Тус сыаллаах үөрэх миэстэтэ: ол туһунан тугу билиэххэ?
Тус сыаллаах үөрэх миэстэтэ: ол туһунан тугу билиэххэ?
ССТА суруйарынан, кэлэр үөрэх дьылыгар дойду үрдүнэн уопсайа 83 тыһ. тус сыаллаах үөрэх миэстэтэ былааннаммыт. Билэргит курдук, билигин тус сыаллаах үөрэххэ киирсиэн баҕалаахтар “Работа в России” диэн порталы манаһыахтарын наада. Тоҕо диэтэххэ, ол портал нөҥүө эрэ ханнык эрэгийиэҥҥэ, куоракка тус сыаллаах үөрэхтэр, онно үөрэттэрэргэ сөпсөһөр тэрилтэлэр, учреждениелар баалларын билэр, сайаапкалаһар кыах бэриллибитэ. Урукку курдук хайа тэрилтэ тус сыаллаах үөрэххэ ыытыан сөбүй диэнтилэх элэйиэр диэри сүүрэкэлиир ирдэммэт.
*Ол быһыытынан, үлэнэн хааччыйар тэрилтэлэр “Работа в России” порталга бу дьыл бэс ыйын 10 күнүгэр диэри ханнык тус сыаллаах үөрэххэ үөрэттэрэргэ наадыйалларын киллэриэх кэриҥнээхтэр.
*Бэс ыйын 20 күнүттэн тус сыаллаах үөрэххэ докумуоннары тутуу саҕаланар. Тус сыаллаах миэстэҕэ сыһыаннаан олохтоммут бэрээдэк иннинээҕи сыллартан улаханнык уларыйбатах. Тэрилтэлэр этиилэрин бу порталга бэс ыйын 10 күнүн аһардыбакка киллэриэхтээхтэр. Онно туох идэлээххэ үөрэттэрэргэ бэлэмнэрэ, үлэ миэстэтинэн хааччыйыы, туох усулуобуйа ирдэнэрэ толору баар буолуохтаах. Тус сыаллаах үөрэх миэстэтигэр киирсээччилэр бэйэлэрин икки ардыларыгар куонкурустаһаллар. Кинилэртэн ким талыллан үөрэххэ киирбитэ атырдьах ый саҕаланыытыттан биллэн барыахтаах.
*2026 сылга тус сыаллаах миэстэлэри тыырыы саҥа быраабыланан барда. Эрдэ дойду бырабыыталыстыбата үөрэх кыһатын араас хайысхаларыгар баар уопсай миэстэттэн төһө бырыһыана тус сыаллаах буолуон сөбүн бырыһыанынан эрэ ыйара.
Оттон быйыл хас биирдии үрдүк үөрэх кыһатыгар ханнык хайысхаҕа, ханнык тэрилтэҕэ уонна эрэгийиэҥҥэ сыһыаннаҕын ыйан туран, тус сыаллаах миэстэ чопчуламмыт ахсаана бэриллэр буолла, диэн Коммерсант. ру суруйар.
*Тус сыаллаах үөрэххэ киирээччилэр үрдүк үөрэх кыһатын уонна идэни баһылаан баран, үлэлии тиийиэхтээх тэрилтэлэрин кытта тэҥинэн дуогабар түһэрсэллэр. Дьупулуом ылан баран, эдэр исписэлиис кэпсэтиилээх тэрилтэтигэр тиийэн, 3 сылтан саҕалаан 5 сыл устата үлэлиэхтээх. Ол болдьохторо дуогабарга эрдэттэн суруллар.
Үрдүк үөрэх кыһатыгар тус сыаллаах үөрэтии миэстэтэ федеральнай хааһынаттан үбүлэнэр. Уопсай бүддьүөт миэстэтиттэн көрүллэр анал квота чэрчитинэн үөрэххэ туттарсааччылар туһунан куонкуруһу ааһаллар.
Быйыл тус сыаллаах үөрэтиигэ көрүллэр 83 тыһ. миэстэттэн 35 тыһыынчаттан тахсата – бакалавриакка, 26 тыһ.– специалитекка, 4 тыһ. – магистратураҕа, оттон 16 тыһыынчата үрдүк кылаастаах каадыры бэлэмниир бырагыраамаҕа тыырыллыбыт.
Быйыл дойду үрдүнэн муҥутуур элбэх квота көрүллүбүт хайысхата доруобуйа харыстабылын уонна мэдиссиинэ наукатын эйгэтэ буолбут. Баларга 33,8 тыһ. миэстэ былааннаммыт. Инженер идэтигэр – 19,5 тыһ., педагогикаҕа – 13,5 тыһ, оттон тыа хаһаайыстыбатын наукатыгар – 9,3 тыһ. миэстэ. Хаалбыт квотаттан уопсастыбаннай наукаҕа анаммыта – 3,1 тыһ., матымаатыка уонна естественнэй эйгэ идэлэригэр – 1,7 тыһ. Итинтэн ордубут 1 тыһ. чугаһыыр квота ускуустуба, култуура уонна гуманитарнай наука эйгэлэригэр сыһыаннаахтар.
Дойду үрдүнэн ордук ханнык идэлээх үлэһиккэ наадыйыы баарын бу сыыппаралар кэрэһилээн эрдэхтэрэ. 2025 сыллааҕы үөрэххэ туттарсыы түмүгүнэн, судаарыстыба үрдүк үөрэх кыһаларыгар анаабыт тус сыаллаах миэстэлэриттэн 40 бырыһыантан тахсата эрэ туолбут этэ. Бу өссө иннинээҕи сылга тэҥнээтэххэ 6,3 бырыһыан пуунунан үрдүгэ суруллубута. Оттон ханнык эрэ хайысхаларга куонкурустаһааччы хара баһаама. Холобур, абитуриеннар чуолаан судаарыстыбаннай мэктиэлээх мэдиссиинэ уонна педагогика хайысхаларын талбыттар.
Тус сыаллаах үөрэҕи сэҥээрбиттэр бу сигэнэн киирэн билсиэххитин сөп. Ирдэнэр иһитиннэриини буларга, туһалааҕа таба тайанарга “илиигитин имитэн” уопутура тураргыт туһалаах буолуоҕа: https://trudvsem.ru/target-education/search