23.10.2026 | 17:00 | Просмотров: 108

Ыарыы буулаабытын кэннэ буолбакка, эрдэттэн сэрэммит ордук

Ол эбэтэр, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо диспансеризацияны барыах тустаах. Оттон ол дьиҥ олоххо киириитэ хайдаҕый?
Ыарыы буулаабытын кэннэ буолбакка, эрдэттэн сэрэммит ордук
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин хаартыската
Бөлөххө киир

Бу сыл тоҕус ыйынааҕы түмүгүнэн, Саха сирин 280 тыһыынча  олохтооҕо диспансеризацияны ааспыт. Ол түмүгэр туох-ханнык ыарыылар, аһааҕырыылар уонна нуорматтан туорааһыннар бааллара биллибитий?

Тастан көрүүгэ чэгиэн-чэбдик туруктаах дьон ортотугар:

  • көрдөрүммүт дьон ортотуттан 51,36 бырыһыаннара сыыһа аһыыра биллибит.
  • 47,48 бырыһыаннара улаханнык хамсаммат-имсэммэт дьон.
  • Көрдөрбүт дьон 30 бырыһыаннарыгар “куһаҕан холестерин” таһыма үрдүк.
  • Көрдөрүнээччи 23,63 бырыһыана нуоруматтан тахса ыйааһыннаах. Ол иһигэр 13.23 бырыһыаннара уойуу (ожирение) истиэпэннээх.
  • 10.8 бырыһыаннарыгар хааннарыгар саахар таһыма үрдүк.
  • 16.6 бырыһыаннара  табах тардар, 1,5 бырыһыаннара арыгыһыт буолар кутталлаах.

Итини таһынан ыарыы саҥа саҕаланан эрэр ыстаадьыйата көстүбүт. Ол иһигэр:

  • Ыарыылара бастакытын булуллубут дьон 40 бырыһыаннарын сүрэх уонна тымыр ыарыыта буулаабыт. 2 782 киүи хаанын баттааһына үрдүккэ киирсэр. 319 киһиэхэ сүрэх ишемическай ыарыыта көстүбүт.
  • 663 киһи сахарнай диабеттааҕа биллибит.
  • Куһаҕан искэн 249 киһиэхэ көстүбүт (бары көрүҥ ыарыылартан ити 2,9 бырыһыаны ылар). Диспансеризация кэмигэр көстүбүт онкология ыарыыта I, II ыстаадьыйатыгар сылдьар буолар. Бу түгэҥҥэ искэни толору эмтиир, үтүөрдэр кыах баар.

Санатан эттэххэ, диспансеризация ОМС лииньийэтинэн буор босхо барыллар. Кытаатан көрдөрүнүҥ. Сыл бүтүөр диэри бириэмэ баар.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.