Утум салҕанар: үс көлүөнэ - үс Дьоруой ийэ
Туйара Петровна кэргэнэ Сергей Анатольевичтыын биэс уолу, биэс кыыһы - барыта уон оҕону иитэн таһаарбыттар.
Туйара Петровна билигин 13 сиэннээх. Кини эбэтэ Елена Петровна Новикова уонна ийэтэ Татьяна Никифоровна Новикова уон биирдии оҕону төрөтөн-иитэн, ССРС «Дьоруой ийэтэ» бочуоттаах ааты сүкпүттэрэ.
Биир дьиэ кэргэн үс көлүөнэтэ, үс Дьоруой ийэ - бу, чахчы да, күүстээх утум салҕаныыта.
Туйара Петровна 30-тан тахса сыл устата оҕо аймаҕы кытта үлэлээтэ, төрөөбүт нэһилиэгэр элбэҕи оҥорор, ыалларга, эдэр ийэлэргэ көмөлөһөр.
Оҕолоро дьоһун дьон буола улааттылар, үлэлии-хамсыы, сулууспалыы сылдьаллар, бэйэлэрин оҕолорун иитэллэр уонна дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин салгыыллар.
Туйара Петровна Саха сиригэр Арассыыйа Федерациятын «Дьоруой ийэтэ» үрдүк ааты ылбыт иккис кэрэ аҥаарынан буолла. Үрдүк наҕарааданан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин! Чэгиэн доруобуйаны, уһун олоҕу, оҕолоргут, сиэннэргит ортолоругар үгүс дьоллоох күннэр тосхойдуннар, - диэн баҕа санаатын тиэртэ Айсен Николаев.