Антонина ШИШИГИНА: «Сэргэлээх» — оҕо олохтон үөрэнэр оскуолата»
Үөрэхтээһин эйгэтигэр биир бэлиэ түгэн – Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Эркээйи” бырагырааматын ылынар дьаһал тахсыбыта. Онно собус соҕотох тирэх оскуолата – “Сэргэлээх” лаборатория оскуолата буолла.
Саҥа киһи тыыннаах, омук майгыннаах Үөрэҕи киллэрэр оскуола дьукаах быһыытынан олорбут устудьуоннар уопсайдарыттан таһаарыллыбыта. Уопсай дьиэ, дьаҥ тарҕанан, обсерватор буолан турар, онон дьиэтэ суох, национальнай гимназияҕа сыһыарыллан, быйыл 1 кылааска оҕону ылар кыаҕа суох олорор...
Ону ол диэбэккэ үлэлии-хамсыы сылдьар, үлэлэригэр бэриниилээх дьоҕус кэлэктиип учууталлара, уһуйааччылара үлэлэрин былаана киэҥ, инникини көрөн ыытар үлэлэрэ кэскиллээҕэ саарбахтаммат. Биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – “Сэргэлээх” лаборатория оскуола үөрэх чааһыгар салайааччыта Антонина Алексеевна Шишигина.
– Биһиги оскуолабыт 2013-2014 үөрэх дьылыгар арыллыбыта. Оччолорго “Айыы кыһатыгар” үлэлии сылдьабыт. Онно 8 сыл үлэлээбиппит, устунан лабораториябыт үлэтэ намыраан барбыт курдук буолбута. Салалта арыый атын хайысханан үлэлиир суолу тутуспута. Ол иһин бастаан Валентина Семеновна Поскачина атын кылааһы ылан баран, туспа миэстэ көстүбүтүгэр барбыта. Миигин миэстэ тахсыбытыгар ыҥыран ылбыттара.
“Сэргэлээххэ” бастаан 1-кы уонна 2-ис кылаас арыллар. Бастакы оҕолор университет оҕолоро буолбатахтар этэ. Сахалыы үөрэх наада, баҕарар дьон элбэх диэн Евгения Исаевна Михайлова уонна Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия дириэктэрэ Николай Констанинович Чиряев сөбүлэҥ түһэрсэннэр, Кулаковскай уул. 42/2 дьиэтигэр, устудьуоннар уопсайдарын биир кынатыгар 500 квадраттаах дьиэ ылан, онно үлэбитин саҕалаабыппыт. Дьиҥ оҥоһуллубутунан икки улахан кабинет баара. Биллэн турар, оҕо үөрэнэр усулуобуйатыгар эппиэттээбэт этэ. Ол да буоллар элбэх үлэни ыытан, лицензия ылар ситиһиллибитэ.
– Оттон “Лаборатория” диэн сыһыарыыта туох суолталааҕый?
– Лаборатория буолла да чинчийэр үлэлээх буолуохтаах диэн санаалаах этибит. Бастатан туран “смарт-оскуола” буолбута, материальнай базатын университет аныгы үйэ ирдэбилинэн барытын хааччыйбыта. Иккиһинэн, төрөөбүт тылынан үөрэтии; үсүһүнэн, омук тылын үөрэтии – кытай тылын талбыттара. Оттон дьиҥ лаборатория үлэтэ көстүбэт курдук этэ.
Биһиги бэйэбит лаборатория үлэлэппит буоламмыт, үлэбитин салҕыыр буоллахпыт дии. Валентина Егоровна Степанова “Саха үөрэҕэ” диэн концепциятын, кини салайыытынан салҕыы үлэлэтэр буолбуппут. Өй, санаа уонна дьарык эйгэтин саҥаттан саҕалаабыппыт. Валентина Егоровна салалтатынан көдьүүстээхтик үлэлээн барбыппыт. Робототехника куруһуогар Н.Н.Филиппов баара. Ол тухары семинар бөҕө, методическай куурус бөҕө ыытабыт.
Киһи тыыннаах үөрэҕи тэрийэбит
– Эһиги оскуолаҕыт уратыта тугуй?
– Университет үлэһиттэрин оҕолорун эрэ ылабыт. Баҕалаах наһаа элбэх. Преподавателлэр сарсыардаттан үлэлииллэр, үксүлэрэ ити диэки олороллор, оҕолорун сахалыы үөрэттэрэр баҕалаахтар. Сыл аайы элбэх оҕону ылар этибит. Эбиллэн истибит, аны биһиэнэ бастакыта “алын сүһүөх оскуола” диэн этэ. Оттон үөрэхпит оҥкула толору оскуолаҕа бэлэм гына оҥоһуллубута. Ол иһин бастакы төрдүс кылаас түмүктүүрүн саҕана, ректорга сурук суруйан, көрдөһөн, оҕолор түмүктэрин көрдөрөн, салҕыы үөрэнэрбит хайаан да наада диэн буолбута. Оннук 5-ис кылаас арыллыбыта. Быйыл 9-ус кылааска тиийдибит, оҕолорбут этэҥҥэ эксээмэннэрин туттардылар.
Усулуобуйабыт мөлтөх. Физкультурабытын таска баран ыытабыт, аһылыкпыт гимназияттан тиэллэн кэлэр – остолобуой суох. Ол гынан баран ким да баран хаалбат.
– Биһиги оскуолабыт үөрэҕин сүрүн сэһэнэ – киһи тыыннаах, омук майгыннаах үөрэҕи тэрийии, ис хоһооно – тус бэйэни сайыннарыы, оттон тус бэйэ сайдар эйгэтэ – ийэ өй-санаа ситимэ.
Биһиги кылааспытыгар 26-тан тахсыбат оҕо буолан, хас биирдии оҕоҕо болҕомто ууруллар. Киһи тыыннаах диэн ол аата хас биирдии оҕо сыаннас. Тус бэйэтигэр эргилиннэрэн, сайдар суолун тэлэбит. Учуутал диэн татым курдук, учуутал билиини биэрээччи эрэ курдук ылыналлар. Хомойуох иһин, билиҥҥи оскуолаларга бары оннуктар...
– Билиҥҥи үйэҕэ, ордук быйыл, учуутал уонна төрөппүт тэйсиитэ баар буолла. Холобур, быйыл учууталбытын зуумунан эрэ көрдүбүт. Учууталга билиини биэрээччигэ эрэ курдук сыһыан төрөппүттэн тахсар: “Мин оҕобун үөрэт”, - диэхпит...
– Оттон биһиэхэ үс кыттааччы баар: оҕо – төрөппүт – учуутал. Киһи ханна баарый? Предмет сүрүн курдук ылыныллар. Мин эмиэ оннук оскуолаҕа үлэлээбитим. Учуутал бэйэтин сыалын оҕолорго тиэрдэ сатыыр: “Биһиги бүгүн маны үөрэтэбит, маны билиэхтэхпит!” Мин ситиһиэхтээхпин диир учуутал.
Билигин бэйэбит уопуппутун кэпсээтэхпитинэ, учууталлар саамай элбэхтик: “Оччоҕо эһиги хайдах бырагыраамаҕытын ситиһэҕит?” - дииллэр. Бырагыраама хааччаҕыттан хайдах да сатаан тахсыбаттар. Биһигини оҕону кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ олороҕут дииллэр...
Дьиҥэ үөрэх бырагырааматын син биир бараҕын. Биһиги традиционнай да оскуола буолбатахпыт, Сайыннарыылаах үөрэх оскуолата да буолбатахпыт, биһиги Уһуйаан диэн технологиялаахпыт.
Хас биирдии оҕоҕо омугун кода олорор
– Киһитийии үөрэҕин концепцията ханна да суох этэ. В.Е.Степанова хас биирдии учууталга дьарык бөҕөҕө сылдьар этэ, хас биирдии учууталы, оҕону кэтээн көрөн, семинар бөҕө, методсовет бөҕө буолара. “Саха үөрэҕэ – оскуолаҕа” диэн бастакы кинигэбит тахсар. Тэрис үөрэҕэр тирэҕирэн өй-санаа ситимин үөрэҕин тэрийбиппит. Ыйдарынан. Ийэ өй-санаа ситиминэн үлэлиир оскуолалар син бааллар эрээри, кинилэр тас көрүҥүнэн, тэрээһиннэринэн киллэрэллэр. Биһиги предмеккэ киллэрэн үөрэтэбит. Холобур, Идэ ыйа – балаҕан ыйа, дьарыкка киллэрии ыйа. Үөрэнээччи уонна үөрэтиллээччи диэн баар. Үөрэнээччи бэйэтин дьарыгын бэйэтэ тэрийэр, бэйэтин бэйэтэ үөрэтэр. Үөрэтиллээччини ким эрэ үөрэтэр-такайар. Ол аата балаҕан ыйыгар үөрэнээччи идэтигэр киллэрэр, бу оҕо бэйэтэ бэйэтин дьарыкка киллэрэрин ситиһиэхтээхпит. Ол ситиспипитин, алтынньы ыйга, өйүн-санаатын түмэн, бэйэтин үлэтин былаанын оҥостор.
– Оҕо төһө түргэнник ылынарый ону?
– Ылынар. Тоҕо диэтэххэ, кини ийэ өйүгэр баар. Омук кода баар, кини син биир саха. Ону таарыйдыбыт даҕаны, эйгэни тэрийдэххэ киирэр. Эрдэттэн терминнэри туттан барабыт, холобур, “эн үөрэнээччи буолаҕын”, “олохтон үөрэнэр ситиһиилэх үөрэнээччи”, “дьарыкпытын тэрийэбит” о.д.а.
Биһиги оҕону олоххо бэлэмнээбэппит. Оҕо сибилигин олоҕу олорор. Оскуолаҕа кэллэ – бу кини олоҕун сорҕото буолла.
Бастакы кылааска оҕо кутталтан босхолонор. Онно биһиги усулуобуйа тэрийэбит. “Мин кимминий?”, “мин аттыбар атын мин баар эбит” диир. Кини бастаан санаатын этэргэ, атын санааны тулуйан истэргэ үөрэнэр. Кэпсэтии сиэригэр, нуорматыгар киирэр. Манна учуутал методолог буолуохтаах.
Иккис кылаастан дьэ кини “тоҕо маннык буолла?” диэн ырытар, анаарар. “Тоҕо диэтэххэ маннык” дии үөрэнэр. Киһи олоҕо барыта алтыһыы буоллаҕа дии. “Мин эн санааҕын кытта сөбүлэспэппин, тоҕо диэтэххэ, маннык...” диир. Манна учуутал коммуникатор буолуохтаах.
Үсүһүнэн, учуутал социотехник буолуохтаах. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ бу үөрэнээччи бэйэтин кыаҕын туһаныахтаах. “Миэхэ сатаммата” эҥин диэбэт. Холобур, садаачаны суоттууругар кини атыттартан ураты ньыманан суоттаан таһаарар кыахтаах.
– Оннук билии хайдах сыаналанарый? Көннөрү традиционнай оскуола сыанатынан дуо?
– Син биир биһиги ФГОС ирдэбилигэр эппиэттиир үөрэҕи тэрийэбит. Биһиги уруогу дьарык диибит. Оҕо дьарыкка киирэн бэйэтин өйдөбүлүн тутар. Ол усулуобуйатын киирэр ньыматын толкуйдуугун. Учуутал бэйэтэ бастайааннай дьарыкка сылдьар, кини учуутал эрэ буолбат, уһуйааччы диибит. Оҕо умсулҕаҥҥа киирэр. Умсугуйан-умсугуйан 9-ус кылааска кэлэр уонна эксээмэннэрин туттарар.
Оҕо үөрэххэ умсугуйан барар. Тоҕо диэтэххэ, кини санаата – сыаннас, кини санаатын наар истэллэр, кини санаатыгар утары санаа баар да буоллаҕына, киниэнэ эмиэ улахан суолталаах. Оҕо оннуктан наһаа сайдар, аһыллан киирэн барар.
Итиннэ барытыгар учуутал-уһуйааччы түгэни көрөн туран, салайан иһэр – коммуникатор быһыытынан. Ол олус ыарахан. Саҥа кэлбит учууталларбытыгар маныаха элбэх үлэни ыытабыт.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Эркээйи эргиирэ” диэн тус бэйэни сайыннарыы бырагырааматыгар тирэх оскуоланан талылынныбыт. Концепциябытын сэҥээрдилэр. Ол аата биһиги Саха сирин пилотнай оскуолаларын үөрэтиэхтээхпит. Инньэ гынан улахан эппиэтинэскэ киирдибит. Билигин куурустар буолан аастылар.
Сыыһар оҕо диэн суох
– Истэ олордоххо үчүгэйэ сүрдээх дии. Мин оҕом маннык оскуолаҕа үөрэнэрэ буоллар диэн ымсыыра саныыгын. Маннык практика тарҕаныыта хайдаҕый?
– Мин бэйэм да ымсыырабын. Эн оҕоҥ сыаннас буоларыгар ким ымсыырыа суоҕай? Биһиэхэ сыыһар оҕо диэн суох. Холобур, хас биирдии оҕо эппиэтин дуоскаҕа суруйан иһэбит: “Бу Аня эттэ, оттон Маша маннык диэтэ”, - диибит, - “Эн, сыыһа эттиҥ, олор!”, - диэбэккин.
Тоҕо хото тарҕанан испэтий диигин дии? Тоҕо диэтэххэ, манна тосту уларыйыахха наада. Манна оскуола ыытар үлэтэ барыта, ыытыллар тэрээһиннэр бары уларыйыахтарын наада. Бастатан туран, учуутал бэйэтэ уларыйыахтаах. Салалта өйүөн наада. Администрация билигин үксэ рейтинг диэнинэн сыаналанар – оҕолор ситиһиилэринэн, олимпиадаларынан о.д.а. Биһиги оҕолорбут быйыл бары ОГЭ туттардылар, улаханнык репетитордамматылар эҥин. ВПР-ы даҕаны “Умсулҕан оскуолатыгар” киирбит оҕо холкутук туттарар эбит. Оҕо ыйытыыны аахта, бэйэтин өйдөбүлүнэн “маннык эбит” диир, былааннана үөрэммит буолан бастаан тугу гынарын, салҕыы тугу гыныахтааҕын быһаарынар уонна холкутук эппиэтин суруйар. Оскуола бырагырааматын оннук олохтоохтук толкуйдуур оҕо оҥорор буоллаҕа дии. ВПР, ОГЭ дии-дии оҕону кымньыылаа да кымньыылаа буолбаппыт. Оҕо бастатан туран, бэйэтин дьарыгын бэйэтэ тэриниэхтээх, “миигиттэн туох ирдэнэрий?” диэн быһаара охсуохтаах. Ол иһин билиҥҥи оҕолорум садаачаны ытыс таһына-таһына суоттууллар. Ол аата умсулҕаҥҥа киирдибит.
Биһиги мониторинг оҥоробут. Миэхэ үс сүрүн кэтээн көрүү баар: үөрэнээччи идэтин ылыныыта; олохтон үөрэнэр үөрэнээччигэ тахсыыта; ситиһиилээх үөрэнээччигэ тахсыыта. Оҕо математикаҕа биэһи ылбытынан буолбатах, кини алтыһыыга киириитэ, дьарыгы тэрийиитэ уонна түгэнтэн тахсыыта сыаналанар.
Оҕо барыта арааһынай. Сорох оҕо дьарыкка истээччи эрэ буолар. Сорох оҕо ыйытыы эрэ биэрэн тахсар оруоллаах.
Оҕоттон “тугу гынныҥ?” диэн ыйытар судургу. “Хайдах?” диэн ыйытыахха наада. “Өйдөөтүҥ дуо?” диэбэккэ “өйдөөбүккүн өйдөөтүҥ дуо?” диибит.
– Предметтэргит барыта сахалыы. Төрөөбүт тылларын төһө билэр оҕолор кэлэллэрий?
– Билигин ол кыһалҕа буолла. Холобур, быйылгы оҕолорбуттан, 40 бырыһыана нууччалыы саҥарар. Оннук оҕо өссө үчүгэй көрдөрүүлэниэн сөп. “Бээрэ бу туох диэтэ?” диэн толкуйдаа да толкуйдаа буоллулар. Ыйдар сахалыы ааттарын омук тылын курдук үөрэтэллэр. Ол эрэн дьонноро сахалар, оскуолалара сахалыы, ол иһин сахатыйан бараллар. Син биир хааннарыгар олордоҕо дии, ол уһуктар.
Билиҥҥитэ прописканан ылыҥ дии иликтэр. Университет оройуона барыта прописканан 31-ис оскуолаҕа бараллар. Быйыл бастакы кылааска, 36 баҕалаах оҕону сурунан олоробут. Биһи муҥутаан 26 оҕону ылабыт. Ол аата син биир матар дьон бааллар. Холобур, былырыын 50 оҕо киириэн баҕарбыта...
Төрөппүттэн элбэх тутулуктаах
– Алын кылаас оҕото учууталын ылыммат буолара баар дии. Төрөппүттэр үгүстүк үҥсэргииллэр, учууталларын астымматах буолаллар, оҕобут ылыммата эҥин дииллэр... Ол ким буруйа буолуон сөбүй – учуутал, төрөппүт, оҕо?
– Мин кылаас ылыам иннинэ, өссө атырдьах ыйыгар мунньах ыытааччыбын. Онно этэбин: “Эһиги, төрөппүттэр, учууталы ылыммат буолар түгэҥҥитин хаһан да оҕо истэригэр таһаарымаҥ”, - диибин. Оҕоҕо син биир саамай улахан аптарытыаты төрөппүт ылар. Саамай ытыктыыр киһитэ – ийэтэ. “Оо, дьэ учууталбыт хайдах эрэ, туох эрэ...” диир оннугар ийэтэ “оо, наһаа да үчүгэй мунньах буолла”, “үчүгэйдик да быһааран биэрдэ” дии сырыттаҕына оҕо учууталын көрбөккө да сылдьан ылынар.
Иккиһинэн, учуутал уруок ыытарыгар бэйэтин сыалын эккирэтэр – уруогун бырагырааматын 30-45 мүнүүтэ иһигэр биэриэхтэх. Оттон оҕо ылыммакка олорор – ол аата кини бэйэтэ бэйэтигэр толкуйдуу олорор, ону уруогу ылыммат диир эмиэ сыыһа. Атын киһи сыалын толоро сатаабат буоллаҕа дии. Мөлтөх үөрэхтээх оҕо диэн суох.
Оҕо саадыгар оҕо эмпирическэй өйө сайдар, ол аата үтүктэрэ. Онтон оскуолаҕа 7-8 сааһыгар теоретическай өйө сайдар, ол аата туохха эрэ олоҕурбут, төрдүгэр-төбөтүгэр тиийэр өйө сайдыахтаах. Уопсай үөрэхтээһин ону хайыырый? Төттөрү оҕо саадын таһымыгар түһэрэн кэбиһэр – “эн миигин үтүгүн, маннык суоттаа, маннык суруй” диир. Оҕо бэйэтин сааһынан “хайдах маннык буолла?” диэн толкуйдаах олордоҕо дии. Ону баттаан кэбиһэн, оҕо толкуйдуур дьоҕура сыппаан хаалар. Ол иһин учууталын ылыммат буолуон сөп. Оҕо сааһынан сайдыытын үчүгэйдик көрүөххэ наада.
Холобур, нуучча тылыгар “Ж” и “Ш” пиши с буквой “И” диэн быраабыла баар дии. Алын кылаас оҕотугар ону нойосуус үөрэтэллэр. Оттон тоҕо оннук суруллуохтааҕын ким да оҕоҕо быһааран биэрбэт. Эбэтэр, синус, косинус үөрэтэбит. Бу олоххо туохха туһалыаҕын да билбэккэ эрэ, добдугураччы үөрэтии. Дьиҥэ бу оҕо толкуйдуур ньымата буолуохтаах.
Биһиги оскуолабытыгар математиканы математика эрэ туһугар үөрэппэппит, математиканы оҕо бэйэтин сайыннарар, мэйиитин үлэлэтэр ньыма, средство быһыытынан үөрэтэбит.
“Эркээйи эргииригэр” киирдибит
– Өйөбүл төһө баар дии саныыгын.
– Быйыл биһиги “Эркээйи” бырагыраамата киирэр буолла диэн, ону өйөбүл курдук ылынан, үөрэн олоробут. “Эркээйигэ” үксэ оҕо саадтара, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ киирдилэр, оскуола аҕыйах курдук.
Курсаннары кытта кэпсэтэргэ, чахчы маннык оҕону киһи быһыытынан сайыннырыахха сөп диэн администрацияҕытын кытта үлэлээҥ, администрация эрэ өйөөтөҕүнэ оскуола ирдэбилэ уларыйар диибит.
Бэйэтин сайыннара, бэйэтин өйдөбүлүн тута үөрэммит оҕо БКЭ-тин да үчүгэйдик туттарар. Холобур, Иван Иванович Шамаев лицейин үөрэнээччитин суруйбута дии – физикаҕа 100 баллаах Стас Новиков туһунан. Ити алын кылааска “Айыы кыһатыгар” мин үөрэппит оҕом. Кинилэр кылаастарыттан алта оҕо Шамаев оскуолатыгар туттарсан киирбитэ. Бары оскуолаларын үчүгэйдик түмүктээтилэр, БКЭ-лэрин 90-тан тахса баалларга суруйбуттар. Ити оҕолор кэтээн көрүүлэрин эҥин барытын илдьэ сылдьабын, толкуйдуубун, тэҥнээн көрөбүн. Кинилэр үөрэнэллэрин саҕана “Умсулҕан оскуолата” муҥутуур чыпчаалыгар сылдьар кэмэ этэ. Аһаҕас уруок бөҕө ыытар этибит. Мин оҕолорбор наһаа эрэнэбин, ханнык баҕарар теманы быһаарар кыахтаахтар дии саныыр этим, уруокупутугар 40-ча киһи киирэн көрөр этэ. Үөрэнии умсулҕаныгар киирбит оҕо ситиһиилэнэр.
Ааҕар киһи сайдар диир этим уруккуттан. Оҕолорбор ааҕааччы дневнигин толорторобун. Маҥнайгы кылаастан библиотекаҕа илдьэрим. Ааҕааччы дневнигин оҕо хайдах толороруттан сыаналыыбын, уруһуйдуон сөп, сыһыана көстүөн сөп, ис хоһоонун быһаарыы эрэ буолбат. Умсулҕаҥҥа киирбит оҕо сайын бэйэтэ ааҕа олорор буолар. Төрдүс кылааска ким ханнык жанры ылыммытынан, тугу баҕарар ааҕар буолар. Оҕону үөрэх умсулҕаныгар киллэрэргэ араас ньыманы барытын туттан иһиэххэ наада.
Ол иннинээҕи оҕолорбор “босхо ыытыы” ньыматын туһанарбын методиһым бэлиэтии көрөн, онтубун сайыннарбытым. Үчүгэй методистаах буолуу – учууталга улахан дьол. Эн үлэҕэр тугу туһаммыккын бэйэҥ билбэккэ да хаалыаххын сөп, ону методист бэлиэтии көрөр. Мэник оҕону, паартаттан туран барбыт оҕону мөхпөккүн, сиэтэ да сылдьан үөрэтиэххэ сөп. Биллэн турар, кыратык хомуруйаҕын, киһи сиэринэн барыахтаах.
Билиҥҥи оҕолор саҥаларыгар улахан хаалыылаах буоллулар. Сатаан дорҕоону таһаарбат оҕо кыбыстан олорон хаалыан сөп. Ону ол диэбэккэ, кинини саҥардан, бэйэтигэр эрэли үөскэтэҕин. Сыл бүтэһигэр дорҕоонноро бэйэлэрэ сатанар буолан хаалаллар. Бэйэтин бэйэтэ үөрэтэр.
– Көннөрү оскуола уонна эһиги курдук ураты оскуола ноҕоруускалара атын-атын дуу?
– Тэҥнэр. Биһиги тэрийэр эйгэбит ураты. Көннөрү оскуолаҕа үөрэммит оҕо көһөн кэллэҕинэ эйгэҕэ син биир киирэр. Ол эрэн биһигиттэн барааччы суоҕун кэриэтэ, миэстэ тахсыбат.
Төрөппүт оҕотуттан “Эн бүгүн тугу гынныҥ” диэн судургутук ыйыппакка, “эн бүгүн хайдах үлэлээтиҥ?”, “туох саҥаны биллиҥ?”, “Тоҕо инник дии санаатыҥ?” диэн ыйытыылары биэриэхтээх. “Сорудаҕы оҥор” диэбэккэ, “бастаан тугу гынаҕыный?”, “онтон тугу гынаҕыный?” диэн ыйытар тоҕоостоох. Холобур, “тугу көрдүҥ?” диэбэккэ, “Эн, ону туох дии санаатыҥ?” диэххэ...
Туох хайысхалаах ыйытыыны биэрэрин төрөппүт толкуйдуу үөрэниэн наада. Онтон элбэх тутулуктаах. Хас биирдии дьайыы дьайыыны үөскэтэр. Күннээҕини дириҥник ылыныахха. Оҕо тыыннаах толкуйун кытта үлэлиэххэ.
Биһиги оскуолабытыгар “Таптал, махтал, эрэл” санааны саҕабыт. Бастаан “Таптаа” диибит. Таптаатаҕына оҕо бэйэтэ тапталы тарҕаппытынан барар.
– Туспа юридическэй сирэй буолар эһиэнин курдук ураты үлэни ыытар оскуолаларга тоҕо сатанан испэтий? “Айыы кыһата” эмиэ наһаа өр ЯГНГ филиала этэ дии...
– Кинилэр үөрэнэр усулобуйалара эппиэттээбэт этэ. Биһиги оннук күчүмэҕэйдэри көрсөбүт. Туспа юридическэй сирэй буоларга үбүлээһин өттүгэр эмиэ кыһалҕалардаах буолар. Холобур, биһиги 200 оҕоҕо үбүлээһини ситиһэрбит уустук. Дьиэ-уот көстөр түгэнигэр эрэл баар буолуо этэ.
Биһиги оскуолабытын наһаа сахалыы дии саныыллар. Гимназия учууталлара үөрэтэллэр. Нууччалыы да, сахалыы да үөрэтэллэр. Ити дьиҥэ улахан кыһалҕа буолбатах. 4-үс кылаас кэннэ былырыын икки оҕо ФТЛ-га, икки оҕо РЛИ-га киирбиттэрэ. Тастан кэлэр оҕолор эйгэҕэ эмиэ наһаа үчүгэйдик киирэн хааллаллар.
Былырыын зуумунан да үөрэххэ бэркэ үлэлээтибит. Хас биирдии оҕону кытта кэпсэтэн, уочаратынан саҥардан. Предмет иһинэн хаалыы суох. Оҕо дьарыкка киирэн олороро хараҕыттан көстөр ээ. Дьарыктан тахсан хааллаҕына сөптөөх ыйытыы биэрэн төттөрү киллэрэҕин.