Юлия Николаева-Намылҕа: «Бэс ыйыгар сэриибит тохтуура буолуо...»
– Дойду үрдүнэн ыарахан сыл ааста. Кэлбит сылбытыгар ыарахаттар эмиэ бааллар, ол гынан баран ыам ыйын бүтэһигин диэкиттэн бэс ыйыгар сэриибит тохтуура буолуо диэн көрөбүн.
Итэҕэл, култуура уо.д.а. Аан дойдуга ислам пропагандата наһаа күүһүрэн эрэр. Култуура сайдыаҕа, урукку үгэстэр олоххо күүскэ киириэхтэрэ, талаан бөҕө тахсыаҕа. Саҥа ыал үксүөҕэ, элбэх эдэр ыал дьиэлэнэрэ күүтүллэр.
Ый өлүүтэ иккитэ эрэ буолуоҕа: кулун тутар 3 күнүгэр уонна атырдьах ыйын 28 күнүгэр. Атын сылларга түөртэ-биэстэ буолара.
Наукаҕа уонна үөрэҕириигэ үгүс уларыйыы киириэхтээх. Өстөөхтөртөн бактериологическай ыарыылар уо.д.а. араас куһаҕан кэлиэн, ол-бу теракт буолуон сөп.
Айылҕа. Биһиэхэ, хоту, хайалаах сирдэргэ сир хамсааһына баар буолуон сөп. Дойду арҕаа өттүгэр элбэх уу кэлиэҕэ дии саныыбын. Ол эрээри быйыл тыаллаах соҕус, ууну көтүтүө дии саныыбын. Хара уу кэллэҕинэ, Таатта, Нам, Томпо диэки халаан уута кэлэн ааһыаҕын сөп. Сайын сөрүүн соҕус буолара буолуо, от ыйыгар эрэ итийэн ылара дуу. От ыйын ортотугар хаһыҥ түһэн, оҕуруокка, сир аһыгар мэһэйдиэн сөп. От үүнүүтэ орто соҕус, син сөп буолары оттуохтара дии саныыбын. Киин, Бүлүү бөлөх улуустарыгар ойуур баһаардара көстөр курдуктар, ол иһигэр Алдан диэки эмиэ баар.
Сүрүн сүбэ. Оҕолорбутун харыстыах тустаахпыт. Бу айдааннаах кэмҥэ украиналар онно-манна киксэрэн, харчынан манчыыктаан булкуйар кутталлаахтар. Саха сиригэр даҕаны ол-бу теракт биллэн ааһыан сөп, онон бары сэрэхтээх буолуоххайыҥ.
Баҕа санаа. Саха сылгытын курдук, туохха даҕаны бэриммэт күүстээх санаалаах, үлэһит буоллаххытына, элбэҕи ситиһиэххит. Барыгытыгар дьолу-соргуну, үөрүүнү-көтүүнү, бары үтүөнү баҕарабын.
Видео: "Арчы дьиэтэ" Айылгы киинэ
Манна киирэн көр: https://vk.ru/wall-211246818_561