Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Баай Байанай ыйа сахаларга булду кытта ситимнээх. Өбүгэ сиэрин-туомун тутуһан, муҥха саҕаланар кэмэ. Былыр-былыргыттан саха киһитэ тымныы түһэн, күөл тоҥорун кэтээн, муҥханы тэрийэрэ.
Сир-сир аайы муҥханы тэрийээччилэр бааллар. Ытык Күөлгэ биир төрүт үгэһи тэнитээччи, тарҕатааччы киһинэн Николай Слепцов буолар. Николай Николаевич киһи, үлэһит быһыытынан дьон ытыктабылын ылыан ылбыт, сүгүөн сүкпүт ытыктанар киһи. Кини ОДьКХ бэтэрээн үлэһитэ, көмүс илиилээх слесарь. Төрөөбүт нэһилиэгин сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсэн, нэһилиэк, улуус дьокутаатынан үлэлээбитэ. Булчут, балыксыт быһыытынан, булт сокуонун тутуһан, үгэс салҕанарын туһугар хаан аймах эр дьонун, уолаттарын, сиэннэрин түмэ тардан, биир дойдулаахтарыгар муҥханы тэрийэр, муҥха сатабылыгар үөрэтэр.
Бүгүҥҥү муҥхаҕа Николай Николаевич хамаандата, ОДьКХ үлэһиттэрэ, “Уһун уонна көхтөөх олох” бырайыагын чэрчитинэн улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин чилиэннэрэ, бэтэрээннэр сырыттыбыт. Бу бырайыагы улуустааҕы ДСИ (сал. Г.Г. Вырдылин), улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрэ (бэрэс. М.А. Попова) сүрүннүүллэр. Муҥханы тэрийээччилэр икки куул собону бу бырайыакка анаатылар, соболор анал ньыманан аппараакка хатарыллан, мээккэлэнэн, АБДь-га сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ыытыллар.
Николай Николаевич хамаандатыгар эр дьон эрэ буолбакка, уонча дьахтар киирэр. Арааһа, маннык хамаанда өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох. Киһи көрөн астынар, хас биирдиилэрэ туһааннаах үлэлээх, туора хамсаныы суох. Күөлгэ сотору-сотору Туйаара дьаһала иһиллэр, ону тэҥэ үлэ эбии эрчимирэр. Туйаара Алексеевна: “Муҥхалаабытым уонтан тахса сыл буолла, Николай Николаевич быһаччы салайыытынан муҥха ыытыллар”, – диэн кэпсээтэ. Куорат Саха политехническай лицейин үөрэнээччилэрэ ини-бии Дьулус, Айаал Бояровтар эбэлээх эһэлэрин кытта кэлбиттэр. Уолаттар сарсын эмиэ муҥхаҕа барабыт дэһэллэр.
Бүгүҥҥү муҥха кэнниттэн, Николай Николаевич уһуйар ыччата инникитин Тааттаҕа муҥханы тэрийиэҕэ, үгэс быстыбакка салҕанар эбит диэн санаалаах, Баай Байанай бэрсибит көмүс хатырыктааҕа өлүүлээх, үөрэн-көтөн кэллим.














