08.10.2026 | 14:45 | Просмотров: 76

“Улыбка” уһуйаан элбэх хайысхалаах спорт-патриотизм былаһааккаланна

Бэҕэһээ Дьокуускай куорат Оҕону сайыннарар киинигэр – 12 нүөмэрдээх “Улыбка” уһуйаааныгар “Олимпик” диэн элбэх хайысхалаах спорт-патриотизм былаһаакката аһылынна. Саҥа эбийиэги Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама иһинэн оҥордулар.
“Улыбка” уһуйаан элбэх хайысхалаах спорт-патриотизм  былаһааккаланна
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Үөрэх министиэристибэтин хаартыскалара
Бөлөххө киир

Бырааһынньык тэҥэ үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ иитээччилэри уонна иитиллээччилэри сэргэ төрөппүттэр, ыҥырыылаах ыалдьыттар сырыттылар.

Уот кыһыл лиэнтэни уһуйаан сэбиэдиссэйэ Марита Прокопьевна Колодезникованы кытта бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччитэ Рустам Агафонов кырыйар чиэстэннэ.

Марита Колодезникова Үп министиэристибэтигэр, куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыгар, Ил Түмэн дьокутаата Иван Даниловка, Строительнай уокурук салалтатыгар, успуонсардарга, бэдэрээтчиттэргэ, төрөппүттэргэ уонна кэлэктиибигэр махтанна. Оҕолорго чэгиэн туругу, ситиһиилэри баҕарда.

Эһиил саас бу манна ыаллыы түстэммит 30 нүөмэрдээх «Малышок» уонна 95 нүөмэрдээх «Зоренька» уһуйааннары кытта кыттыгас тэрээһиннэри ыытыахтарын эттэ.

Строительнай уокурук быраабатын салайааччытын солбуйааччыта Елена Саввинова бу маннык былаһааккалар төрөппүттэн уонна тутааччылар уопсай күүстэринэн, өйөбүллэринэн олоххо киирэллэрин бэлиэтээтэ, уһуйааны тупсаран оҥорууга саҥа бырайыактар баар буолалларыгар баҕарда.

Уһуйаан оҕолоро бу сырдык күҥҥэ анаан бэлэмнээбит ырыаларын-тойуктарын, хоһооннорунан эҕэрдэлээтилэр.

Дьэ, ити курдук «Улыбка» уһуйаан оҕолоро көхтөөхтүк сынньанар, эттэрин-сииннэрин чэбдик салгыҥҥа эрчийэр кыахтаннылар. Бу былаһаакка анаабыт курдук туһааннаах уһуйаан үлэлээбитэ үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн көрсө бэрт бэлэх буолла.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.