29.10.2026 | 11:00 | Просмотров: 186

Үйэтитии үлэтин судаарыстыба өйүүр

Хатаска “Тускул” КК “Үйэ” аудиовизуальнай устуудьуйа үлэтигэр дьоһун көмө оҥоһулунна.
Үйэтитии үлэтин судаарыстыба өйүүр
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир

Быйыл Валентин Азотович Чепалов салайааччылаах Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин  “Тускул” култуура киинэ Бүтүн Арассыыйаны хабар “Арассыыйа национальнай бырайыактара”  улахан барыл иһинэн үлэлиир “Дьиэ кэргэн” хайысхаҕа “Дьиэ кэргэн сыаннастара уонна култуура инфраструктурата”   диэн киэҥ далааһыннаах федеральнай  күрэскэ кыттан, онно кыайыылааҕынан тахсан, судаарыстыбаттан уонна олохтоох бүддьүөттэн – Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыттан барыта холбоон үс аҥаар мөлүйүөн солкуобайдаах көмөнү ылла.  

Күрэһи сыаналыырга ордук улахан болҕомтону бэйэ күүһүнэн, кыаҕынан тэринэн, үлэлээн-хамсаан үтүө түмүктэрдээх бырайыактары, бырагыраамалары олоххо киллэрбит кэлэктииптэргэ уурдулар.  Этиллибитин курдук, бу бырагыраама ирдэбилинэн бырайыак номнуо айар-тутар аартыктары арыйан, дьону-сэргэни кытта үлэлэһэн ситиһии, кыайыы-хотуу туонатыгар чиҥник тирэммит, этэргэ дылы, кэпсиирдээх, көрдөрөрдөөх уонна сүрүнэ дьон-сэргэ кэрэхсэбилин, сэргээһинин ылбыт буолуохтаах.

Бырайыак сүрүн сыала – култуурунай нэһилиэстибэни куйаар ситиминэн үйэтитиигэ аудиовизуальнай устуудьуйа көмөтүнэн киинэлэри, биэриилэри, тэттик роликтары устуу, кинигэлэри таһаарыы. Ону ситиһэр туһугар нэһилиэнньэни кытта ыкса алтыһыы күүһүрэн, дириҥээн, дьиэ кэргэнтэн саҕалаан үлэлээн, түмүгэр бүтүн норуот, дойду историята тахсыахтаах.

Өссө биир кэрэхсэбиллээх өрүтэ бу бырайыак сирдьит сулус оҥостор тутула – чинчийэбин, билэбин-көрөбүн, үөрэтэбин, үйэтитэбин. Атыннык эттэххэ, нэһилиэнньэни кытта үлэнэн көлүөнэ дьон ситимин ситии быалыы хатан, аҕам дьон билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиини аныгы тиэхиньикэни уонна технологияны туһанан үлэлээһин буолар. Ол түмүгэр хас биирдии киһиэхэ дойду историятыгар кыттыһарыгар кыах биэрэргэ маастар- кылаастар, үөрэтэр дьарыктар, куурустар, сэминээрдэр ыытыллыахтара.

Дьэ, бу үлэ көхтөөхтүк, күүстээхтик барарын туһугар үрдүк таһымнаахтык видеоҕа устарга, хаартыскаҕа түһэрэргэ, кинигэҕэ бэчээттииргэ аналлаах камералары, уоту-күөһү, бэчээттиир тиэхиньикэни атыылаһарга, “Тускул” КК исписэлиистэрин анал куурустарга эбии үөрэтэргэ үп-харчы бэрилиннэ.   

Бу күннэргэ үрдүк хаачыстыбалаах, киэҥ далааһыннаах үлэни ыыта сылдьар “Тускул” КК иһинэн үлэлиир “Үйэ” аудиовизуальнай устуудьуйаны үөрүүлээх-быһыылаах майгыга арыйыыга СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, “Дьокуускай куорат” уокуруктааҕы дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Ольга Яшина, Олохтоох дьаһалта култуураҕа уонна духуобунаска управлениетын салайааччыта Сардаана Брызгалова, Уокуруктааҕы норуот айымньытын салайааччыта Петр Пестряков састааптаах дэлэгээссийэ кэлэн кытынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон Татьяна Окорокова салайар “Көмүс дорҕооннор” оҕо образцовай вокальнай устуудьуйа иитиллээччилэрин толорууларыгар ырыалары астына-дуоһуйа иһиттилэр-көрдүлэр.

1 / 6

Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, судаарыстыба маннык боччум көмөтө уруккуну умнубакка, ааспыты антах анньыбакка, бэҕэһээҥҥилээх, бүгүҥҥүлээх уонна сарсыҥҥылаах буоларга сыаллаахтарга-соруктаахтарга бэрилиннэ. “Тускуллар” бу чааһыгар урут-уруккуттан күүстээхтик, үтүө түмүктээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбит буоланнар, архыыптарыгар видеонан, хаартысканан матырыйааллара олус элбэх, ону таһынан бэйэлэрин күүстэринэн таһаарбыт ыаллар, тэрилтэлэр, бырайыактар уо.д.а. тустарынан кинигэлэрэ, брошюралара эмиэ киһи мыыммат гына үгүс. Атыннык эттэххэ, “Тускул” КК исписэлиистэрэ тус хайысхаларынан  сурукка-бичиккэ киирбит ирдэбил эрэ быһыытынан үлэлээбэккэ, туохха барытыгар тэҥҥэ хамсаналлар, айаллар-туталлар. Кинилэр бары даҕаны  эргиччи, дэгиттэр талааннаах, дьоҕурдаах уонна оҥорорго-тутарга баҕалаах буоланнар,  ханнык баҕарар тэрээһиҥҥэ бары биир киһи туһугар, биир киһи – барыларын туһугар диэни санааны тутуһаллар.

Инньэ гынан “тускуллары” СӨ култуураҕа министиэристибэтэ бигэргэппит “Сиэрдээх ыал”, “Олоҥхо олохпут ситимэ” бырагыраамаларынан, дойдулар икки ардыларынааҕы таһымнаах “Терпсихора бырааһынньыга” диэн үҥкүү, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Ыллыыр оҕо саас” ырыа, “Ааптардары кытта үлэ” бырайыак чэрчитинэн Д.Ф. Наумовы кытта “Өрөсүссүөрдэр күөн күрэстэрэ” диэн норуот тыйаатырдарын  күрэстэринэн, булчуттарга, балыксыттарга туһуламмыт “Байанай”, тырахтарыыстарга анаммыт “Сатабыл” диэн тэрээһиннэринэн, “Төрүт үгэспит – олохпут төрдө” диэн бырайыагынан уо.д.а.  билэллэр.

Манна ааттамматах үгүс элбэх бырайыакпыт үлэлэрэ тупсуутугар, дириҥииригэр, кэҥииригэр дьоһун көмөҕө ис сүрэхпититтэн махтанан туран, салгыы  сайда-үүнэ туруохпут диэн  санаанан “Тускул” КК  салгыы айар-тутар аартыгынан айанныыр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп