«Ягодка» дьылҕата хабархай
Сокуоннайа суох эргиэни утары охсуһар ый салҕанар. Киин уокурук управата Курашов уул., 27/1, элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэнигэр турар «Ягодка» диэн лааппы сокуон ирдэбилигэр хоруйдаабатын быһаарда.
Бэрэбиэркэ түмүгэр бу эбийиэк боломуочуйалаах уорган көҥүлэ суох, эбиитин дьиэ эркинигэр ыга (1 м курдук тэйиччи), ону ааһан газоҥҥа турар, ити улахан кэһии буолар.
Бас билээччигэ эбийиэги 5 күн иһигэр тиэйэр туһунан ирдэбил туттарыллыбыт. Хаһаайын ону толорботоҕуна, матырыйааллар Муниципальнай иниспиэксийэлэр управлениетыгар тиэрдиллиэхтэрэ, оччоҕо дьыала өссө уустугуран, күһэйэн тиэйиигэ тиийиэҕэ.
Санатан эттэххэ, Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын кэһэн туран үлэлиир эргиэн эбийиэктэрин хонтуруоллуур сыалтан Олохтоох дьаһалта МАХ мобильнай сыһыарыыга «НТО-Контроль» диэн анал чат-боту үлэлэтэр.


