21.10.2026 | 15:00 | Просмотров: 147

Куукунаҕа туох буола турарын билбэккин...

“Киин куорат” дьоруойа Вадим Максимов уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэрэ каадыр тиийбэт кыһалҕатыттан чаастаах үлэҕэ түбэһиэх дьону ылалларын, уопсайынан, бу эйгэҕэ ордук туохтан сөҕөрүн үллэһиннэ. Кини этэринэн, ону бары билиэх тустаахпыт.
Куукунаҕа туох буола турарын билбэккин...
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Куйаар аһаҕас ситимиттэн
Бөлөххө киир

Санатар буоллахха, бэрэски астаан куйаар ситимигэр биллибит Вадим Максимов туһунан «Киин куорат» хаһыат суруйан турар.  

– Биэс сыл тухары уонча рестораҥҥа үлэлээтим, ааттарын эппэппин. Барыларыгар биир кыһалҕаны көрөбүн – мэлдьи повар тиийбэт. Саҥа үлэлии кэлбит эдэр оҕолор, тугу эрэ сөбүлээбэтилэр даҕаны, баран хаалаллар. Олору өйдүөххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, повар үлэтэ, кырдьыгынан эттэххэ, ыарахан. Эн энтузиаст, санааҥ сытар буоллаҕына биирдэ тулуйан үлэлиэххин сөп, – диэн саҕалаата кини.

Итиэннэ повар үлэтигэр тахсыбатаҕына, тэрилтэ кини оннугар “часовик” буларын аһаҕастык кэпсээтэ.

– Ким баҕарар кэлэн үлэлиэн сөп. Холобур, санкиниискэтэ да суох киһи. Ханнык баҕарар омук – саха, киргиз... Оннук систиэмэ, анал бөлөхтөр бааллар. Заготовкаҕа да, сыахтарга да, итинник “часовиктар” мэлдьи баар буолаллар.

Сөҕөрүм диэн, рестораҥҥа сынньана, үчүгэй аһы сии кэлбит киһи куукунаҕа туох буола турарын билбэт. Ону саныыбын ээ... Арай бу киһи туох эрэ ыарыылаах буоллун?

Ресторан барыта оннук диэн эппэппин. Биллэн турар, үчүгэй рестораннар бааллар. Бу видеонан кими да өһүргэтиэхпин баҕарбаппын. Уопуппун уонна тус санаабын үллэстэбин, – диэтэ кини. Итиэннэ рекламаларыгар куукуналарын аһаҕастык көрдөрөллөрүгэр ыҥырда.

Фуд-блогер сурутааччылара сөптөөх тиэмэни көтөхпүтүн бэлиэтээтилэр:

“Эн кэпсииргин истэн баран, кафеҕа, рестораҥҥа сылдьыахпын баҕарбат буоллум”

“Хомойуох иһин, куоракка ырааска эппиэттиир ресторан суох”  

“Дьиэҕитигэр аһааҥ”

“Рестораҥҥа үлэлээбит киһи рестораҥҥа аһаабат буолар”

“Оннук барыта дьэҥкир буолара ордук, кэнникинэн барытыттан куттанан бардым...”

 

***

Кырдьык, дьоҕус куораппытыгар кафе, ресторан эрэ элбэх. Шаурмичнайдар хас хардыы аайы бааллар. Бу сайын ити астан хас даҕаны сүһүрүү түбэлтэтэ тахсыбытын истибит буолуохтааххыт, бэл диэтэр, сорох-сорохторо “фекальнай састааптаахтара” дьиксиннэрбитэ. Онон, фуд-блогер этэрэ оруннаах.

Манна даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта киин куорат 40 №-дээх оскуолатыгар «Аһаҕас куукуна» бырайыак үлэлээн саҕалаата. Төрөппүттэр оскуола остолобуойун үлэтин онлайн көрөр кыахтаннылар.    

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.