Ыам ыйыгар социальнай төлөбүрдэр графиктара

Ыам ыйын бырааһынньыктарынан дойду үрдүнэн ыам ыйын 1-4 уонна 8-11 (олунньу 23 күнүгэр бэлиэтэнэр Аҕа дойдуну көмүскээччи күнэ ыам ыйын 8 күнүгэр чэппиэргэ көспүтэ) күннэригэр өрөбүл күннэр биллэриллибиттэрэ.
Манан сибээстээн ый 3 чыыһылатыгар кэлэр федеральнай социальнай босуобуйалар урутаан, муус устар 30 күнүгэр, түһүөхтэрэ. Ыам ыйдааҕы атын босуобуйалар бэс ыйын 3 күнүгэр түһүөхтэрэ. Ый 10 чыыһылатыгар түһэр региональнай босуобуйалар эмиэ эрдэлээн, ыам ыйын 7 күнүгэр киириэхтэрэ.
Социальнай төлөбүрдэр боппуруостарынан 8-800-100-001 босхо нүөмэринэн эрийэн билсиэххэ сөп, диэн үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



