Тулагы оскуолатын асчыттара Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ Саха сирин чиэһин көмүскүүллэр
Бүтүн Арассыыйатааҕы «Лучшая школьная столовая-2026» күрэх түмүктүүр түһүмэҕэр П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатын асчыттара кытта сылдьаллар. Манна даҕатан эттэххэ, кинилэр кытаанах сүүмэрдээһини ааһан, дойду таһымнаах күрэххэ кыттар чиэскэ тиксибиттэр. Бу туһунан Үөрэх управлениета иһитиннэрэр. Ол курдук, бастаан муниципальнай күрэххэ кыттыбыттар. Онно куорат түөрт бастыҥ хамаандатын үлэтин СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай диетолога Ульяна Лебедева салайааччылаах экспертэр хамыыһыйалара көрбүт. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ ас-үөл хаачыстыбатын, бүлүүдэ төһө дэлэйин, остолобуой санитарнай туругун, тематическай остуолу киэргэтиини уонна кыттааччылар төрөппүттэр ыйытыыларыгар хоруйдарын сыаналаабыттар.

Тулагы оскуолатын хамаандата өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыайыы өрөгөйүн билэн, Саха сирин чиэһин көмүскүүр быраабы ылбыт. Манна күрэх хамыыһыйата хамаанда сыралаах уонна тэрээһиннээх үлэтин, остолобуой асчыттарын таһымын үрдүктүк сыаналаабытын бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох.
Асчыттар Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах күрэх түмүктүүр түһүмэҕэр кыттан, элбэҕи билэн-көрөн, сонун идиэйэлэри сомсон кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит.