“Ыал ипотекатын” биэрии усулуобуйата уларыйда
Бу бүгүҥҥүттэн, о.э. алтынньы 1 күнүттэн саҕалаан, дойду үрдүнэн “Ыал ипотеката” (Семейная ипотека) бырагырааманан кыбартыыра атыылаһарга бэриллэр кирэдьиит ыстаапката уонна бэриллиэн сөптөөх муҥутуур улахан суумата ыал ханнык эрэгийиэҥҥэ олороруттан, оҕотун ахсааныттан (сааһыттан) быһаччы тутулуктаах буолла.
Ол эбэтэр, усулуобуйалара уратылаһар диэн, Москуба, Санк-Петербург уонна Москуба, Ленинград уобаластарын олохтоохторугар дойду бары эрэгийиэннэриттэн туһунан нуорума олохтоммут.
Саха сирин олохтоохторо уопсай дойду үрдүнэн дьайар усулуобуйаҕа хапсарбыт быһыытынан, ону билсиэҕиҥ.
*Дьэ, холобур, Уйбаныаптар “ыал ипотекатын” дуогабарын түһэрсэр кэмнэригэр 7 сааһын туола илик биир оҕолоох буоллахтарына, кинилэр кирэдьиити сыллааҕыта 10 бырыһыан ыстаапканан ылар буоллулар. Кинилэр муҥутаан элбээбитэ 6 мөл. солк. ылар кыахтаахтар.
*Арай өскөтүн кинилэр биир буолбакка, икки оҕолоох, ол оҕолоруттан саатар биирдэрэ, дуогабар түһэрсэр кэмнэригэр, 7 сааһын туола илик эбитэ буоллар, кинилэр кирэдьиити сыллааҕыта 8 бырыһыан ыстаапканан ылыахтара этэ. Ылыан сөптөөх суумалара 8 мөл. солк. диэри улаатыахтаах этэ.
*Оттон арай 3 оҕолоох ыал дуогабардаһар, биир оҕолоро 7 сааһын туола илик буоллаҕына, баан “ыал ипотекатын” кинилэргэ сыллааҕыта 6 бырыһыан ыстаапканан биэрэр. Бэриллэр суума муҥутуур үрдүк кээмэйэ да улаатар – 10 мөл. солк. буолар.
* 4 оҕолоох уонна онтон биирдэрэ 7 сааһын туола илик ыалга баан “ыал ипотекатын", сыллааҕыта 4 бырыһыан ыстаапканан биэрэр. Кинилэр эмиэ муҥутаан элбээбитэ 10 мөл. солк. кирэдьиит ылар кыахтаахтар.
*Дьэ, оттон дуогабар түһэрсэр кэмигэр ыал 5 уонна онтон элбэх оҕолоох, биир оҕото 7 сааһын туола илик буоллаҕына, сыллааҕы бырыһыан ыстаапката баара-суоҕа 2 бырыһыан буолар. Ол эрээри муҥутаан улааппыта син биир 10 мөл. солк. ылар кыахтаахтар.
Өйдөөбүккүт курдук, саҥа сокуонунан, элбэх оҕолоох ыал “ыал ипотекатын” дуогабарын түһэрсэр кэмигэр саатар биир оҕото хайаан да 7 сааһын туола илик буолуохтаах. Иккиһинэн, төһөнөн элбэх оҕолооххун да, оччонон кирэдьиит сыллааҕы бырыһыана намтаан иһэр. Бэриллэр иэс суумата 6–10 мөл.солк. иһинэн халбаҥныыр.
*Өссө биир хобдох уларыйыы – кирэдьиит төлөнөн бүтүөхтээх болдьоҕун 15 сылга диэри кылгаппыттар.
Ити уларыйыы кэтэх дьиэни туттарга уонна сир учаастагын атыылаһарга дьайбат
Ол эбэтэр, “ыал ипотекатын” кирэдьиитин ыал кыбартыыра атыылаһарыгар буолбакка, кэтэх дьиэни туттаары эбэтэр тутулла турар дьиэтин ситэрээри эбэтэр дьиэ туттаары сир атыылаһарыгар анаан ылар буоллаҕына, баан сыллааҕы ыстаапката кинилэргэ уруккунан -- 6 бырыһыанынан -- хаалар. Ону таһынан ыал ханна олороро уонна төһө оҕолооҕо эмиэ суолтата суох.