Алексей Васильев: “1985 сыллаах выпусктар үйэлэргэ хаалар үлэни саҕалаатыбыт”
Эһиги оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоргутун кытта төһө элбэхтик алтыһаҕытый? Оскуоланы бүтэриэхпититтэн тэйсибиттэр элбэх буолуохтаахпыт. Биирдэ эмэ көрсөн эрэ ылыахпытын сөп курдук...
Оттон 1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн түмсэн, киһини сөхтөрөр тыаһы таһаардылар, үтүө дьыала хамсааһынын саҕалаан, үөлээннээхтэрин түмтүлэр.
Саха сирин оскуолаларын араас сылларга бүтэрбиттэр бу дьонтон холобур ылыаҕыҥ!
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Алексей Николаевич Васильев – 1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэри түмэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү бэрэссэдээтэлэ.
– Билигин бассаап ситиминэн элбэх киһи тэҥинэн кэпсэтэр кыахтанна. Ону таба тайанныбыт дии саныыбын. Кэм ирдэбилинэн, бары социальнай ситимнэри баһылыыр буоллахпыт дии. Онно мээнэ күннээҕи кэпсэтиинэн муҥурдаммакка, биир интэриэстээхтэр, саастыылаахтар буолан түмсэр туһалааҕын бэйэбит холобурбутунан көрдөрөбүт.
Бастаан 2019 сылга 30-ча киһи буолан кэпсэтэн саҕалаабыппыт, онтон билигин 3000-тан тахса киһилээх түмсүү буоллубут. Бары улааппыт, атахпытыгар турбут дьоммут. Онон туох эрэ улаханы тэрийэн, үтүөнү үксэтэр санаа барыбытыгар да баар этэ.
Үтүө дьыала Кубога Саха сирин барытын кэрийдэ
– Сүрүн бырайыакпытынан “Үтүө дьыала кубога” буолла. Бу Кубок идеятын аан бастаан “Ньурба-85” киллэрбитэ. Ньурба аҕа баһылыга А.М. Иннокентьев быһаччы өйөбүлүттэн тирэх ылан, хамсааһыммыт былырыын атырдьах ыйын 8 күнүгэр Ньурбаттан саҕаламмыта.
– Кубок эстафета курдук бэриллэн иһэр. Быраабылата хайдаҕый?
– Кубогы ылбыт улуус 10 күн иһигэр үтүө дьыала аахсыйаларын оҥорор, онтон салгыы атын улууска тиксэрэр. Ол курдук, субуотунньуктар буолан аастылар, бэтэрээннэргэ, элбэх оҕолоох, кыаммат ыалга, оҕо дьиэлэригэр көмөлөр оҥоһулуннулар. Олоххо араас ыарахаттары көрсүбүт үөлээннээхтэрбитигэр көмөлөр уонна да атын аахсыйалар буоллулар.
Билигин Кубокпыт Саха сирин 33 улууһун кэрийэн, Хаҥаласка кэллэ. Салгыы куорат таһынааҕы нэһилиэктэринэн барыаҕа, онтон Дьокуускайга кэлиэҕэ. Атырдьах ыйыгар үтүө үгэс курдук салҕаннын диэн, оскуоланы бүтэрбиппит 35 сылын көрсө, Кубокпытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга атын сыллардааҕы выпустарга биэрэр баҕалаахпыт.
Үйэлээх тутуулар олоххо киирдилэр
– Туох оҥоһуллубутун ааҕан иһэҕит дуо?
– Сыл иһигэр 450-тан тахса үтүө дьыала аахсыйата тэрилиннэ. Аҥаардас уу харчынан сууматын аахтахха, 1 мөл. 700 тыһ. солкуобайтан тахса суумалаах көмө оҥоһулунна.
Маны таһынан үйэлээх тутуулар олоххо киирбиттэрин хайаан да кэпсиэхпин наада. Ол курдук, Ньурбаҕа оҕо балаһааккатын туттубут; Үөһээ Бүлүүгэ оҕолор учууталга дьиэ тутан биэрдилэр; Бүлүүгэ кинотеатр аттыгар беседка турда; Суотту музейыгар остуол уонна ыскамыайка оҥордубут; Мэҥэ Хаҥаласка Олоҥхо дьиэтин киирэр аарката тутулунна; Тааттаҕа Хадаайы литературнай музейыгар стилизованнай сыана оҥоһулунна; Үс Амма суолун аартыгар стилизованнай ыйынньык турда; Чурапчыга киириигэ Алтан сэргэ аттыгар сынньанар балаҕан туттубут.
Итинник аахтахха, олус элбэх, инникитин хас эмэ үйэҕэ барар үтүө тутуулар олоххо киирдилэр. Санаан көрдөххө, бу биир муниципалитет, биир тэрилтэ, маннык үп-харчы кырыымчык кэмигэр, уйуммат тутуулара. Оттон биһиги түмсүү, сомоҕолоһуу, үтүө санаанан сирдэтинии көмөтүнэн олоххо киллэрэр кыахтаах эбиппит.
– Үксүн кимнээх кыттыһалларый?
– Улуустар бары көхтөөхтүк кыттыһаллар. Кубокпыт хотунан, соҕуруунан барытынан айаннаата. Сөмөлүөтүнэн, араас массыынанан, поеһынан, буранынан, таба уучаҕынан айаннаан, бары улуустарга ыалдьыттаата.
Онон кимнээх ураты көхтөөхтөрүн чорбото сатыыр сыыһа. Улуус аайы үөлээннээхтэрбитин булабыт, түмсэ охсобут. Кубокпыт айаныгар үгүс үтүө санаалаахтар көмөлөстүлэр.
– Бу бырайыаккытынан куонкурустарга кыттыбыт эбиккит...
– Кыайыы 75 сылын көрсө Ыччат министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи онлайн күрэҕи тэрийбитэ. Онно “Үтүө дьыала Кубога” бырайыакпыт “Патриотическай иитиигэ бастыҥ саҕалааһын” диэн номнацияҕа кыайда.
Ол кыайыыбытыттан кынаттанан, Бүтүн Арассыыйатааҕы “Доброволец – 2020” куонкуруска икки номинацияҕа кытта сылдьабыт. 30000 бэриллибит сайаапкаттан 13000 бырайыак финал чиэппэригэр тахсыбыта, онно хапсыбыппыт. Билигин полуфиналга 1500 кэриҥэ бырайыак күрэхтэһэр, онно инники кэккэҕэ сылдьабыт.
Былаан, баҕа санаа элбэх
– Быйыл үбүлүөйдээх сылгыт. Салгыы хайдах үлэлиир былааннааххыт?
– Биһиги балтараа сыл устата бэйэбит баҕа санаабытынан үлэлээн кэллибит. Инникитин Устаап оҥостон, регистрациялатан, Коммерческайа суох уопсастыбаннай түмсүү (НКО) буолар баҕалаахпыт. Билигин докумуон бэлэмнии сылдьабыт.
– Кэпсэтиибит барыта Кубок тула буолан хаалаары гынна. Дьиҥэр, онтон да атын үлэҕит элбэх буоллаҕа.
– Үтүө дьыала Кубога сүрүн үлэбитин тосхоллуур. Ону таһынан зодиактар хамаандалара диэннэр бааллар. Ол аата биир ыйга төрөөбүт оҕолор туспа бөлөхтөрдөөхтөр – 50-100-түү оҕо киирэр. Ый аайы тэрээһин ыыталлар. Холобур, коллекционердар быыстапкалара, гитаранан ырыа киэһэтэ, брейн-ринг, о.д.а. хайысхалаах тэрээһин элбэх.
“Охчуттар” диэн талбыт курдук айар куттаахтары түмпүт бөлөхтөөхпүт, кинилэр кинигэ таһаарыытынан дьарыктаналлар. Икки кинигэ таҕыста. Бастакы серияҕа “Олоххо анал” диэн 35 выпускник туһунан кэпсиир кинигэ таҕыста. Иккис серия “Оскуола-произодство-ВУЗ” диэн систиэмэнэн үүнэн тахсыбыт дьон туһунан, үһүс кинигэҕэ – спортка ситиһиилээхтэри, төрдүскэ – айар куттаах оҕолорбутун сырдатыахтаахпыт. Ити курдук сериянан таһааран иһиэхтээхтэр.
“Киин куорат” хаһыакка Үтүө дьыала Кубогын хамсааһынын кэпсиир балаһалаахпыт. Онон эһиги хаһыаккытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Дьон биһиги үлэбитин ааҕан кыттыһар, өйөбүллэрин биллэрэр.
Киһи сүрэҕин баҕатынан сирдэтиниэхтээх
– Алексей Николаевич, хантан төрүттээххиний? Лидеринэн хайдах таллылар?
– Мин Чурапчыга төрөөбүтүм. Икки сааспар дьонум Тааттаҕа көһөннөр, онно улааппытым. Үөскээбит, улааппыт сирбинэн Тааттабын дэнэбин.
1985 сыллаахха Ытык Күөл орто оскуолатын физика-математика кылааһын бүтэрбитим. Кылааһынан билигин да чугастык доҕордоһобут, күн аайы билсэ олоробут.
Оскуола саҕаттан тэрээһин боппуруостарыгар, хомсомуол актыыбыгар сөбүлээн дьарыктаммыт киһибин. 2019 сыл тохсунньутугар 1985 сыллаах выпусктар бассаап бөлөхтөрө тэриллэн, кэпсэтэн барбыппыт.
Онно сыыйа-баайа сүрүн бөлөх диэн үөскээн тахсыбыта. Бассаап нөҥүө дьоҥҥо санааҕын сааһылаан тиэрдиэххин наада. Ол түмүгэр бөлөххө лидердэр көстөн тахсаллар эбит. Биһиэхэ Уус Алдантан Аннет Афанасьева, Дьокуускайга олорор Ньурбаттан төрүттээх Оксана Соловьева, Хатаска олорор Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Маргарита Степанова, Бүлүүттэн төрүттээх Лилиана Антонова, Мэҥэ Хаҥаластан Евгений Барашков, Бүлүүттэн Павел Романов, Тааттаттан Вера Канаева, Уус Алдантан Андрей Яковлев тахсыбыттара. Ити курдук бастакы тэрийэр кэмитиэт баар буолбута. Сонно-тута мунньахтаан баран, миигин бэрэссэдээтэлинэн талбыттара.
Инникитин былаанныыр НКО-бутугар эмиэ миигин бэрэссэдээтэлинэн таллылар. Элбэх киһи эрэлин толорор санаалаахпын.
– Туох идэлээххиний?
– СГУ педагогическай факультетыгар физкультура учууталын үөрэҕин бүтэрбитим. Аармыйаҕа икки сыл сулууспалаабытым, тааҥкаҕа хамандыырдаабытым.
Мин аармыйаттан кэлэрим, үөрэхпин бүтэрэрим саҕана ырыынак үйэтэ кэлбитэ. Сэбиэскэй Сойууспут суох буолан хаалбыта. Онтон сиэттэрэн, иккис үрдүк үөрэхпин экономическайы баһылаабытым. Араас коммерческай тэрилтэлэргэ үлэлээн баран, Күндү таастар кэмитиэттэригэр экономиһынан уонча сыл үлэлээбитим. Экономическай салаа начаалынньыга буолбутум. Онтон биир кабинеттан тахсыбакка эрэ олорор чунуобунньук үлэтэ миэхэ соччото суоҕун өйдөөн, эппинэн-хааммынан билэн, уурайан хаалбытым. Киһи хаһан баҕарар сүрэҕин баҕатынан сирдэтиниэхтээх эбит.
Тэрилтэ тэринэн предприниматель буолбутум. Кытайы кытта үлэлээбитим, анал тиэхиньикэ аҕалар этибит. Онтон Дьокуускай аэропордугар хааччыйыы салаатын салайбытым. Билигин бэйэм тэрилтэбэр урбаанынан дьарыктана сылдьабын.
Сүрүн түмэр күүс - ИДЕЯ
– Тыһыынчанан киһи хайдах түмсэҕитий? Сороххо биир кылааһынан көрсүү даҕаны уустуктардаах буолар ...
– Түмэр тэрээһин элбэх бириэмэни, сыраны ылар. Сүүһүнэн, тыһыынчанан киһи санаата атын-атына биллэр. 3000-тан тахса киһини түмэр биир ИДЕЯ баар буолуохтаах.
Холобур, бу өрөспүүбүлүкэнэн түмсүү 1983 сыллаахтар саҕалаабыт хамсааһыннара диибит. Ол эрэн сорохтор банкет курдук көрсөллөр эрэ. Үтүө дьыаланан эмиэ дьарыктаналлар, ол эрэн онтукалара систиэмэтэ суох курдук.
Биһиги Кубокпыт чуолкай болдьохтоох, графиктаах буолан, үлэтэ тахсыылаах буолла. Биир уопсай идеялаах буоламмыт, түмсүүбүт күүһүрдэ дии саныыбын. Хас биирдии выпуск уопсастыбаҕа туһалаах идеяны олоххо киллэрдэхтэринэ, төһөлөөх үтүө хамсааһын тахсыа этэй?
80-с сылларга туспа көхтөөх бөлөхтөр бааллар. Биһиги выпусктар Кубокпытын атын көлүөнэлэргэ эстафета курдук биэриэхпит этэ диэбиппитин, биир эрэ выпуска биэримэҥ, 80-ус сылларга барыларыгар биэриҥ диэн этии киллэрбиттэрэ. Ону өйөөн, 80-ус сыллар 9 выпусктарыгар барыларыгар кубок туттарыахпыт. Оччоҕо биир улууска 9 кубок кэлэр, улахан хамсааһын тахсар. Кыттар киһитэ элбиир, көмө оҥоһуллар суумата улаатар.
– Кимнээххэ көмөлөһөҕүтүй?
– Көмөбүт араас дьоҥҥо оҥоһуллар. Ону таһынан алдьархайга түбэспит үөлээннээхтэрбитигэр көмөлөһөбүт. Холобур, Павловскайга олорор алта оҕолоох эдэр ыал дьиэлэрин баһаарга былдьаппыттара, кинилэр Выпуск-85 оҕолоро. Биир күн иһинэн 100 тыһ. хомуллубута.
Көрбөттөр оскуолаларыгар үөрэнэр Айыллаана Степанова клип уһуларыгар 80 тыһыынча солкуобайы хомуйан биэрбиппит.
Биир үөлээннээхпит кэргэнэ быстыбытыгар, суол суоҕуна сүүрэн-көтөн, быыһы-хайаҕаһы булан, харайыытыгар дьаһайсан, харчынан көмөлөспүппүт. Киһибит наһаа махтаммыта.
Ыарахан түгэҥҥэ көмөлөстөххө, киһи бэйэтэ астынар, дуоһуйар эбит. Ыҥырыы таҕыста да, харчы хомуллара түргэн буолааччы.
– Бассаабынан дьону түмүү ураты буолуохтаах.
– Бассаап нөҥүө кэпсэтии уратылаах. Буукубанан суруллубуту хас биирдии киһи араастык интонациялаан ааҕыан сөп. Өһүргэнсии да тахсыан сөп, өйдөһүмүөххэ да сөп. Ол онно саамай сөп тактика – дьону хайҕаан, сэҥээрэн, бирикээстээбэккэ, тугу да бопсубакка кэпсэттэххэ, түргэнник өйдөһөр эбиккин. Выпуск лидердэрэ ону өйдүөхтэрин, сатыахтарын наада эбит.
– Түмсүүгэ киирии усунуостаах дуо?
– Выпуск түмсүүтүгэр киирии буор босхо. Усунуос төлөөбөттөр. Зодиактарынан түмсүүгэ киирии элбэх. Тэрээһиннэр таһымнара үрдүү турар. Бэйэбит саастыылаахтарбытыгар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар биллэр-көстөр буоллубут.
1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит дьон интэриэстэринэн көрөн, баҕалаах бөлөхтөрүгэр киириэхтэрин сөп. Төһө элбэх киһи баар да, түмсүүбүт соччонон күүһүрэр. Киирбит дьону билсиһиннэрэр үгэстээхпит, бэйэҕит туһунан кэпсээҥ, хаартыскаҕытын ыытыҥ диибит.
1985 сыллаах выпусктары быйыл оскуоланы бүтэрбит 35 сыллаах үбүлүөйбүтүнэн эҕэрдэлиибин! Балаһыанньа тубустаҕына, атырдах ыйын 8 күнүгэр отчуоттуур тэрээһиммитигэр кэлээриҥ диэн ыҥырабын! Көҥүллээбэтэхтэринэ, сыҕарытан биэриэхпит.