05.10.2026 | 18:30 | Просмотров: 74

Ытык кырдьаҕас, сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ Федора Николаевна Иванова биһиги кэккэбититтэн туораата

Кини 104 сааһын туолбута. 2024 сыллаахха “Киин куорат” хаһыакка Ытык кырдьаҕас «Олоҕу чиэһинэйдик, ыраастык олоруохха!» диэн интервьюта тахсыбыта.
Ытык кырдьаҕас, сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ Федора Николаевна Иванова биһиги кэккэбититтэн туораата
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: СӨ Үлэ уонна социальнай харысхал министиэристибэтэ
Бөлөххө киир

“Киһи саамай үчүгэй хаачыстыбата, мин санаабар, дэлэгэй өйдөөх-санаалаах буолуохтаах. Олоҕу чиэһинэйдик, ыраастык олоруохха наада. Үйэбит тухары үчүгэйгэ эрэ талаһыахтаахпыт. Куһаҕаны кытта эйэлэһэр наадата суох. Киһи бэйэтин өйүн-санаатын туттуна, өрө тардына сырыттаҕына этэҥҥэ сылдьар эбит.  Олохпор туохтан да кэмсиммэппин”, – диэбитэ оччотооҕуга 102 сааһын туолбут Федора Николаевна.

Интервьюну сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыахха сөп: https://kiinkuorat.ru/articles/ytyk-kyrda-as-fedora-ivanova-olo-u-chie-ineydik-yraastyk-oloruohha

Федора Николаевна оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.