Вебинарга ыҥыраллар
«Мин биисинэһим» киин ким баҕалааҕы «Грантовая поддержка через систему Электронный бюджет» диэн вебинарга ыҥырар. Грант (субсидия) ылааччылар сайабылыанньа суруйалларыгар информационнай тиһиги сатаан туһамматтара туһугар кыһалҕа буолааччы. Онон маннык үөрэххэ сылдьар туһалаах. Тэрээһин сыала-соруга – дьоҥҥо көмөлөһүү.
Сэминээргэ үөрэнээччилэргэ маннык тиэмэлэри сырдатыахтара. Бастакытынан, “Электроннай бүддьүөт” тиһигэ диэн тугун, туохтан турарын кэпсиэхтэрэ. Иккиһинэн, “Электроннай бүддьүөт” тиһигэр үлэлииргэ туох ирдэнэрин билиһиннэриэхтэрэ. Граҥҥа биитэр субсидияҕа киирсээри сайабылыанньа суруйарга ити тиһиги хайдах сөпкө туттары үөрэтиэхтэрэ. Ону таһынан “Электроннай бүддьүөт” нөҥүө субсидия, грант туруорсарга биисинэс тутаах алҕаһа туох буоларын быһаарыахтара.
Спикер – Аркадий Ксенофонтов, специалист по работе с системой Электроннай бүддьүөт тиһигин кытта үлэ исписэлииһэ.
Ким вебинарга кыттыан баҕарар бу сигэнэн киирэн регистрацияланар: https://forms.yandex.ru/cloud/6ac348d449af47e49fb19137