Зоопарка сайыҥҥа бэлэмнэнэр
"Орто дойду" зоопарка үлэһиттэрэ кэлэр сылаас ыйдарга харамайдарга табыгастаах буоллун диэн күн аайы хаары ыраастыыллар уонна дьиэлэри өрөмүөннүүллэр. Дириэктэри солбуйааччы Спиридон Протопопов хагдаҥ эһэлэр хайыы үйэ кыһыҥҥы утуйууттан уһуктубуттарын, кыыллар сыыйа-баайа сайыҥҥы эрэсиимҥэ көһөн эрэллэр диэн иһитиннэрдэ.
Көтөрдөр эмиэ “тиллэллэр”: күн-дьыл туругар сөп түбэһиннэрэн, туруйалар, павлиннар, индюктар уонна фазаннар таһырдьа тахсан эрэллэр. Орнитолог Иннокентий Бурнашев көтөрдөрү сыыйа-баайа көһөрүү суолтатын бэлиэтиир.
Террариум олохтоохторо эмиэ кыһыҥҥы утуйууттан тахсаллар. Рептилиялар уонна амфибиялар дьыл бу кэмигэр ураты көрүүнү эрэйэллэр.
Зоопаркаҕа Саха сирин олохтоохторо уонна туристар 25 сыл устата сөбүлээн сылдьаллар. Ааспыт сылга 70 тыһыынча кэриҥэ киһи кэлэн барбыт.