Ыарыыны сэрэтэр үлэ оҕо тэрилтэлэриттэн саҕаланыахтаах
Статистика чахчыларын көрүөххэ:
2022 сыл – 31,7 тыһ. киһи;
2023 сыл – 38,6 тыһ. киһи;
2024 сыл – 42,3 тыһ. киһи.

Бу туһунан Национальнай бибилэтиэкэҕэ буолбут лиэксийэҕэ Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта Маргарита Егоровна Игнатьева иһитиннэрэн турар.
Манна тирэнэр-хамсанар аппараат ордук киэҥник тарҕаммыт ыарыылара киирэллэр: артрит (ревматоиднай, подагрическай), бурсит, миозит, остеохондроз, остеоартроз, сүһүөх икки ардынааҕы диискэ грыжата, сколиоз, хаптаҕай уллуҥахтаах буолуу (плоскостопие).

Тирэнэр-хамсанар аппараат ыарыыларын сүрүн төрүөттэрэ:
- уһун кэм устата биир кэм бөкчөйөн, нүксүччү туттан олоруу;
- оһоллонуу, эчэйии, аһара ноҕуруускаланыы;
- сүһүрүү, аутоиммуннай бырассыас барыыта;
- бэссэстибэ атастаһыытын кэһиллиилэрэ;
- сааһырыыны кытта ситимнээх уларыйыылар;
- хамсаммат буолуу.
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта кэпсээбитинэн, оскуола иннинээҕи уонна үөрэх тэрилтэлэригэр ыарыыны сэрэтэр үлэ тиһиктээхтик ыытыллар, ону туһааннаах уорган кыраҕытык хонтуруоллуур.
Ол курдук, сүрүн болҕомто үөрэх миэстэтин тэрийиигэ ууруллар. Холобур, миэбэл (паарта, остуол уонна олоппостор) хаачыстыбатыгар эрэ буолбакка, үрдүгэр, өҥүгэр, ханна туруохтааҕар тиийэ ирдэбил кытаанах. Ол барыта өҥнөрүнэн маркировкаланар уонна нүөмэрдэнэр.

Колледж устудьуоннара лиэксийэ кэмигэр
Аны туран, оҕо күн аайы оскуолатыгар илдьэ барар кинигэлэрин, сурунар тээбириннэрин ыйааһыныгар эмиэ ирдэбил кытаанах. Ол курдук, бу көрдөрүүлэри куоһарыа суохтаахтар:
1-2 кылаастарга – 1,5 кг;
3-4 кылаастарга – 2 кг;
5-6 кылаастарга – 2,5 кг;
7-8 кылаастарга – 3,5 кг;
9-11 кылаастарга – 4 кг.
Төрөппүттэр оҕо сүгэр суумкатыгар, үрүсээгэр болҕомтолорун ууруох тустаахтар. Алын кылаастарга ол нуорма – 700 г ыарахана суох (учебнига суох, бэйэтин эрэ ыйааһына); орто уонна үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр – 1000 г ыарахана суох буолуохтаах.
Маны таһынан, оскуолаларга хайаан даҕаны физкултуура мүнүүтэлэрэ баар буолуохтаахтар. Судургу да хамсаныылар оҕо доруобуйатыгар туһалаахтар.