Вандаллар сылаас тохтобуллары сүгүн туруорбаттар
«Бабушкин уул.» тохтобулга киирэр ааны уонна хоспох аанын эмиэ алдьаппыттар, түннүк сэҥийэтин сорҕотун тоһуппуттар.
«Рихард Зорге» тохтобулга ыскаамыйаны тоҕо тардыбыттар.
«Воинскай» тохтобулга аан тутаахтарын туура тардыбыттар итиэннэ эркин муннуга эмсэҕэлээбит.
Маны таһынан, тохтобулга киирэн тахсар дьон, ол иһигэр оскуола үөрэнээччилэрэ уонна устудьуоннар, бөхтөрүн хаалларар, сиэмэчикэлэрин хаҕын ыһар, утахтарын муостаҕа тоҕор түгэннэрэ бэлиэтэнэр.
Кыһыҥҥы томороон тымныыттан быыһыыр, күһүҥҥү хахсаат тыалтан хаххалыыр, сайыҥҥы самыыртан саһар, сааскы албын халлааҥҥа хорҕойор тохтобулларбытын алдьатыы, үлтү сынньыы, муниципальнай баайы-дуолу харыстаабат буолуу сиэргэ баппат. Өрөмүөн, хомуйуу эбии ороскуоту эрэйэрин өйдүөх тустаахпыт.
Санатан эттээххэ, баайы-дуолу соруйан алдьатыы иһин Арассыыйа Федерациятын Холуобунай кодексын «Вандализм» (214-с ыст.) уонна «Баайы-дуолу соруйан алдьатыы эбэтэр суох оҥоруу» 167-с ыст. олоҕуран, эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп.
Суол-тырааныспар сулууспата куорат баайыгар-дуолугар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга, бэйэ-бэйэни ытыктыырга ыҥырар. Сылаас тохтобуллар туруктара хас биирдиибититтэн тутулуктаах.
Өскөтүн оптуобус тохтобулугар ол-бу кэһиини бэлиэтии көрдөххүтүнэ, колл-кииҥҥэ 300-900 төл. суһаллык эрийэн биллэриҥ.