05.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 140

Учуутал күнүнэн!

Оҕолор айарга холоноллор
Учуутал күнүнэн!
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат 12-с №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ суруйбут тэттик хоһооннорун үөрэ-көтө таһаарабыт.

 

***

Эһиги биһиэхэ аан дойдуну,

Сырдык суолу арыйаҕыт,

Буурҕалары, сыллары туоратан,

Иннибит диэки салайаҕыт.

Муударай буоларбыт туһугар

Билиини биһиэхэ биэрэҕит.

Бүгүн махтал этэбит

Хас биирдии күҥҥүт иһин,

Сыаналаммат үлэҕит иһин,

Хас биирдии хардыыгыт иһин!

Айыы Тойон харыстаатын!

 

Альберт Егоров, 8 "в" кылаас үөрэнээччитэ

 

Учууталга

Күн аайы уруоккун күүтэбин,

Эйигин көрөн мин үөрэбин,

Санаабын эйиэхэ этэбин,

Махталбын эйиэхэ тиэрдэбин.

Нарыйаана Захарова, 9 "в" кылаас үөрэнээччитэ

***

Билиини тарҕатааччы,

Оҕолору үтүөҕэ, сырдыкка уһуйааччы

Сайдыы төрдүн көҕүлээччи,

Оҕолору түмээччи,

Амарах сүрэҕинэн

Кэнчээри ыччаты

Кэрэҕэ ситимнээччи!

Кини буолар күндү учуутал!

Тася Портнягина, 8 "в" кылаас үөрэнээччитэ

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.