Тумууга көмөлөһөр норуот ньымалара
Ол эрэн бу ньымалар тумуу дьиҥнээх биричиинэтин эмтээбэттэрин өйдүөхтээхпит. Тумуу төрүөтэ араас буолуон сөп – вирус инфекцията, аллергия эбэтэр бактериялаах сүһүрүү. Ол иһин бырааска көрдөрүнүөххэ, диагноһы чуолкайдыахха наада.
Тумууну чэпчэтэр ньымалар
Туустаах уунан сууйуу – куттала суох уонна чахчы туһалаах ньыма. Мурун иһин ыраастыырга, сиигирдэргэ, испитин аччатарга көмөлөһөр.
1 ч.нь. тууһу биир ыстакаан сылаас ууга суурайабыт. Туус суураллыар диэри үчүгэйдик булкуйабыт. Мурун ыраастыыр нети-пот диэн чаанньык баар буолар, оннугу туттуохха сөп. Эбэтэр иннэтэ суох испириис барсар. Туустаах ууну бүлүүһэҕэ кутан муннунан эҕирийиэххэ эмиэ сөп. Саамай сүрүнэ ууну кулгаахпытыгар ыытыа суохтаахпыт, онон сэрэнэн сайҕанабыт.
Муруннарын уҥуоҕа токуруйуулаах, муннуларыгар эт үүнүүлээх дьоҥҥо бу ньыма барсыбат.
Сылаас утаҕы элбэхтик иһии. Тумууга уопсайынан сылаас ууну, чэйи, араас утахтары иһии олус туһалыыр. Организм уутун байытарын таһынан, сили уонна сыыҥы убатан таһаарар.
Тумуулуу сылдьан гаастаах ууну испэппит. Аллергията суох буоллаххытына араас от чэйдэри, муорустары, сыата суох миин арааһын иһиэххитин сөп.
От суурудаһыннарынан ингаляциялар. Тыынары чэпчэтэллэр, сүһүрүүнү аччаталлар. Ордук ромашка уонна шалфей паарыгар тыыныы туһалыыр.
1 ост. нь окко 1 ыст. оргуйбутунан ууну кутабыт. 15-20 мүнүүтэ туруора түһэн баран киэҥ иһиккэ кутан паарынан тыынабыт. Сотторунан бүрүнэн олоруохха сөп.
Уубутун сойута түһэн эрэ баран тыынабыт, оргуйбутунан тута тыыннахпытына быһа сиэтэн кэбиһиэххэ сөп.
Массаас. Муннубутун наһаа күүскэ буолбакка, аргыыйдык массаастаан биэрэбит. Муннубутун устатынан, хааспыт икки ардынан, харахпыт аннынан күүскэ баттаабакка тарбахпытынан массаастанабыт.
Массаас кэннэ мэйиигит эргийэр эбэтэр баттаатаххытына ыалдьар буоллаҕына хайаан да бырааска көрдөрүнүҥ.
Тугу гыныа суохтаахпытый?
Норуокка траҕаммыт сорох нымалар чахчы кутталлаахтар. Холобур, тумуулуу сылдьан үүнээйи сүмэһинин хаапылалыыр сыыһа. Сүбүөкүлэ, чеснок сүмэһинин куттар ньыма олус кутталлаах.
Эфирнэй арыылары куттумаҥ. Мурун иһин быһа сиэн кэбиһиэхтэрин сөп. Ингаляцияҕа кыралаан туттуохха сөп.
Тумуулу сылдьан муруну сылытар сыыһа. Ириҥэлээх гаймориты, сүһүрүүлээх риниты өссө бэргэтиэххэ сөп.
Температуралаах буоллаххытынан паарга тыыныа суохтааххыт.
Суһаллык бырааска барыҥ:
- Тумуугут 10 хонуктан уһаатаҕына.
- Мурун, сүүс диэкинэн тутан көрдөххө ыалдьар буоллаҕына.
- Ириҥэ, күөх сыыҥ тохтооботоҕуна, температура таҕыстаҕына.
Өйдөөҥ: норуот ньымалара ыарыыны чэпчэкитик аһарынарга эрэ көмө буолуохтарын сөп, кинилэр ыарыыны эмтээбэттэр.