Уопсастыбаннай тырааныспар туһунан өссө биирдэ
Дмитрий Дмитриевич тырааныспар тиһигин тупсарар, оптуобустар сырыыларын сааһылыыр үлэ күннэтэ ыытылларын бэлиэтээтэ. Кини Суол сулууспатын үлэһиттэрин күнүн иннинэ Суол инфраструктуратын уонна тырааныспар департаменыгар сылдьыбытын, онно уопсастыбаннай тырааныспар үлэтигэр туһааннаах тэрилтэлэр салайааччыларын кытта туһалаах кэпсэтии буолан ааспытын кэпсээтэ. Дмитрий Садовников бу көрсүһүү түмүгэр расписаниены тутуһуу, маршруттары хонтуруоллуур уонна пассажирдары тиэйии хаачыстыбатын тупсарыы боппуруостара кытаанахтык хонтуруолланарын итэҕэйбитин бэлиэтээтэ.
Баһылык көрөөччү ыйытыытыгар хоруйдаан, оптуобус пааркатын саҥардыы туһунан кэпсээтэ. Сыл бүтүөр диэри куоракка 29 саҥа оптуобус кэлэрэ күүтүллэр. Саҥа тиэхиньикэ кэлиитэ уопсастыбаннай тырааныспар үлэтигэр бары өттүнэн үтүө дьайыылаах буолуохтаах, дьон ордук сылдьар хайысхаларыгар оптуобустар сылдьар арыттарын кылгатарга көмөлөһүөхтээх. Ону таһынан, куорат салалтата маршруттар ситимнэригэр уларытыылары киллэрэри былаанныыллар. Ол курдук, саҥа оптуобустар кэллэхтэринэ тырааныспар тиһигин уларытан оҥоруу иккис түһүмэҕин олоххо киллэрэн саҕалыахтаахтар. Ол чэрчитинэн сорох маршруттар хат көрүллүөхтэрин, оптуобустар сылдьар графиктара уларыйыан уонна араас хайысхаларынан тырааныспар ахсаана хат үллэриллиэн сөп.
Дмитрий Садовников этэринэн, бу куорат олохтоохторо айанныылларыгар ордук табыгастаах оҥоруоҕа, оптуобуһу кэтэһэр кэми кылгатыаҕа уонна пассажирдарга өҥөнү оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтиэҕэ.