Үөр буолбут ийэ
Биир дьахтар кэргэниттэн арахсан, икки уолун илдьэ атын дэриэбинэҕэ көспүт. Биллэриинэн биир дьиэни эрдэ тиийэн көрбүт. Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбут дьахтар, уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, улаханнык сирэ-тала барбакка, дьиэни атыылаһарга сөбүлэспит.
“Кылаабынайа, өрөмүөннээх, туспа олбуордаах”, – диэн иһигэр үөрэ санаабыт.
Хаһаайын, сүүрбэтиттэн тахсыбыт эдэр киһи, бэйэтэ сүүрэн-көтөн, докумуоннарын боппуруоһун быһаара охсубут. Дьиэҕэ эргэ остуол, түөрт олоппос, дьыбаан, иһит уурар ыскаап, сиэркилэ баар эбит. Дьахтар хаһаайыҥҥа: “Маны барытын хааллараҕыт дуо?” – диэн ыйыппытыгар, киһитэ: “Миэхэ наадата суох”, – диэн тоҥуйдук хардарбыт. Ол курдук, дьиэ-уот боппуруоһун быһааран, үлэ, үөрэх үөһүгэр түспүттэр.
Биир сарсыарда улахан уол ийэтиттэн: “Бөлүүн ким да кэлэ сылдьыбатаҕа дуо?” – диэн ыйыппыт. Онуоха ийэтэ: “Түүн ким кэлиэй? Туох диэн ыйыттаххыный?” – диэн саба саҥарбыт. Уол туох да диэбэтэх.
Дьиҥэр, бу дьиэҕэ көһөн кэлиэхтэриттэн ийэ уола баттатан хаһыытыырын, түүн ортото утуйбакка хаама сылдьарын элбэхтэ көрөрө. “Баҕар, оҕобун туораталлара буолуо. Аҕатын ахтан эрдэҕэ. Арахсыбыппытыттан охсуу да ылаахтаатаҕа. Ол иһин үчүгэйдик утуйбат” дии санаабыта.
Биир сарсыарда уола: “Мин мантан барыахпын баҕарабын. Кыайан олоруо суохпун”, – диэбит ийэтигэр. Онуоха дьахтар: “Ким атаҕастаата? Туох буолла?” – диэн аймана түспүт.
Уола, саҥата суох олоро түһэн баран, бу курдук кэпсээбит:
– Кэлбиппит бастакы түүнүгэр тэлэбиисэр көрөн, хойут сыппытым. Утуйан эрдэхпинэ, ким эрэ аттыбар кэлэн турар курдуга. Мин быраатым хаамыталыы сырыттаҕа дии санаабытым. Арай ким эрэ дьыбааммар олорунан кэбиспитэ уонна тыбыс-тымныы илиитинэн төбөбүттэн имэрийэн барыта. Түүл дуу, илэ дуу диэн өйдөөбөккө сыппытым. Эһигини ыҥыра сатаабытым да, саҥам тахсыбатаҕа. Ол курдук муҥнанан-сордонон син утуйбутум.
Онтон ыла кини хас түүн аайы кэлэр. Ити сиэркилэттэн тахсар. Аттыбар олорон ытыыр уонна төбөбүттэн имэрийэр. Кини уһун баттахтаах, кыра уҥуохтаах эмээхсин. Мэлдьи туохтан эрэ санаарҕаабыт курдук сирэйдээх.
Ити кэпсээн кэнниттэн бары сүбэлэһэн баран, сиэркилэни таһырдьа турар ампаарга таһааран уурбуттар. Уол сыппыт дьыбаанын атын сиргэ көһөрбүттэр. Ол түүн уол: “Бар, миэхэ чугаһаама!” – дии-дии тохтообокко хаһыытаабыт. Уҥуоҕа халыр босхо буолуор диэри куттаммыт уол өйүн сүтэрбит. Балыыһаҕа киллэрбиттэр.
Ийэ барахсан, хайыай, били хаһаайыныгар эрийэ сатаабыт да, киһи төлөпүөнүн ылбатах. Онтон ыалларыгар тахса сылдьыбыт. Туох буолбутун барытын кэпсээн биэрбит. Урут ким олоро сылдьыбытын ыйыталаспыт.
– Дьиэлээх хаһаайка соторутааҕыта олохтон туораабыта. Эрэйдээх, ыт үрбэт, ынах маҥыраабат киһитигэр кубулуйбута. Кэргэнэ ууга түһэн өлбүтэ. Онтон ыла аһыы утаҕы амсайар, оҕотун көрбөт-харайбат буолбута. Дьиэтигэр мээнэ дьону мунньар этэ. Ийэ быраабын быспыттара, оҕотун куоракка баар аймахтара ылбыттара. Кэлин арыгытын эмтэтэн, көнөр аакка барбыта. Ол кэмҥэ уола үөрэҕин бүтэрэн, кэргэннэммит, оҕоломмут. Үөрүүлээх сонуну истэн, бэркэ үөрэн-көтөн, куоракка киирэ сылдьаахтаабыта. Аймахтарыгар тиийэн уол аадырыһын көрдүү сатаабытын биэрбэтэхтэр. Арай көрдөһөн-ааттаһан, төлөпүөнүн ылан дьоллоноохтообут. Эрийбитин уола: «Хаһан да бырастыы гыныам суоҕа. Икки харахпар көстүмэ!” – диэн күргүйдээбит.
Ийэтэ хара өлүөр диэри биирдэ да кэлэ сылдьыбатаҕа. Оннооҕор тиһэх суолугар атаарбатаҕа. “Оҕо сүрэҕэ – тааска” диэн итини эттэхтэрэ, – диэн ыаллара эмээхсин тохтоон ылбыт. – Эн уолгун, арааһа, оҕотугар майгыннатаахтыыра буолуо. Оруобуна кини сааһыгар бүтэһигин көрдөҕө. Онуска үөрэнэ сырыттаҕына куоракка ыыппыттара. Ол иһин киниэхэ эрэ көстөр буоллаҕа. Ыар таһаҕастаах дойдулаатаҕа дии, – диэн кэпсээнин түмүктээбит.
Остуол тула олорон истибит дьон, өр соҕус саҥата суох олорбуттар. Онтон саамай кырдьаҕастара: “Бастаан уруккуттан хаалбыт малы-салы барытын бөххө быраҕыҥ. Дьиэҕитин ыраастатыҥ. Эмээхсин уолун көрдөөн булуҥ. Ийэтин уҥуоҕар бара сырыттын, бырастыы гыннын. Оччоҕуна биирдэ араҕыа”, – диэн сүбэлээбит.
Кырдьаҕас эппитин барытын толорбуттар. Хаһаайыны нэһиилэ көрдөөн булбуттар. Ийэтин уҥуоҕар туран эрэ: “Төһө да хойутаабытым иһин, бырастыы...” – диэн ытыы турбута үһү.
Онтон ыла дьиэ саҥа хаһаайыннара этэҥҥэ олорбуттара.