21.05.2026 | 07:30 | Просмотров: 153

Уонунан тыһыынча биэнсийэлээҕи атырдьах ыйыгар эбиллии күүтэр

Индексацияны ыытарга 8,5 млрд солкуобай көрүлүннэ.
Уонунан тыһыынча биэнсийэлээҕи атырдьах ыйыгар эбиллии күүтэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн Арассыыйаҕа гражданнарга мунньуллар биэнсийэ 17,3% индексацияланыаҕа. Эбии ааҕыллыы 136 тыһыынча кэриҥэ киһини таарыйыаҕа. Бу туһунан РФ Социальнай пуондатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Маны таһынан, үрдэтии дьайыаҕа:

— Биэнсийэ мунньуллар чааһын бииргэ үбүлээһин бырагырааматын кыттыылаахтарыгар;

— Ийэ хапытаалын биэнсийэҕэ ыыппыт төрөппүттэргэ;

— Бииргэ үбүлээһин бырагырааматыгар киирбэккэ, бэйэлэрэ мунньубут дьоҥҥо.

«Маннык биэнсийэлээхтэр харчылара мунньуллар биэнсийэни ылааччылартан өссө үрдүк тэтиминэн, 19,3% улаатыаҕа. Барыллаан ааҕыынан, үрдэтии 37,3 тыһыынча киһини таарыйыаҕа», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Соцпуонда чахчытынан, индексацияны ыытарга уопсай үп кээмэйэ 8,5 млрд солкуобайга тэҥнэһэр. Пуонда бэлиэтииринэн, билигин мунньуллар биэнсийэ орто кээмэйэ ыйга 1,6 тыһыынча солкуобай, оттон болдьохтоох биэнсийэ төлөбүрүн (баҕа өттүнэн мунньубуттарга) орто кээмэйэ — 3 тыһыынча солкуобай.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.