29.10.2026 | 13:00 | Просмотров: 104

Ыраахтан олорон атыылаһыыга уларыйыы киирэр чинчилээх

Билиҥҥитэ сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааста.
Ыраахтан олорон атыылаһыыга уларыйыы киирэр чинчилээх
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Судаарыстыбаннай Дуума пленарнай мунньаҕар “Туһанааччы быраабын көмүскээһин туһунан” уонна “РФ атыы-тутуу эйгэтин бэрээдэктиир судаарыстыба тирэхтэрин туһунан” сокуоннарга уларытыы киллэрэр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылынна.

Итиннэ  чуолаан ыраахтан олорон сакаастаан ылбыт табаар хаачыстыбаҕа эппиэттэһэрин үрдүнэн  атыылаһааччы ылыан баҕарбат түгэнигэр табаары төннөрүүгэ сыһыаннаах уларыйыы туһунан этиллэр. Туһааннаах сокуон барыла дойду Конституционнай суутун 2026 сыл олунньу 17 күнүгэр таһаарбыт 7-П нүөмэрдээх уурааҕар этиллэр быраапка көрүүтүн олоххо киллэрэр сыаллаах.

Саҥа докумуоҥҥа этиллэринэн, туһанааччы (потребитель) сакаастаабыт табаара төһө да хаачыстыбаҕа эппиэттэһэрин, ылыан баҕарбат буоллаҕына, ол табаарын төттөрү ыытыы ночоотун бэйэтэ төлөһөн туран, талбыт ньыматынан ыытыан сөп буолар. Онуоха атыыһыт төннөрүллүбүт табаар туругун көрөн, бэрэбиэркэлээн ылара кыаллар буолуохтаах. 

Оттон атыылааччы атыылаһааччыларыгар табаары төннөрөр түгэннэригэр төнүннэрии ороскуотун сакаастаабыт киһи бэйэтэ уйунарын туһунан булгуччу иһитиннэриэх кэриҥнээҕэ этиллэр.

Онон ити сокуон барыла кэнники ааҕыыларга өйөнөр түгэнигэр хаачыстыбаҕа эппиэттэспэт, алдьаммыт-кээһэммит, сороҕо угуллубатах эрэ табаары босхо төннөрөр кыахтанабыт. Оттон бүтүн, барыта баар, хаачыстыбалаах табаары төннөрөргө ол ороскуотун бэйэ уйунара наада буолар, арай төнүннэрии ньыматын талар кыах бэриллэр.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп