Убаһа этэ туох кутталлааҕый?

Профессор, ветеринарнай наука доктора Михаил Петрович Неустроев сылгы ыарыыларын сэрэтиигэ туспа көрүүлээх киһи быһыытынан өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэр. Кини убаһа этин тоҥнуу да, буһаран да сиир сэрэхтээх үйэтигэр олоробут диэн аһаҕастык этэр.
КИҺИЭХЭ КУТТАЛЛААХ СЫЛГЫ ЫАРЫЫЛАРА
– Мин бастакы диссертациябар сылгы хабарҕаһыт ыарыытын үөрэппитим, өрөспүүбүлүкэ убаһатын 65 бырыһыана, ол аата 6-7 ыйдаах эдэр сылгы улахан аҥаара ыалдьара биллибитэ. Уонна бу ыарыыны кытта кэнники сылларга наар бииргэ сылдьар вируснай ыарыы баар – ринопневмония. Эдэр сылгыга ринит уонна пневмония тэҥҥэ үөскүүр. Оттон биэлэр бу ыарыыттан оҕолоро түһэр.
Нэһилиэнньэҕэ ринопневмонияны утары охсуһуу быраабылалара 2021 сыллаахха тахсыбыттара. Манна “ринопневмониянан ыалдьыбыт сылгы этин сиэниллиэ суохтаах” диэн сурулла сылдьар. Буһаран баран кыылга, ыкка бэриллиэхтээх диибит. Оттон биһиэхэ бу ыарыыны диагностикалааһын да, вакцинациялааһын да суох.
Диагностиката оҥоруохха диэн Ветеринария управлениетыгар ыллаабаппын, ытаабаппын эрэ... Бу ыарыы “особо опаснай” ыарыыларга киирбэт диэннэр былааҥҥа киллэрбэттэр. Онуоха Арассыыйа ветеринариятын департаменыгар суруйан турабын. Эппиэттэрин ис хоһооно: маннык былааны субьект бэйэтэ оҥоруохтаах. Ол аата биһиги ол быраабыланы толорбокко олоробут. Билигин бу ыарыынан төһө сылгы ыалдьарын билбэппит. Киһиэхэ сыстар ыарыы.
Бэйэм 1990 сыллаахха Москваҕа лабораторияҕа үлэлии сылдьан ыалдьа сылдьыбытым. Киһиэхэ сыстар ыарыы диэн тута сэрэппиттэрэ. Кэлин чинчийэн, маннык ыарыы биһиэхэ кытта баара бигэргэммитэ. Ол иннигэр Саха сиригэр сылгы вируснай ыарыыта суох дии олорбуттара.
Лептоспироз сылгыга эмиэ баар. Вакцинация оҥороллор – билигин лептоспирозтаах пуун суох дииллэр. Чинчийии оҥороллор. Лептоспироз аан маҥнайгыта киһи ыарыыта. Онтон сибиинньэ, ынах, сылгы, таба ыалдьар.
Бу киһи бүөрүн сиир микроб. Организмҥа элбээтэҕинэ бүөр үлэлээбэт буолан хаалар. Бэйэҕит да билэҕит, билигин диализник ахсаана олус элбэх. Биричиинэтин медицинскэй наука үчүгэйдик үөрэппэт...
2024 сыллаахха оҥорбут чинчийиибитигэр тирэҕирэн эттэхпинэ, лептоспироз Өлөөн кыыл табатыгар булуллубута. Өлөөн табатын этэ атыыга баар, сии олоробут...
Маны таһынан лептоспироз куобахха баар. Сылгыга, ынахха, сибиинньэҕэ баара уруккуттан биллэр. Саамай кутталлааҕа кыыл табаҕа, куобахха баар буолара дии саныыбын. Билигин куобах элбээтэ, онон дьон сэрэхтээх буолуохтаах. Буһардахха, микроба өлөр. Ол эрээри астааһыҥҥа хааныттан, сиикэй этиттэн сыстыахха сөп.
Иерсинеоз. Биһиэхэ чинчийии үчүгэйдик оҥоһулла илик. Медицина да, ветеринария да сулууспата чинчийэ иликтэр. Үлэлэһиэхпитин кыахпыт тиийбэт. Кустан, хаастан, тайахтан, туртастан булабыт. Эмиэ бастакыта киһи ыарыыта, онтон сүөһү киэнэ буолбут ыарыы. Киһи оһоҕоһун сүһүрдэр, "псевдотуберкулез" диэн ыарыыны көбүтэр.
КӨТӨР АҔАЛАР ЫАРЫЫЛАРЫТТАН ЭМИЭ СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУОХХА
Араас вируснай ыарыылары Саха сиригэр кус, хаас таһар. 50-ча вируһу Японияттан, Индияттан, Кытайтан кэлэр кустар таһалларын быһаардыбыт. Ол иһин көтөрү астыырга эмиэ бэрчээккилээх сылдьыахха наада. Кус бэйэтэ ыалдьыбат, тоҕо диэтэххэ кус бэйэтин температурата 42 кыраадыс, ол иһин организмыгар вирус сайдыбат, кини таһааччы (переносчик) эрэ буолар. Көтөрдөр ханна сылдьалларый? Күөлгэ. Оттон кыылларбыт күөл, уу таһыгар үөскүүллэр.
Ринотрахеит диэн ыарыынан Халымаҕа табалар ыарыйдылар. Дьиҥэ, бу ынах сүөһү ыарыыта, Халымаҕа оннук элбэх ынахтара суох. Хантан кэлиэн сөбүй? Кус, хаас аҕалар диибин. Бу өттүгэр билигин туох да күттүөннээх чинчийии суох. Биһиги үйэбитигэр туох эмэ хамсааһын тахсара буоллар.
Аан дойду, Арассыыйа вирусологтара аныгыскы пандемия Саха сириттэн, Арассыыйа тус хоту тайаан сытар сирдэриттэн саҕаланыаҕа диэн теориялаахтар.
Бу барыта кырдьык. Сымыйаны кэпсээччим суох, барытын наукаҕа тирэҕирэн кэпсиибин. Көннөрү дьон быһаарсыбаттар, бу киһи ону-маны туойар диэн бассаапка эҥин тарҕаппыт буолааччылар. Ити барыта науканы кытта ситимнээх үлэ барбатыттан тахсар. Наука тугу ситиспитин тута олоххо киллэрэн иһэрбит буоллар, олохпут сайдыа этэ.
Маннык информацияны киһи билиэхтээх. Оччоҕуна сэрэхтээх буолаҕын.