29.10.2026 | 10:58 | Просмотров: 87

Урбаанньыттарга уонна урбааҥҥа ылсыан баҕалаахтарга

Маны билэриҥ туһалыа
Урбаанньыттарга уонна урбааҥҥа ылсыан баҕалаахтарга
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар (госуслуги) урбаанньыттарга олус туһалаах анал страница баар. Онно урбаанньыт быһыытынан регистрацияланыыттан саҕалаан, биисинэһи хайдах сайыннарыыга тиийэ туһалааҕы булуохха сөп. Сигэтэ – https://www.gosuslugi.ru/landings/regbusiness.

Саҥа ылса, сэргии сатыы сылдьар киһи билбэтэ элбэх буолар. Онуоха ити страница бэртээхэй атас-тоҕор, сүбэһит тэҥэ буолуоҕа. Ол курдук, итиннэ киирэн, ИП, ХЭУо  арыныахха биитэр бэйэ дьарыктаах быһыытынан регистрацияланыахха, дьарыктанар биисинэһиҥ көрүҥүн талыахха, эрэкэмэндээссийэ ылыахха сөп.

Ону тэҥэ бэлиэр урбаанньыт буоллаххына, эн үлэҕэр-хамнаска туһалаах, наадалаах өҥөлөрү итинтэн тахсыбакка олорон туһанар кыахтааххын. Судаарыстыба биисинэһи өйүүр өйөбүллэрин туһунан иһитиннэрии, ИП арынарга тирэх буолар социальнай контракт туһунан сырдатыы эмиэ баар.

Цифровой сиэрбиһи туһаныы үтүө өрүттэрэ: оҥоһуллар өҥө быдан тэтимнээхтик туолар, докумуоннары толорууга барыта ыйылла сылдьар буолан, алҕас толоруу суоҕун тэҥэ буолар, оттон уонна барытын биир сиргэ, дьиэттэн тахсыбакка олорон боппуруоһу быһаартарар табыгаһа ханна барыай?

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.