02.06.2026 | 15:16 | Просмотров: 287

Ыһыах таҥаһын бэйэҕит тиктиҥ!

Дьону иистэнэргэ уһуйар элбэх оҕолоох ийэ Елена Олесова Нам улууһун Хатырыгыттан төрүттээх. 3000 кэриҥэ киһини иискэ уһуйбут, онлайн ньыманан үөрэтиини биир бастакынан тобулбут урбаанньыт..
Ыһыах таҥаһын бэйэҕит тиктиҥ!
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Хаартыска: Дьоруой тиксэриитэ
Бөлөххө киир

– Бастаан эбэбиттэн күрүчүөгүнэн, испиисэнэн баайарга үөрэммитим. Кэлин ийэбиниин иистэнэр буолбуппут, “Бурда” сурунаалтан араас моһуоннаах таҥас быстан тиктэр этибит, аҕабытыгар иккиэн үтүлүк, кээнчэ тигэрбит. Онтон оскуолаҕа үлэ уруогуттан саҕалаан, ииһинэн дьиҥнээхтик үлүһүйбүтүм.

Урбаанньыттар олоҕу атыннык көрөллөр, уратытык толкуйдууллар дииллэр. Мин бэйэбин туох эрэ улахан урбаанньыппын дэммэппин эрээри, үөрэммит идэм “Технология уонна предпринимательство учуутала” диэн ааттаах. Пединститукка үөрэммитим, ол иннинэ Намнааҕы педколледжы бүтэрбитим. Сэттэ сыл устата биһигини талааҥҥытын таба тайанан, дьоҕургутун сайыннаран, бэйэ дьыалатын арыйыҥ, бэйэҕитин бэйэҕит ииттиҥ диэн үөрэппиттэрэ.

Дьону иискэ үөрэтэр оскуолабын арыйарбар социальнай хантараак улахан көмө буолбута. 2019 сыл олунньутуттан дьону үөрэппитинэн барбытым. Онтон ыла 800-тэн тахса киһини иистэнэргэ уһуйдум, ону таһынан 2000-тан тахса киһини онлайн ньыманан үөрэттим.

Бу күннэргэ Елена Олесова онлайн-уруоктарынан элбэх кэрэ аҥаар Ыһыах таҥаһын тигэн эрэр. Халадаайы уонна хаһыаччыгы тигэргэ бытовой иистэнэр массыынаны сатаан туттар эрэ буолуохха наада.

Елена Олесоваттан оноолоох хаһыаччык матырыйаалын суоттааһына:

Тусса (жаккард, парча) – 2,5 м;

Дублерин – 1 м;

Сап – 5 уст.;

(4 м сүрүн өң, 1 тесьматын өңүнэн);

Тесьма – 8-9 м;

Кнопка – 6 уст.

Куруһуба хаһыаччык:

Шантилье куруһуба – 2,5 м;

Сап – 5 уст (4 – матырыйаалын өҥүнэн, 1 – тесьматын өҥүнэн).

Тесьма – 5 м.

Кнопка – 6 м.

Хаһыаччыгы биир күнүнэн тиктиэххэ сөп.

Халадаай:

Бавария эбэтэр Моар солко матырыйаал – 5-7 м;

Дублерин – 50 см;

Штапель (биэтэһигэр) – 3 м;

Сап – 4 уст;

Атахтаах тимэх – 15 уст.;

Көстүбэт молния – 50 см;

Сетка – 20 см;

Бэлэм тимэх биэтилэтэ – 50 см.

Эр киһи хомуһуол соно:

Габардин (костюмнай) – 2,5-3 м;

Дублерин – 3 м;

Биэтэһин матырыйаала – 2,5 м;

Бархат – 30-40 см;

Сап – 4 уст.;

Атахтаах тимэх – 8 уст., көннөрү түмэх – 1 уст.;

Бархат тесьма – 50 см.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.