09.07.2026 | 17:00 | Просмотров: 109

Ууну араарыы кэмигэр туох оҥоһулунна?

Бу түүн куорат үрдүнэн ууну араара сырыттылар. “Водоканал” АУо үлэһиттэрэ хас да эбийиэккэ тэҥинэн баһаам үлэни ыыттылар.
Ууну араарыы кэмигэр туох оҥоһулунна?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Водоканал” пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, былааннаммыт үлэ барыта этиллибит болдьох иһигэр ситиһиллибит. 04:45 чааска ууну баһар тутуулар (водозаборные сооружения) үлэлээбиттэр, 05:45 чааска ууну аһардар водоузеллар холбоммуттар.

Ол курдук, биир түүн иһигэр туттулубут ууну, убаҕас тобохтору ыраастыыр станцияҕа, Жатайга эмиэ маннык үлэлиир станцияҕа, канализация носуостаах станцияларыгар туһааннаах үлэлэр, электрооборудование ревизията, уу линиятыгар ороскуоту мээрэйдиир тэриллэри уларытыы, ууну аһардар линияларга кэккэ үлэлэр барбыттар.

“Бүтүн куорат үрдүнэн ууну араарыы – сүрдээх уустук технологическай үлэ, “Водоканал” араас салаалаларын үтүмэн үгүс үлэһитэ барыта кэриэтэ турунан туран оҥорор үлэлэрэ, ону тэҥэ кыстыкка бэлэмнэнии биир сүрүн дьаһала буолар”, - диэн “Водоканал” тоһоҕолоон бэлиэтиир.


Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.