«Туймаада ыһыаҕа-2026»: Сүрүн тэрээһиннэр бырагыраамалара
Быйылгы Туймаада ыһыаҕа Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылларыгар ананар.
Ыһыах сүрүн тэрээһиннэрэ
Бэс ыйын 27 күнэ
09.00 – «Дьөһөгөй Айыы арчыта» ыраастаныы, арчыланыы сиэрэ-туома. «Арчы түһүлгэтэ» (1 №-дээх былаһаакка)
11.30 – Туймаада ыһыаҕын үөрүүлээх арыллыытын сиэрэ-туома. «Тунах түһүлгэтэ» (3 №-дээх былаһаакка)
14.00 – «Туймаада ыһыаҕын оһуокайа». «Оһуохай түһүлгэтэ» (4 №-дээх былаһаакка)
14.00 – «Утум уус» тимир уустарын бэстибээлэ. «Кудай Бахсы» (17 №-дээх былаһаакка)
15.00 – «Туймаада ыһыаҕын мааны таҥаһа» саха таҥаһын күрэҕэ. «Кымыс кырдала» (20 №-дээх былаһаакка)
15.00 – «Дыгын оонньуулара». «Тунах түһүлгэтэ» (3 №-дээх былаһаакка)
19.00 – Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтэ. «И.С. Свинобоев (Тыыннаахап) аатынан ипподром» (9 №-дээх былаһаакка)
21.00 – «Туймаада Куо – 2026» Кэрэ куолар күрэхтэрэ. «Эдэр ыччат түһүлгэтэ» (14 №-дээх былаһаакка)
Бэс ыйын 28 күнэ
02.00 – «Күнү көрсүү сиэрэ-туома». «Күнү көрсүү түһүлгэтэ» (2 №-дээх былаһаакка)
12.00 – «Дыгын оонньуулара» / Финал. «Тунах түһүлгэтэ» (3 №-дээх былаһаакка)
17.00 – «Дыгын оонньуулара» / Наҕараадалааһын. «Тунах түһүлгэтэ» (3 №-дээх былаһаакка)
18.00 – Дьокуускай куорат баһылыгын бирииһигэр ат сүүрдүүтэ. «И.С. Свинобоев (Тыыннаахап) аатынан ипподром» (9 №-дээх былаһаакка)
Ыһыах сиһилии бырагыраамата: https://yakutskcity.ru/calendar/programma-natsionalnogo-prazdnika-ysyakh-tuymaady-2026/
Бырагыраама, оптуобустар сырыылара, Үс Хатыҥ каартата: https://ysyakh.yakadm.ru