессора Карл Георгиевич Башарин олохтон барбыта 40 хонуга буолар.
Саха норуота умнуо суоҕа
Ааптар: Егор Шишигин, РФ, СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ,  Арассыыйа музейдарын сойууһун Президиумун Бочуоттаах чилиэнэ, СӨ Ытык Сүбэтин чилиэнэ
Бөлөххө киир

Карл Георгиевич сахаттан биир бастакы суруйааччы дьахтар Калисфена Ивановна Платонова уонна биллиилээх историк-учуонай Георгий Прокопьевич Башарин дьиэ кэргэнигэр Дьокуускайга төрөөбүтэ. Оҕо сааһа сэрии, сэрии иннинээҕи аас-туор олоххо ааспыта. Онно эбии ийэтэ эрдэ өлөн, аҕата сымыйа буруйдааһыҥҥа, сойуолаһыыга түбэһэн, ыараханнык ааспыта. Медицинэ институтун, аспирантураны ситиһиилээхтик бүтэриэҕиттэн харыс халбарыйбакка олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үөрэммит институтугар кафедра сэбиэдиссэйинэн, профессорынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини сэргэх, туһалаах лиэксийэлэрин, практическай үөрэхтэрин тыһыынчанан үөрэппит устудьуоннара, быраастар махтана ахталлар.

Карл Георгиевич кэргэниниин ХИФУ профессора З.К. Башариналыын университет, институт ыытар үгүс дьаһалларыгар өрүү кытталлара. К.Г. Башарин хаста да университет «Бастыҥ профессора» үрдүк аакка тиксибитэ. 

Саха сирин дьиҥнээх патриота Карл Георгиевич төрөөбүт норуотун арыгыттан, арыгылааһынтан быыһыыр үлэни уонунан сылларга утумнаахтык ыыппыта, чөл олоҕу күүскэ турууласпыта. Кэргэнэ Зоя Константиновналыын Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэбит араас таһымнаах конференцияларыгар, дьаһалларыгар сыллата кытталлара, элбэх наҕарааданы ылбыттара. Маҥнай ылыммат дьон сыыйа арыгыттан аккаастанан, чөл олоҕу тутуһар буолбуттара, арыгылаах остуоллар, көрсүһүүлэр аҕыйаабыттара Карл Георгиевич дьаныардаах үлэтин түмүгэ буолар.

Бу үлэтин Бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев өйүүрэ, сүбэ-ама биэрэрэ, махтанара.

Профессор К.Г. Башарин үчүгэй хоһооннору ааҕарын сөбүлүүрэ, ордук Семен Данилов, Күннүк Уурастыырап хоһооннорун ааҕара, бэл, улахан кэнсиэртэргэ кыттара. Арассыыйа, Саха сирин гимнэрин ааҕара, ыччаттар, устудьуоннар билиэхтээхтэр, киэн туттуохтаахтар диэн бигэ эрэллээҕэ. Бу патриотическай иитиигэ сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтиирэ, үлэтигэр туһанара. Гимнэри билэр, ааҕар киһи, ыччат, устудьуоннар үчүгэй өртүнэн уларыйалларын, олоххо сыһыаннара тупсарын тоһоҕолуура.

Карл Георгиевичтыын түҥүрдүү буолуохпутуттан кинини, кини дьиэ кэргэнин ордук үчүгэйдик, чугастык билбитим. Кини бэртээхэй дьиэ кэргэн амарах аҕата, эһэтэ буолар: Зоя Константиновналыын үс оҕолоохтор. Улахан кыыстара Анна Карловна филологическай наука хандьыдаата, ХИФУ доцена. Кыра кыыстара Ольга Карловна Канадаҕа олорор, наука доктора. Кэргэннээх, уоллаах кыыс оҕолоох. Уоллара Георгий Карлович Мииринэй улууһун баһылыгын экономикаҕа солбуйааччы, 4 кыыстаахтар.

Карл Георгиевич оҕолорун, сиэннэрин иитиигэ үгүс болҕомтотун уурара. Балыктыырын сөбүлүүр, бэйэтэ муҥхалаах, туулуура. Үчүгэйдик саахыматка, дуобатка оонньуура. Эдэригэр легкоатлет, сүүрэрэ.

Профессор Карл Георгиевич аҕатын, профессор Г.П. Башарин аатын, үлэлэрин үйэтитиигэ элбэх үлэни оҥордо. Аатырбыт докторскай үлэтин монографиятын «Аграрные отношения в Якутии во II половине XVIII-XIX вв.» иккистээн, хат бэчээттэппитэ. Үгүс конференциялары тэрийсибитэ. 2012 с. Георгий Прокопьевич 100 сааһыгар аналлаах конференцияны ЮНЕСКО штаб-квартиратыгар Парижка тэрийэн ыыппыта. Бу П.А. Ойуунускай кэнниттэн саха киһитигэр анаммыт ЮНЕСКО-ҕа ыытыллыбыт иккис конференция буолар.

Профессор Карл Георгиевич олус дойдумсах киһи этэ. Аҕата төрөөбүт Чурапчы Сылаҥар өрүү сылдьара, Мединститут филиалын оскуолаҕа арыйбыта, бэйэтэ лиэксийэ ааҕара. Былырыын сайын Г.П. Башарин 110 сылыгар анаммыт ыһыахха сиэннэрин илдьэ тахса сылдьыбыта. 

Саха норуотугар бэйэтин аатын-суолун хаалларбыт профессор Карл Георгиевич Башарины төрөөбүт норуота үйэлэргэ умнуо суоҕа. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...