Уоруйахтар кимнээхтэрэ билиннэ
Быраабы араҥаччылааччылар “түүҥҥү уллуҥахтар” ир суолларын ирдээн, тоҥ суолларын тордоон, уорууга уорбаланар икки эдэр киһини туппуттар. Баара эрэ 21 саастарыгар итинник хобдох суолга туруммут уолаттартан биирдэстэрэ Намтан, иккиһэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхтэр. Быһа барыллаан сэлиэстийэ көрдөрбүтүнэн, кинилэр анаан-минээн кэлэн, ломунан киирэр ааны алдьаппыттар. Ол кэнниттэн биир кэбиниэккэ киирэн өтүүгү уонна иистэнэр массыынаны тутан тахсыбыттар. Уорбут табаардарын сылааһына булан эбитэ дуу, бэйэлэрин наадаларыгар сойбоппуттара дуу, ханна да гымматахтар, бэйэлэригэр баар эбит.
Бу икки уолаҥҥа дойду Холуобунай кодексын 158 ыстатыйатын 2 чааһынан дьыала тэриллибит. Дьэ, эрэй диэтэҕиҥ. Олох-дьаһах ыараан, ааспыт үйэтээҕи 90-сс сылларбыт “төннөн” эрэллэр диэн сэрэхэдийиэх санаа киирэр. Эдэр дьон, сыыһа суолга киирэн, олоххутун алдьаппат, дьоҥҥутун санаа-оноо баттыгар ыыппат гына, сокуону кэһэртэн туттуналлара буоллар.