27.05.2022 | 19:00

Эриллибит эттэн тотоойу бүлүүдэлэр

Эриллибит эттэн тотоойу бүлүүдэлэр
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Аныгы хаһаайкаларга астыыр быдан чэпчээтэ, маҕаһыыннарга түргэнник бэлэмнэнэр бородуукта (полуфабрикат) эгэлгэтэ, интэриниэт ситимигэр ырысыап арааһа. Бүгүн маҕаһыын аайы баар бородууктаттан – эриллибит эттэн түргэн уонна минньигэс ырысыаптары көрүөҕүҥ.

 Начыыннаах эт блины

Этинэн оҥоһуллубут блины, өссө эбиитигэр сыырдаах, олус минньигэс буолар.

Састааба:

Эриллибит эт – 200 г;

Сымыыт – 2 уст.;

Кефир – 200 мл;

Бурдук – 2-3 ост. нь.;

Туус – 1/4 ч. л.;

Хара мэлиллибит биэрэс;

Кытаанах сыыр – 60 г;

Сүөгэй – 2 ост. нь.;

Сибиэһэй петрушка.

 

Миискэҕэ сымыыттарбытын тэһэн кутабыт, кефирбитин эбэбит, үчүгэйдик булкуйабыт. Онтон эриллибит эппитин, тууспутун, тумабытын, хаппыт чосунуогу уонна петрушканы кутабыт. Эмиэ булкуйабыт уонна бурдукпутун эбэбит.

Хобордооҕу ититэбит, мас арыытынан сото түһэбит уонна үчүгэйдик буккуллубут састааппытын кутан, эргитэ сылдьан блиныбытын буһарабыт.

Буһаран бүтэн бараммыт аны сыырбытын түөркэлиибит уонна хас биирдии блины үрдүгэр кутабыт. Онтон блиныларбытын рулет курдук суулуубут, пуормаҕа угаттыыбыт, үрдүнэн сүөгэйинэн сотобут уонна 200 кыраадыска диэри итийбит духуопкаҕа 15 мүнүүтэҕэ угабыт. Хостоон баран сылаастыы сиир үчүгэй.

Эриллибит эттээх рулет

Састааба:

Эриллибит эт – 500 г;

Лаваш;

Эриэппэ луук – 2 уст.;

Моркуоп – 1 уст.;

Биэрэс – 1 уст.;

Помидор – 2 уст.;

Чосунуок – 2 өлүүтэ;

Томаат паастата – 1 ыст.;

Туус, биэрэс;

Укуруоп, петрушка.

 

Эриллибит эккэ кыра гынан кырбастаммыт эбэтэр илдьиритиллибит луукпут сороҕун, чосунуогу эбэбит, туустуубут, биэрэстиибит.

Ордубут луугу, помидору төгүрүктүү кырбастыыбыт, болгарскай биэрэһи соломолуу бысталыыбыт, моркуоппутун түөркэлиибит.

Хобордооххо луугу, моркуобу, болгарскай биэрэһи, помидору сырдьыгынатан ылабыт, бүтэһигэр томатнай паастаны уонна кыратык ууну кутабыт.

Эриллибит эппитин лаваш үрдүгэр тэнитэ уурабыт уонна рулет курдук эрийэбит, өлүүлэргэ үллэртээн бысталыыбыт. Пуормаҕа бэлэмнээбит оҕуруот аспытын кутан тэлгэтэбит, үрдүгэр рулеттарбытын уурабыт уонна ордубут оҕуруот аһынан бүрүйэбит. Фольганан сабан баран духуопкаҕа 40 мүнүүтэ буһарабыт. 30 мүнүүтэ буолан баран фольгатын устабыт уонна 10 мүнүүтэ саһарчы буһарабыт. Духуопкаттан хостоон баран үрдүгэр кырбастаммыт укуруоп, петрушка табынатабыт.

Эттээх зразы

Састааба:

Хортуоппуй – 1 кг;

Эриллибит эт – 400 г;

Сымыыт – 3 уст.;

Эриэппэ луук – 1 уст.;

Крахмал – 2 ост. нь.;

Панировочнай суухара – 200 г;

Туус, тума;

Мас арыыта – ыһаарылыырга.

 

Буспут хортуоппуйунан пюре оҥоробут, биир сиикэй сымыыты уонна крахмалы кутабыт, булкуйабыт.

Итии арыылаах хобордооххо луукпутун кырбастаан ыһаарылыыбыт. Луукпутугар эриллибит эппитин кутабыт уонна тууспутун, тумабытын эбэбит.

Зразыбытын оҥоробут: хортуоппуй пюретыттан кэтилиэттэри оҥоробут, иһигэр кыратык эриллибит эппититтэн угабыт, сымыыкка булкуйан баран, панировочнай суухараҕа төкүнүҥнэтэбит уонна итии арыылаах хобордооххо ыһаарылыыбыт.

Эриллибит эттээх, хортуоппуйдаах, помидордаах запеканка

Састааба:

Эриллибит эт – 600 г;

Хортуоппуй – 2 уст.;

Помидор – 2 уст.;

Эриэппэ луук – 2 уст.;

Кытаанах сыыр – 150 г;

Барбекю соуһа – 3 ст. л.;

Туус, хара мэлиллибит биэрэс;

Майонез – 4 ост. нь.

 

Бастаан хортуоппуйбутун ууга буһарабыт. Эриллибит эккэ тууһу, туманы уонна барбекю соуһун эбэн булкуйабыт. Итиини тулуйар пуормаҕа эриллибит эппитин тэлгэтэ уурабыт, майонеһынан сотобут.

Луугу чараастык төгүрүктүү быһаттыыбыт уонна эппит үрдүгэр тарҕатабыт.

Эрдэттэн буһарбыт хортуоппуйбутун төгүрүктүү кырбастыыбыт уонна эппит, луукпут үрдүлэригэр тарҕатан уурабыт.

Ити кэнниттэн запеканкабытын духуопкаҕа угабыт. Чаас аҥаарынан хостоон баран үрдүгэр кырбастаммыт помидору, түөркэлэммит сыыры уурабыт. Онтон сыыра ууллуор диэри төттөрү духуопкаҕа уган туруора түһэбит.

Начыыннаах кэтилиэт

Састааба:

Эриллибит эт – 500 г;

Эриэппэ луук – 1 уст.;

Хаппыт килиэп – 3 быһыы;

Маринованнай оҕурсу – 1 уст.;

Маринованнай луук – 1 уст.;

Сыыр – 120 г;

Үүт – 150 мл;

Туус – 0,5 ч. л.;

Хара мэлиллибит биэрэс;

Кетчуп – 3 ост. нь.

 

Килиэппитин үүккэ илитэбит, луукпутун кырбастыыбыт, луугу кытта холбуубут, туус, тума эбэн, эриллибит эппитин кытта булкуйабыт.

Маринованнай оҕурсуну төгүрүктүү чараас гына бысталыыбыт, сыырбытын түөркэлиибит, биир луукпутун маринуйдуубут. Онно биһиэхэ наада:

9%-наах уксуус – 7 ост. нь.;

саахар – 3 ост. нь.;

туус – 0,5 ост. нь.;

тымныы уу – 250 мл.

Саахары уонна тууһу уксуустаах ууга кутабыт. Суураллыахтарыгар диэри үчүгэйдик булкуйабыт. Луукпутун ким хайдах сөбүлүүрүнэн кырбастыыбыт уонна маринадпытыгар кутабыт. Иһиппитин хаппахтаан баран, 10-ча мүнүүтэ туруора түһэбит.

Эриллибит эппититтэн кэтилиэттэри оҥоробут, духуопка лииһигэр уурталыыбыт. Хас биирдии кэтилиэт ортотун кыратык дьөлө хаһабыт уонна кетчуп, маринованнай луук уонна оҕурсу кутабыт, түөркэлэммит сыырбытын табыгынатабыт.

Начыыннаах кэтилиэттэрбитин 180 кыраадыска диэри итийбит духуопкаҕа уган 20-25 мүнүүтэ буһарабыт.

Эриллибит эттээх хортуоппуй блины

Састааба:

Эриллибит эт – 300 г;

Хортуоппуй – 500 г;

Сымыыт – 2 уст.;

Эриэппэ луук – ½ уст.;

Сыыр – 100 г;

Туус – 2 ч. нь.;

Хара мэлиллибит биэрэс – 1,5 ч. нь.;

Бурдук – 2 ост. нь.;

Прованскай от – 1 ч. нь.;

Кетчуп – 4 ост. нь.;

Укуруоп.

Эриллибит эккэ тууһу, туманы эбэн үчүгэйдик буһуор диэри хобордооххо ыһаарылыыбыт.

Сиикэй хортуоппуйу түөркэлиибит, уутун ыгабыт. Итиннэ бурдук, сымыыт, туус, тума эбэбит уонна булкуйабыт.

Итии хобордооххо кутан блиныбытын икки өттүттэн саһарчы буһарабыт.

Блины аҥаарын кетчубунан сотобут, эриллибит эттэн, лууктан, укуруоптан кутабыт, түөркэлэммит сыыры табыгынатабыт уонна иккис аҥаарын бүк тутан бүрүйэбит. Итии хобордооххо сыыра ууллуор диэри буһаран ылабыт. 

Ити курдук, эриллибит эт баар буоллаҕына, судургу састааптан арааһы астыахха сөп. Минньигэстик аһааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Сонуннар | 05.12.2024 | 14:00
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Саҥа дьылга диэри хаалбыт кэм иһигэр уот төлөбүрүгэр иэһи эмиэ пенитэ суох төлүөххэ сөп. Бу аахсыйаны “Якутскэнерго” АХ тэриллибитэ 50 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытар эбит. Каассаларын өрөбүл күннэргэ кытта үлэлиир оҥорбуттар. Маннык аадырыстары ыйбыттар: Б.Чижик уул., 4/1 (10.00–17. 00 чч.), Дзержинскэй уул., 2 (ЛОРП дьиэтэ, 09.00–17.15 чч.) уонна 13/3 нүөмэрдээх...