05.10.2026 | 15:26 | Просмотров: 96

Өйүүн сиреналар тыаһыахтара

Алтынньы 7 күнүгэр Саха сиригэр нэһилиэнньэни сэрэтэр систиэмэни бэрэбиэркэлиэхтэрэ.
Өйүүн сиреналар тыаһыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Саха сиринээҕи ЫБММ
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар, ол иһигэр ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга электросиреналары уонна громкоговорителлэри холбуохтара.

Маны таһынан, Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин иһитиннэриитэ тэлэбиидэнньэ ханаалларыгар көстүөҕэ, араадьыйа долгуннарыгар иһиллиэҕэ.

«МЧС России» мобильнай сыһыарыынан туһанааччылар бэрэбиэркэ туһунан push-биллэриини тутуохтара.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сирена тыаһаатаҕына куттамматтарыгар көрдөһөллөр.

Маннык тэрээһиннэр сэрэтэр систиэмэ үлэтин уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга туһааннаах сулууспалар төһө бэлэмнээхтэрин бэрэбиэркэлиир туһуттан куруук ыытыллаллар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.