05.10.2026 | 13:43 | Просмотров: 198

“Уол оҕото” Робот Макс эһиэхэ көмөлөһүө

Олохпут сайдан, бастаан өйдүүргэ мачайдаах соҕус да буоллар, араас роботтар, айталар, макстар күннээҕи туһаныыга хаардыы хааман киирэллэрэ үгэскэ кубулуйда. Бу – олохпут тирээн турар ирдэбилэ.
“Уол оҕото”  Робот Макс эһиэхэ көмөлөһүө
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Инновация министиэристибэтин саайтыттан
Бөлөххө киир

Бу сырыыга sakha.gov.ru  платформаҕа үлэлиир Саха сирин судаарыстыбаннай былааһын уорганнарын  официальнай саайтарыгар сыыппара көмөлөһөөччүт Макс робот виджетин туһунан кэпсиэхпит.
Ол аата, тугуй?

Арай эһиги судаарыстыбаннай өҥөнү, сиэрбиһи туһанаары гыммыккыт. Ол эрээри тугу эрэ ситэ билбэт, туохха эрэ быһаарсыбат буолан, чопчулаһыы наадатын өйдүүгүт. Оннук түгэҥҥэ робот Макс эһиэхэ көмө буолуоҕа. Ол эбэтэр, наадалаах иһитиннэриинэн хааччыйыа, судаарыстыбаннай, муниципальнай өҥө кэлим порталыттан (ЕПГУ) эһиги наадаҕытыгар тоҕоостоох сирэйгэ тиэрдэн биэриэ. Ол ыйбыт страницатыттан эһиши электроннай өҥөнү холкутук туһанар кыахтаныаххыт.

Робот Макс диэн – Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө кэлим порталын цифровой көмөлөһөөччүтэ буолар. Кини цифровой өҥөнү туһанааччыга тоҕоостоох судаарыстыюа өҥөлөрөн, сиэрбистэрин туһунан сиһилии иһитиннэриини биэрэр, ол өҥөнү туһанарга салгыы тугу баттыыры, хайдах толорору эн ыйытыыларгар олоҕуран, быһаарар биэрэр кыахтаах.
 

Холобур, Макстан эһиги сайабылыанньалаһарга саныыр төлөбүргүтүн хайдах уонна ханна сайабылыанньалаһаргытын наадатын, эһиэхэ наадалаах ыспыраапканы хантан ылыаххытын сөбүн уонна судаарыстыбаннай сиэрбис ханнык өҥөлөрө эһиэхэ сөп түбэһэллэрин чопчулаһыаххытын сөп. Сүрүнэ, ыйытыыгыт чопчу буолуон наада.
СӨ инновацияҕа уонна сыыппара сайдыытыгар миниистирэ Петр Николаев робот Макс туһунан маннык этэр: “Биһиги судаарыстыба цифровой өҥөлөрү дьоммут холкутук туһаналларын, ону хайдах туһаналлара кинилэргэ өйдөнүмтүө буоларын хааччыйар соруктаахпыт. Ол быһыытынан, дьон судаарыстыннай былаас саайтарыгар киирэн баран, атын ханна да киирэ, көһө сатаабакка, саайка бэйэтигэр Макс роботтан ыйыталаһан, наадыйар иһитиннэриилэрин булан, кини быһаччы сүбэтин сирдэтэн, туһааннаах өҥөнү оҥорор страницаҕа быһа тиийэр кыахтаннылар. Бу маннык дьаһаныы – ыйытык үөскээбит кэмиттэн саҕалаан, чопчу өҥөнү туһаныахха диэри ылар кэми биллэ кылгатар”.

Быһаччы эттэххэ, бу виджети олоххо киллэрии – судаарыстыба цифровой өҥөлөрүн сайыннарар уонна олохтоохтор электроннай өҥөнү туһана үөрэнэллэригэр ананар тиһиктээх үлэ биир бэлиэ көрүҥэ буолар. Туох баҕарар саҥа саҕалыырга өйдөммөт, уустук курдук көстөр идэлээх. Оттон үөрэнэн бардахха, олус судургу буолар. Онон толлумуохха эрэ наада. 



 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.