Учуутал, эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, Үөрэх уонна наука миниистирэ Ньургуна Соколова, Дьокуускай куорат баһылыга Дмитрий Садовников, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээт дириэктэрэ Иван Шамаев, М.А. Алексеев үөрэнээччилэрин ассоциациятын, Олохтоох дьаһалта бэрэстэбиитэллэрэ, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна Дьокуускай педагогическай уопсастыбаннаһа кытыннылар.
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов Үөһээ Бүлүүгэ аан дойду таһымнаах физика-математика хайысхалаах оскуоланы тэрийбит, хас да көлүөнэ үөрэнээччилэри иитэн таһаарбыт Михаил Алексеев үөрэҕириигэ эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүдү кылаатын бэлиэтээтэ.

Дьокуускай куорат баһылыга Дмитрий Садовников норуот учууталыгар дириҥ ытыктабылын биллэрдэ. Кини Михаил Алексеев үлэтин Орто Халыма улууһугар саҕалаабытын, Аҕа дойду Улуу сэриитин, билиэни ааспытын уонна тыа сиригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Сойуустааҕы олимпиадалар кыайыылаахтарын, призердарын, учуонайдары иитэн таһаарбытын бэлиэтээтэ.
«Учууталлар хас күн аайы хорсун быһыыны оҥороллор: сүрэхтэрин сылааһын, билиилэрин, күүстэрин-уохтарын үөрэнээччилэригэр аныыллар», – диэтэ Дмитрий Садовников уонна учууталларга махталын биллэрдэ.