06.10.2026 | 14:41 | Просмотров: 81

Водянова былаһааккатыгар оонньуур комплексы сэтинньи саҥатыгар туруоруохтара

Дьокуускайга Водянова былаһааккатынан биллэр «Обнаженные сердца» сквергэ оонньуур былаһааккалары аҕалыыга хантараак түһэрсилиннэ.
Водянова былаһааккатыгар оонньуур комплексы сэтинньи саҥатыгар туруоруохтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу туһунан «Эхо столицы» хаһыакка «Главстрой» тэрилтэ дириэктэрэ Афанасий Александров иһитиннэрдэ.

«Хантараак түһэрсилиннэ, оонньуур былаһааккалары сэтинньи 4–5 күннэригэр аҕалыахтара. Бетон олоҕо кутуллан бэлэм, комплексы таҥан туруоруохха эрэ наада. Таһырдьа тымныйан, боруобалаан көрөр кыахпыт суох, ол эрээри былаһааккалар саас оҕо аймаҕы бэлэм көрсүөхтэрэ», – диэтэ кини.

Санатан эттэххэ, манна хапытаалынай өрөмүөн «Куорат эйгэтин табыгастаах оҥоруу» федеральнай бырайыагынан ыытыллыбыта. Ол чэрчитинэн оонньуур комплекстары, уопсастыбаннай туона бүрүөһүнүн, дьоҕус архитектурнай формаларын, ыскамыайкаларын, күрүөлэрин, тас сырдатыытын, ону тэҥэ уопсастыбаннай аһыыр сирдэри уларыппыттара.

Эһиил аныгылыы тупсаҕай скейт-былаһаакка оҥоһуллара былааннанар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.