16.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 97

ТЮЗ хаарбах уопсайыгар олорбут дьон саҥа дьиэлэннилэр

Дьокуускайга хаарбах туруктаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уопсайыгар олорбут дьиэ кэргэттэргэ “Звезднай” дьоҕус оройуоҥҥа саҥа икки хостоох кыбартыыралар күлүүстэрин туттардылар.
ТЮЗ хаарбах уопсайыгар олорбут дьон саҥа дьиэлэннилэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Бу ыаллар кыһалҕалара балаҕан ыйын 27 күнүгэр буолан ааспыт Ил Дархан быһа эпииригэр эрийэн тиийэн туруорсубуттарын кэннэ быһаарылынна.

22 киһилээх 7 дьиэ кэргэн бары бастайааннай олорор дьиэлэннилэр. Кыбартыыралара көһөн киирэргэ бэлэм, толору өрөмүөннээх, сантехниката, электрическэй билиитэтэ баар.

Санатан эттэххэ, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уопсайыгар атырдьах ыйыгар баһаар буолбута. Кинилэр түргэнник саҥа дьиэлэнэллэригэр араас биэдэмистибэлэр, министиэристибэлэр бииргэ үлэлэстилэр.

***

2019 сылтан Саха сиригэр 1 мөл. кв. м. тахса хаарбах туруктаах дьиэ көтүрүлүннэ, 55 тыһ. тахса киһи олорор усулуобуйата тубуста.

2025-2028 сс. үлэлиир өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан өссө 8,6 тыһ. киһи 1,2 тыһ. тахса элбэх  кыбартыыралаах дьиэттэн көһөрүллүөхтээх.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.