Уопсай дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн түргэтитиэххэ сөп
Хапытаалынай өрөмүөн пуондата ол туһунан бу курдук быһаарар:
Бастакынан, өскөтүн бу дьиэ хапытаалынай өрөмүөҥҥэ харчыны анал счекка мунньар түгэнигэр. Сөптөөх харчы мунньулуннаҕына эбэтэр үбүлээһин атын источнига көстөр түгэнигэр, дьиэни бас билээччилэр уопсай мунньах тэрийэн, хапытаалынай өрөмүөнү болдьоҕун иннинэ оҥорор туһунан быһаарыныы ылыныахтаахтар.
Иккиһинэн, дьиэни бас билээччилэр бэйэлэрин үптэринэн өрөмүөн хайа эрэ көрүҥүн оҥороллор. Ол суума кэлин региональнай бырагырааманан оҥоһуллар өрөмүөҥҥэ учуоттанар. Маныаха кинилэр, дьиэни бас билээччилэр, харчы төлөммүтүн, үлэ ыытыллыбытын, онон сибээстээн ыйыллыбыт үлэни хаттаан оҥорор төрүөт суоҕун бигэргэтэр докумуоннары бэлэмниэхтээхтэр.
Өссө биир көрүҥүнэн дьиэни бас билээччилэр хапытаалынай өрөмүөн усунуоһуттан элбэх харчыны хомуйуохтарын сөбө буолар. Ол эбэтэр, харчы төһөнөн эрдэ хомуллар даҕаны, өрөмүөн соччонон түргэнник оҥоһуллар.
Аны туран, өскөтүн элбэх кыбартыыралаах дьиэ региональнай бырагаама чугастааҕы былааныгар суох түгэнигэр, өрөмүөҥҥэ сөптөөх харчы хомуллара улахан оруоллаах.
Дьиэни бас билээччилэр тугу гыныахтаахтарый?
* Уопсай мунньах тэрийэн, хапытаалынай өрөмүөнү эрдэ ыытар туһунан быһаарыныыны ылыналлар;
* Ханнык үлэлэр ыытыллалларын, болдьоҕун уонна үбүлээһинин чопчулууллар;
* Муниципальнай тэриллиигэ өрөмүөн ирдэнэрин туһунан биллэрэллэр;
* Олохтоох бүддьүөттэн үбүлээһин кыалларын ыйыталаһаллар;
* Хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар туһааннаах докумуоннары, боротокуоллары тиксэрэллэр.
Маннык түгэҥҥэ Хапытаалнай өрөмүөн пуондата болдьоҕу сыҕарытан биэрэр туһунан быһаарыныыны ылынар кыахтаах.