05.05.2026 | 19:30 | Просмотров: 528

Умнууга хаалбыт сэбиэскэй кэм оонньуулара

Ханнык да гаджеттааҕар мэйии үлэтин сайыннараллар. Аныгы оҕолорго туһалаах буолуохтарын сөп.
Умнууга хаалбыт сэбиэскэй кэм оонньуулара
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Киин куорат» ол оонньуулары ахтан-санаан ааһаргытыгар ыҥырар. 

«Резиночка»/«Эрэһииҥкэ»

Омос көрдөххө, бэрт судургу оонньуу. Ол эрээри ис дьиҥигэр киирдэххэ, координацияны, өйгө тутар уонна сатаан былаанныыр дьоҕуру сайыннарар. Ыстаныы бэрээдэгэ улам уустугурар, оттон эрэһииҥкэни үөһэ таһааран иһиллэр.

Оҕону эт-сиин өттүнэн сымса оҥорорун сэргэ, уустук хамсаныылары өйдүүргэ уонна толорорго үөрэтэр. Бу кэнэҕэскитин программированиеҕа уонна математикаҕа туһалаах сатабыллар.

 

«Морской бой»

Кыттааччылар мээнэ «ытыалаабаттар», «өстөөхтөрүн» кыайар туһугар хас биирдии хамсаныыларын толкуйдуу-толкуйдуу оҥороллор. Бу оонньуу инникини өтө көрөн, ырааҕы-киэҥи анаарарга, ырыҥалыырга уонна түмүгү сөпкө сыаналаан таһаарарга үөрэтэр.  

 

«Классики»

Оҕо атаҕа тирэхтээх буоларыгар туһалыыр, координациятын сайыннарар  уонна утумнаах толкуйу эрэйэр дьарык. Лоп бааччы хамсаныыны, былаанныыр дьоҕуру ирдиир. Аны туран, тиэргэн аайы быраабылата атын-атын буолан, сэбиэскэй кэм оҕолоро түргэнник бодоруһаллара, саҥа усулуобуйаҕа үөрэнэллэригэр көмөлөһөрө.

«Крестики-нолики»

Сэбиэскэй кэм оҕолоро сөбүлээн оонньууллара. Хас да хардыыны урутаан толкуйдууру, утарылаһааччы хамсаныытын өтө көрөрү эрэйэр. Уопсайынан, өйү сытыылыыр бэртээхэй дьарык.

 

«Биһилэх кутуһуу»

Кэтээн көрөр (биһилэх кимиэхэ тиксибитин таайыахтааххын), артыыстыыр (биһилэх ылбыт киһи кистиэхтээх) уонна сэрэйэр дьоҕуру сайыннарар.

 

«Сиэниллэр-сиэниллибэт»

Ыытааччы тыл этэр уонна мээчиги быраҕар, өскөтүн сиэниллэр буоллаҕына, оонньооччу хабан ылыахтаах, сиэниллибэт буоллаҕына – төттөрү охсуохтаах.

Бу судургу быраабылалаах оонньуу мэйии үлэтин сайыннарара дакаастанан турар. Чахчы, тыл суолтатын түргэн үлүгэрдик өйдүү, быһаара охсуохтааххын эбээт.

Өйү сытыылыырга, холобур, көтөр-көппөт, тыынар-тыыммат диэн      өссө уустугурдан биэриэххэ сөп.

 

«Города-реки»

Сир-дойду ааттарын билии ирдэнэр, сыыдам толкуй эрэйиллэр. Тыл саппааһын байытар, өйү сытыылыыр.

 

Ханнык оонньуулары өйдүүр эбиккитий? 

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.