24.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 89

Убайбыт курдук эйэҕэс киһи ахсааннаах буоллаҕа...

Биһиги убайбыт, бырааппыт, аҕабыт, эһэбит, таайбыт Мордосов Вячеслав Васильевич бииргэ төрөөбүттэри эрэ буолбакка, аймаҕы барытын түмэр, ситимниир киһибит... этэ диирбитигэр тиийэбит.
Убайбыт курдук эйэҕэс киһи ахсааннаах буоллаҕа...
Ааптар: Бииргэ төрөөбүттэрэ
Бөлөххө киир

Вячеслав Васильевич, Слава, 2025 сыл алтынньы ый 24 күнүгэр суох буолбута. Кини 1958 сыллаахха от ыйын 10 күнүгэр Ленскэй оройуонун Бэтинчэ бөһүөлэгэр элбэх оҕолоох кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһыттан сытыы-хотуу, булугас өйдөөх, саҥалаах, наар үөрэ-көтө сылдьар этэ.

1977 сыллаахха Бэтинчэ орто оскуолатын бүтэрэн күһүн Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы барбыта. Икки сылынан сулууспатын бүтэрэн, Өлүөхүмэ оройуонугар кэлэн сопхуоска үлэлээбитэ. 1982 сыллаахха Иркутскай куоракка киномеханик идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Онно үөрэнэ сылдьан олоҕун аналын, Бүлүү кыыһын Константинова Татьяна Семеновнаны көрсөн, бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэн, ыал буолбуттара. 1983 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн Өлүөхүмэҕэ көһөн кэлбиттэрэ. Түөрт сыл Өлүөхүмэ куоратыгар киномеханигынан үлэлээбитэ уонна кэтэхтэн үөрэнэн Иркутскайдааҕы техникуму бүтэрбитэ. 1987 сылтан 1992 сылга диэри Димитровскай сопхуос 2-Нөрүктээйи отделениетыгар биригэдьииринэн ананан үлэлээбитэ. Сопхуос сабыллан, саҥа олох буолан, уларыйыы бөҕө буолбута. Олохтоох бэйэни салайыныы дьаһалтата тэриллэригэр, бөһүөлэк үлэтигэр элбэх сыратын уурбута. Икки кыыс, икки уол оҕоломмута. Хас да сиэн тапталлаах эһэтэ.

Убайбыт күннээҕи түбүктэн быыс булан аймахтарыгар мэлдьи эрийэрэ. Ким туох-хайдах олорорун сураһан, кимниин кэпсэппитин, хайдах олороллорун билиһиннэрэрэ. Өлүөн иннигэр наһаа сөҕөн: «Мин эрэ эһиэхэ эрийэр эбиппин, эһигиттэн киирэр звонуок суоҕун кэриэтэ», - диэхтээбитэ...

Убайбыт курдук эйэҕэс киһи ахсааннаах буоллаҕа...

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.