12.10.2026 | 16:00 | Просмотров: 111

Туус да араастаах

Күннэтэ ханнык тууһу туттаҕыт? Атыылаһаргытыгар этикеткатын сыныйан ааҕаҕыт дуо?
Туус да араастаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тууһу таларбытыгар бастатан туран туохха анаан ыларбытын билиэхтээхпит. Көннөрү күн аайы сииргэ атын, кэнсиэрбэлииргэ атын тууc туттуллуохтаах.

Туус арааһын сүрүн уратыларын үөрэтэн көрдүбүт:

1. Туус ханна уонна хайдах оҥоһуллубутун көрөбүт.

Таас көһүҥэттэн көйүллэр туус сир аннынааҕы дьапталҕаларыттан ылыллар.

Сөҥөрдүллүбүт эбэтэр бэйэтэ сөҥмүт туус туустаах уу салгыҥҥа көттөҕүнэ сөҥөн хаалар  (муора уонна күөл тууһа).

“Буһарыллар” (выварочная) туус ыраастаммыт рассол уутун көтүтүүттэн тахсар. Саамай ыраас буолар.

2. Туус суордун уонна хайдах үлтүрүтүллүбүтүн көрөбүт.

Туус суорда кини хайдах ыраастаммытын уонна састаабыгар төһө натрий хлорида баарын туоһулуур (барыта ГОСТ ирдэбилигэр эппиэттиэхтээх): “Экстра” – 99,7% натрийдаах, “высшай” суортаахха  98,4%, бастакы суортаахха – 97,7%, иккис суортаахха – 97%. Маныаха «экстра» буолла да бытархай гына мэлиллибит буолуо суоҕун сөп.

Туус үлтүрүтүллүүтүн хаачыстыбатын кристалларын кээмэйинэн суруйаллар. ГОСТ олоҕуран түөрт нүөмэри араараллар: №0 (0,8 мм), №1 (1,2 мм), №2 (2,5 мм), №3 (4,0 мм). Нүөмэрэ төһө улахан да, кристаллара бөдөҥөөн иһэллэр.

3. Эбиликтэринэн.

Маҕаһыыннарга үгүстүк дьуоттаах, ол аата “йодированнай туус” диэн атыыланар (калий йодид эбиликтээх буолар) – туус бу көрүҥэ щитовиднай былчархай ыарыыларын сэрэтиигэ ананар. Бу туус 18 ыйтан ордук хараллар буоллаҕына дьуоттаах, онтон антах дьуота туһата суох, көннөрү туус курдук буолан хаалар.

“Противослеживающие агенты” диэн эбиликтээх буолуон сөп (холобур, “ферроцианид калия Е536” эбэтэр “ферроцианид натрия Е535” диэн этикеткаҕа суруллар) – туус хомуоҕурбатын, таастыйбатын диэн эбэллэр. Күн аайы сииргэ маннык эбилигэ суоҕу ылар ордук.

3. Туохха анаммытынан.

Туус атыылаһаргытыгар хаҕыгар хайаан да  «соль пищевая» диэн суругу көрдүүбүт. Техническэй туус аһылыкка туттуллубат.

4. Туус хаҕыгар хайаан да ханна оҥоһуллубута, оҥорон таһаарааччы аадырыһа толору, туһаныллар болдьоҕо уоннна харайыллар усулуобуйата ыйыллыахтаах.

Хайдах талабыт

Остуолга ууруллар, солонкаҕа кутуллар тууһу бытархайы талабыт – аска түргэнник суураллар.

Көстүрүүлэҕэ, иһиккэ буһар аска – орто кээмэйдэээх туус барсар.

Тууһааһыҥҥа, кэнсиэрбэлээһиҥҥэ, маринадка бөдөҥ тууһу туттар ордук – кристаллара бытааннык суураллар буоланнар аска үчүгэйдик иҥэллэр, рассолга тарҕаналлар.

Араас ырысыаптарга туус грамынан ыйыллар буоллаҕына ханнык көрүҥү туттаргыт уратыта суох – бытархайа, бөдөҥө оруолу оонньообот. Оттон ньуосканан мээрэйдиир буоллаххытына бытархай туус бөдөҥнөөҕөр элбэх баһыллар буолан аска ордук биллиэн сөп.

Онон туус атыылаһарбытыгар этикеткатын сыныйан үөрэтэбит: күн аайы сииргэ – ортокуну, тууһааһыҥҥа – бөдөҥү, соустарга уонна тиэстэҕэ – бытархайы талабыт.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.