02.11.2026 | 11:14 | Просмотров: 110

Ыттаах-куоскалаах эбэтэр ыттаныан баҕарар дьон болҕомтотугар

СӨ кылаабынай бэтэринээрэ сүбэлиир
Ыттаах-куоскалаах эбэтэр ыттаныан баҕарар дьон болҕомтотугар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Саха сирин бэтэринээрдэрин управлениетын салайааччыта Игнатий Колодезников соторутааҕыта СӨ Бырабыыталыстыбатын «ВКонтакте» уонна «Одноклассники» социальнай ситимҥэ баар официальнай страницаларыгар быһа эпииргэ тахса сырытта. Кини онно “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьиэ кыылларын регистрациятын туһунан” сокуонун сиһилии кэпсээтэ. Холобур, ыты регистрациялатыы быраабылатыгар болҕойорго ыҥырда. Билсиэҕиҥ.

· Ыт оҕотун иитэ ылбыт дьон ыт оҕото икки ыйын туолбут күнүттэн ый (30 күн) иһинэн хайаан да регистрациялатыах кэриҥнээхтэр.

· Ити курдук 2 ыйыттан улахан саастаах ыты ылбыттар эмиэ ый иһинэн регистрациялатыахтаахтар.

· Оттон дьиэ кыылларын быстах кэмҥэ харайар пуунтан ыты ыллахха, ылбыт күҥҥүттэн үс күн хойутаппакка регистрациялатаҕын.

Кини этэринэн, дьиэ кыылын регистрациялатыы – туох хайа иннинэ куттал суох буолуутун инструменнарыттан биирдэстэрэ буолар. Холобур, ытыҥ сүтэр, мунар түгэнигэр төннөрөр кыаҕы улаатыннарар, ону таһынан эпизоотическай балаһыанньаны хонтуруоллуурга быһаарар оруоллаах.

Ыты регистрациялатарга бэтэринээр исписэлииһигэр тиийэргэ туох ирдэнэрий?

· ыт иччитин туһунан дааннай. Ол эбэтэр: АААА, пааспар дааннайа, сибээстэһэр төлөпүөн нүөмэрэ, олорор сир аадырыһа.

· ыт туһунан дааннай: бэтэринээринэй пааспар (баар түгэнигэр), ыт көрүҥэ, боруодата, төрөөбүт күнэ-дьыла, оҥо-дьүһүнэ, чибын нүөмэрэ, ыт аата.

· ииригириини уонна да атын инфекциялары утары ылбыт быһыыларын туһунан сибидиэнньэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп