18.12.2025 | 15:24 | Просмотров: 118

Владимир Путин пресс-конференциятыгар Саха сириттэн 4 суруналыыс кыттыаҕа

Владимир Путин пресс-конференциятыгар Саха сириттэн 4 суруналыыс кыттыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойду баһылыга Владимир Путин уочараттаах пресс-конференциятыгар Саха сириттэн түөрт суруналыыс кыттыыны ылыаҕа – «Саха» ГТРК ыытааччыта Анна Ярыгина, «Саха» НИКХ ыытааччылара Ирина Ефимова уонна Олег Колесов-Талбан, маны сэргэ Ньурба улууһун «Огни Нюрбы» хаһыатын сүрүн эрэдээктэрэ Лена Петрова. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай куорат «Эхо столицы» уонна «Киин куорат» хаһыаттарыттан урукку өттүгэр араас сылларга суруналыыстар Александр Прокопьев уонна Галина Новикова кыттыыны ылбыттара.

Дойду баһылыга сыл түмүктэринэн суруналыыстары кытта көрсүһүүтүн чэрчитинэн ыйытыыны moskva-putinu.ru (москва-путину.рф) саайт нөҥүө, 0-40-40 нүөмэринэн СМС, ММС көмөтүнэн, эбэтэр 8-800-200-40-40 босхо нүөмэринэн эрийэн биэриэххэ сөп. Ыйытыылары анал мобильнай сыһыарыы көмөтүнэн, «ВКонтакте», «Одноклассники» социальнай ситимнэринэн vk.com/moskvaputinu
уонна ok.ru/moskvaputinu сигэлэринэн, MAX мессенджер көмөтүнэн max.ru/moskvaputinu сигэнэн биэрэр кыах баар.

Биэрии быһа эпииргэ «Первый», «Россия 1», «Россия 24», «НТВ», «ОТР», «Мир», «Маяк», «Вести FM», «Радио России» федеральнай тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа ханаалларынан ахсынньы 19 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 18.00 чаастан көстүөҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.