Уһуйааччы академията устудьуоннары ситимниир
Бу күннэргэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи университет «Академия студенческого наставничества» бырайыага Саха сирин үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннары түмтэ. Ол курдук, бырайыак тэрээһиннэрэ алтынньы 7 күнүгэр саҕаланан, билигин араас үөрэтэр сэминээрдэр, трениннэр, воркшоптар, бырайыак мастарыскыайдара уо.д.а. устудьуон устудьуоҥҥа уһуйааччы, настаабынньык быһыытынан сыһыанын олохтуур туһалаах тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспата тиһигин быспакка иһитиннэрэр.
Чопчулуур буоллахха, бу бырагыраама «Точка роста: Север» Росмолодежь гранынан куонкуруһун кыайыылаах бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар. Тэрээһиҥҥэ ХИФУ, АГАТУ, АГИКИ, Муусука үрдүкү оскуолатын, Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын уонна Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт институтун 135 устудьуона кытта сылдьар.
Академия үлэтэ устудьуоннар икки ардыларыгар настаабынньыктааһын тиһигэ сайдарыгар туһуланар: үрдүкү куурус устудьуоннара бастакы куурустарга үөрэхтэригэр адаптацияны баралларыгар, үөрэх кыһатыгар бэйэни булалларыгар көмөлөһөллөр, оттон саҥа үөрэнэн саҕалааччылар устудьуон түмсүүтэ кинилэри өйүүрүн билэ үөрэнэллэр.
Ааспыт нэдиэлэҕэ тэрээһини үөрүүлээхтик арыйыы кэмигэр ХИФУ ректора Анатолий Николаев улахан куурус устудьуоннарыгар туһаайан настаабынньыктааһын эппиэтинэһи уонна атын дьоҥҥо көмөлөһөргө ис дууһаттан бэлэм буолууну ирдиирин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Ону тэҥэ кыттааччыларга лидер уонна уһуйааччы буолуу судургута суоҕун, аттыгар баар дьон туһугар эпиэтинэһи сүктэрэрин, туора киһиэхэ эрэли, итэҕэли үөскэтэргэ бэйэнэн холобур буолуохха наадатын эппитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна билимҥэ миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай эмиэ устудьуоннарга сүбэ-ама тыллары этэригэр: «Настаабынньыктааһын – бу аат-суол эрэ буолбакка, уопуту үллэстэргэ, көмөҕө наадыйааччыны өйүүргэ бэлэм буолуу. Бу эппиэтинэс уонна киһилии быһыы көстүүтэ», – диэн уһуйааччыга холонор соруктаах мустубут устудьуоннарга олус үчүгэйдик быһаарбыта.
Настаабынньыктааһын академиятын тэрээһиннэрэ алтынньы 17 күнүгэр диэри быыстала суох ыытыллыахтара. Манна устудьуоннар уопуттаах уһуйааччылар холобурдарыгар билиини-көрүүнү ылыахтара, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһыахтара, тус бырайыактарын сырдатыахтара.
Биһиги бу тэрээһиҥҥэ кэлэн көхтөөхтүк кытта сылдьар араас үөрэх кыһаларын устудьуоннарын кытта бырагыраама хайдах баран иһэрин кэпсэттибит, уһуйааччыга холонор устудьуоннар тэрээһиҥҥэ кыттыыларын туһунан тус санааларын үллэһиннилэр.

Антон Васильев, Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтун «Организация перевозок и управление на транспорте» идэтин 3-с кууруһун устудьуона:
– Биһиги «ВЕКТОР» хамаандабыт Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтун аатыттан кыттар. «ПРОнаставник» спикердэр үөрэтэр сэминээрдэригэр лидер оруолун, хамаанданы тэрийии, уопсайынан, хамаанда үлэтин суолтатын туһунан элбэх туһалаах информацияны иһиттим. Лиичинэс быһыытынан салгыы сайдарга, алтыһарга уонна курсант курсаны настаабынньыктыыр «менторскай өйөбүлүгэр» (уопуттаах уһуйааччы уһун кэмҥэ уһуйуллааччытын кытта алтыһыыта. – Аапт.) элбэх үөрүйэҕи (скилл) ыллым.
Ханнык баҕарар дьыала үчүгэй хамаандата уонна ону көҕүлүүр күүһэ суох табыллыбат. Настаабынньыктааһын, мин санаабар, тула баар дьоҥҥо сыһыантан саҕаланар. Мин өрүү саҥа соруктар уонна ыҥырыылар баар буолалларын сөбүлүүбүн.

Билигин биһиги идиэйэлэрбитин олоххо киллэриини саҕалаатыбыт, бастакы куурустар адаптацияны баралларыгар туһуламмыт тэрээһиннэрбитин саҕалаатыбыт.
Бары кыттар хамаандаларга интэриэһинэй көрдөөһүннэри, көһүтүллүбэтэх быһаарыылары уонна, биллэн турар, туруоруммут соругу ситэргэ дьаныары баҕарабын.
Алтынньы 17 күнүгэр бука бары устудьуоннар көҕүлээһиннэрин Киинигэр көрсүөхпүт, манна үлэбит түмүктэрин таһаарыахтара.
Инникитин бэйэбэр ыҥырыы туруорунабын: өссө төгүл бу бырайыакка кыттыахпын баҕарабын.

Диана Гоголева, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт судаарыстыбаннай институтун 2-с кууруһун устудьуона:
– Тэрээһиммит олус үчүгэйдик баран эрэр дии саныыбын. Оҕолор бары олус көхтөөхтөр, бэһиэлэйдэр, ыарахаттары көрөн чаҕыйбаттар. Бу тэрээһин биһиэхэ бэйэбитигэр эмиэ олус наадалаах. Бастакы куурус устудьуоннарын билэн-көрөн, элбэххэ үөрэтэн-такайан, үгүһү билиэхтэрин баҕарабыт. Маннык тэрээһиннэр элбэх туһаны аҕалаллар, инникитин да туһалаах буолуохтара дии саныыбын.

Анатолий Ткаченко, Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун 2-с кууруһун устудьуона:
– Бу үөрэх дьылын саҕаланыыта миэхэ, Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун «Культурология» салаатын 2-с кууруһун устудьуонугар, «Настаабынньыктааһын академиятын» бырайыагар кыттар дьол тосхойбута. Бу түгэн биһиэхэ академическай уонна личность быһыытынан сайдыы саҥа түһүмэҕин арыйар тоҕооһу биэрдэ. Маннык көрсүһүүлэр көмөлөрүнэн биһиги санаа таһымыгар эрэ илдьэ сылдьыбыт идеяларбытын чопчу сыаллаах, былааннаах бырайыак гынан таһаардыбыт. Биһиги саҥа билиини-көрүүнү эрэ ылбатыбыт, ол үлэбитин институт иһигэр да, тас өттүгэр да туһанар санаабыт күүһүрдэ. Бу биһиэхэ идэлээх быһыытынан сайдарбытыгар дьоһуннаах хардыы буолар.
Махталы этиэхпитин баҕарабыт биһиги куратордарбытыгар – социальнай бырайыактарга үлэлии-хамсыы сылдьар исписэлиистэргэ. Кинилэр уопуттара уонна билиилэрин-көрүүлэрин үллэстэргэ бэлэмнэрэ инники ылыахтаах идэбитин атын өттүттэн саҥалыы көрөргө, саҥа кэм технологиялара уонна үгэс буолбут сыаннастар ураты култуура буола холбоһор кыахтаахтарын өйдүүргэ көмөлөстө.
«Академия наставничества» аҥаардас туһалаах үөрүйэхтэри эрэ буолбакка, бэйэ күүһүгэр эрэли үөскэттэ. Билигин биһиги устудьуоннар хамаандабытыгар бырайыакпытын олоххо киллэрэргэ чопчу былааннаах буоллубут. Бу үлэбит олоххо киирэригэр бигэ эрэллээхпит.

Руслана Григорьева, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ пединститутун 4-с кууруһун устудьуона:
– Мин санаабар, бу «Академия студенческого наставничества» курдук тэрээһиннэр настаабынньык суолун тутуһар санааны ылыммыт эбэтэр онно холонон көрөргө санаммыт устудьуоннарга кыаҕы арыйаллар. Ону тэҥэ саҥардыы устудьуон олоҕор үктэммит оҕолорго ыйааччы-кэрдээччи уонна өйөбүл буолуу хайдаҕын бэйэлэринэн билэн-көрөн өйдүүллэригэр көмөлөөхтөр. Мин бу тэрээһиҥҥэ номнуо элбэх оҕоҕо настаабынньык оруолун толоро сылдьар спикердэр кэпсээннэрин сэҥээрэ иһиттим, бу инникитин ыччаты, ол иһигэр устудьуоннары, кытта ситимнээх үлэҕэ салгыы үлэлиири олус көҕүлүүр.
Хаартыскалар: ХИФУ ВКонтакте официальнай страницатыттан уонна дьоруойдар тус архыыптарыттан