24.10.2025 | 16:00 | Просмотров: 182

Уу хаачыстыбата куһаҕан түгэнигэр

Уу хаачыстыбата куһаҕан түгэнигэр
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Бөлөххө киир

Кыраантан кэлэр уу дьэбиннээх, кирдээх, хос сыттаах эбэтэр туора амтаннаах буоллаҕына, дьиэлээхтэр хас да инстанцияҕа тэҥинэн үҥсэр, туруорсар бырааптаахтар.

*Бастатан туран, Аварийнай сулууспаҕа эрийэн, уу хаачыстыбаҕа эппиэттэспэтин биллэриэххэ сөп. Туһааннаах сулууспа нүөмэрин дьиэни хааччыйар УК-тан ыйыталаһыҥ. Эпэрээтэр эһиги сайаапкаҕытын ылыахтаах уонна тугу гынаргытын быһаарыах тустаах. Эбэтэр тута эһиги үҥсүүгүтүгэр олоҕуран, УК-ҕа эбэтэр олохтоох Водоканал тэрилтэтигэр билэриэхтээх.

*Сорох түбэлтэҕэ уу амтана, өҥө-дьүһүнэ, куһаҕан сыттаныыта уу ситимигэр олордуллар фильтр киртийбититтэн, алдьаммытыттан буолуон сөп. Онон Управляющай хампаанньаҕа эмиэ сайаапкалаһар наада. УК икки нэдиэлэ иһинэн киирбит сайаапкаҕа олоҕуран, ситими бэрэбиэркэлиэхтээх.  Ону эһиги тус бэйэҕит УК-ҕа тиийэн, биитэр суругунан ыытан туруорсар кыахтааххыт.

* Уунан хааччыйар тэрилтэҕэ сайаапка түһэрэн, уу хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиирин туруорсуохха сөп. Ол түмүгүнэн толорбут аакталарын куоппуйатын эһиэхэ үс күн иһинэн биэриэхтээхтэр.

*Роспотребнадзорга үҥсүү түһэриэххэ сөп. Туһааннаах биэдэмэстибэ саайтыгар киирэн. Онуоха Госуслуги порталыгар “учетнай записькыт” баар буолуохтааҕа ирдэниэ. Почтанан ыытыаххытын, бэйэҕит тиийэ сылдьыаххытын эмиэ сөп. Сайабылыанньаҕытыгар олорор сиргитигэр баар Роспотребнадзор салаатын тэрилтэтин аатын, тутаах дуоһунастаах сирэйин АААА, бэйэҕит АААА, чопчу аадырыскытын ыйан туран, тоҕо, туох төрүөттэн уу хаачыстыбаҕа эппиэттэспэт диэн саныыргытын сиһилии быһааран суруйаҕыт. Илии баттыыгыт, докумуону толорбут күҥҥүтүн-ыйгытын бэлиэтээн ыытаҕыт. Илиинэн суруйар түгэҥҥитигэр сатаан ааҕыллар, өйдөнүмтүө гынан, кичэйэн, ыраастык суруйуҥ. Кыайан аахпатахтарына, харда кэлэрэ саарбах. Биллэн турар, төһө да кыыһырбыт иһин, суруккутугар үөҕэр-таныйар, ыыстыыр тыллары кыбытар табыллыбат. Уу кирин, өҥө хараҥатын тута кэрэһилиир гына, хаартыскаҕа түһэрэн, биидьийэҕэ устан, туруорсуугут түмүгэр туох да ылыллыбатах буоллаҕына, ону көрдөрөр докумуоннардаах буоллаххытына, ону  куоппуйалаан ыытаргыт биһирэнэр. Үҥсүү тиксибит күнүттэн 30 күн иһинэн Роспотребнадзор хардатын, көрүүтүн эһиэхэ биллэриэхтээх. Ол кыаллара уустук түгэнигэр, өссө 30 күн харда кэлиитэ уһуон сөп. Оннук уһуур буоллаҕына, эһигини сэрэтиэхтээх.

*Дьэ, ити да тэрилтэлэр эһиги кыһалҕаҕытыгар “кымаардаан да көрбөтөхтөрүнэ” биитэр сатаан көмөлөспөтөхтөрүнэ, Борокуратуура уонна суут диэннэр баалларын санатабыт. Бу туһунан эмиэ Объясняем.РФ официальнай телеграм-ханаал суруйар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.