Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ салалтатын иннигэр сүрүн соруктары туруорда
Билиҥҥи туругунан халаан уутун ааһыыта уонна ойуур баһаардарыгар бэлэмнээх буолуу сүрүн соруктарынан буолалларын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев миниистирдэри уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын кытта мунньахха эттэ. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Айсен Николаев кыра үрэхтэр муустара ааһыытын хонтуруолга ылан, олохтоох былаастары кытта бииргэ суһал түгэннэри сэрэтиигэ үлэлээһини сорудахтаата. Кини ойуур баһаардарын утары охсуһууга минерализованнай балаһалары өссө биирдэ бэрэбиэркэлиир уонна нэһилиэнньэ өрт уотун ыытарын таһаарбат туһугар үлэни ыытар булгуччулааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Итиэннэ ураты болҕомтону Амма уонна Уус Майа улуустарыгар уонна Саха сирин соҕуруу өттүгэр уурарга сорудахтаата.
Ил Дархан саҥа федеральнай быһаарыылары олоххо киллэрии улахан суолталааҕын туһунан санатта. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ЛНР, ДНР уонна Украина территорияларыгар байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар байыаннайдар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһуллар буолла. Ол курдук, байыаннайдар уонна ис дьыала уорганнарын сотрудниктарын оҕолоро үөрэххэ киириилэригэр чэпчэтиилэр көрүлүннүлэр. Саха сиригэр итинник дьиэ кэргэттэр абитуриент оҕолорун эмиэ өйүөхтэрэ уонна бүддьүөт миэстэлэрин биэриэхтэрэ.
Санкция усулуобуйатыгар экэниэмикэни уонна нэһилиэнньэни өйөөһүн миэрэлэрэ салҕаналлар. Арассыыйа Бырабыыталыстыбата хантараак сыанатыттан 80%-ҥа диэри хапытаалынай өрөмүөнү хааччыйар тэрилтэлэргэ судаарыстыбыннай абаансалааһын боруогун улаатыннарда. Итини сэргэ IT-исписэлиистэргэ чэпчэтиилээх ипотека 5% диэри буоларын бырабыыталыстыба бигэргэттэ. «Сорукпут элбэх, халаан уута ааһыытын уонна баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонун боппуруостарын быһаарыыны уонна федеральнай таһымҥа ылыныллыбыт экэниэмикэни өйүүр миэрэлэри суһаллык олоххо киллэриэхтээхпит», - диэтэ Айсен Николаев.