29.11.2024 | 12:00

Туһалаах, сонун тэрээһин буолла

Туһалаах, сонун тэрээһин буолла
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Бу өрөбүлгэ Дьокуускай куорат психологтарын “Этичные и смелые” уопсастыбаннай түмсүүтэ 203-с түөлбэҕэ баар Смарт-бибилэтиэкэҕэ олус наадалаах, дьоҥҥо туһалаах тэрээһини ыытта. 

Бибилэтиэкэ түөрт аудиториятыгар тэҥинэн хас чаас аайы араас тиэмэҕэ 45-тии мүнүүтэлээх 20 маастар-кылаас тэрилиннэ. “Аһаҕас күн” ыалдьыттара 3 этээһинэн кэрийэ сылдьан, сэргээбиттэрин, бэйэлэригэр чугаһы талан, элбэҕи туһаннылар. Быыһыгар экспресс-сүбэлэргэ, БОС (биологическая обратная связь) көмөтүнэн ньиэрбэ тиһигин эрчийэр трениҥҥэ, экспресс-диагностикаҕа киирэн таҕыстылар. Кэрэхсэбиллээҕэ, барытыгар биир-биэс төлөбүрэ суох, босхо сылдьаҕын. 

Волонтёр оҕолор

Тэрээһин ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаммыт. Ханна, хаһыс аудиторияҕа туох буолара, хастан саҕаланара көстүүлээх сиргэ ыйаммыт. Киирээти кытта, хас этээс аайы кэлбит дьону үөрэ-көтө көрсөр, ыйан-кэрдэн биэрэр волонтёрдар бааллара. Психологтар бары ааттара-суоллара, идэлэрэ ыйыллыбыт бейджиктээхтэр. Утах, сэмсэ ас атыыланар муннуга кытта баар.

Психология наукатын кандидата, идэтийбит коуч, Психология институтугар 20-тэн тахса сыл үлэлээн баран, түөрт сыллааҕыттан “Триада PSI” уйулҕа киинин тэрийэн үлэлэтэр, “Этичные и смелые” уопсастыбаннай түмсүү түсчүтэ Мария Семёновна Нафанаилованы булан, кэпсэтэ сырыттыбыт. Төһө да түбүк үөһүгэр сырыттар, быыс булан, манныгы кэпсээтэ:

– Биир идэлээхтэрбин түмүөхпүн уруккуттан баҕарарым. Институкка үлэлиирбэр устудьуоннарбын быһаччы үлэлэһэ сылдьар, уопуттаах психологтары кытта билсиһиннэрэр дьүккүөрдээҕим. Түөрт сыллааҕыта тохтоон, туһунан баран, Психологическай киин тэрийэргэ санаммытым. Санкт-Петербурга 20 сыллааҕыта бииргэ үөрэммит кыргыттарбыныын үһүөбүт.  Сүрүннээн тэрилтэлэри кытта үлэлэһэбит. Бизнес-трениннэри ыытабыт. Биирдиилээн дьоҥҥо да көмөлөһөбүт.

Хомойуох иһин, дьиҥ олоххо үгүс дьон идэтийбит психологтар баалларын, кимиэхэ уонна хайдах көмөлөһүөхпүтүн  сөбүн билбэттэр. Туох ыйытыктаах тиийиэххэ сөбүн эмиэ быһаарсыбаттар. Быйыл кулун тутарга психологтар мустан, “Этичные и смелые” диэн түмсүү (собщество) тэрийбиппит. Ол эбэтэр психолог кодексын тутуһан туран, дьон билэн туһанарын курдук, идэбит, үлэбит туһунан сырдатар соруктаахпыт. Психологтарга килийиэн, кини кыһалҕатын туһунан кэпсээбэт тулхадыйбат быраабылалаахпыт. Бэйэбит да туспутунан улаханнык кэпсээбэппит. “Маннык кыһалҕалаах киһи кэллэ уонна маннык буолла” диэн баарынан этэрбит табыллыбат.  Ол иһин дьон психологтары билбэт, өйдөбүллэрэ да суох диэххэ сөп. Ол кэмҥэ психологияҕа төрүт да сыһыана суох, идэтийбэтэх, албын психологтар (псевдо-психологи) дьоҥҥо көмөнү оҥоруохтарын оннугар, төттөрүтүн, охсууну оҥорбут түбэлтэлэрэ үгүстүк тахсыталыыр буолла. Түмүгэр психолог идэтигэр сыыһа өйдөбүл, итэҕэйбэт буолуу үөскүүр: сатаан көмөлөспөттөр, туһата суохтар. Оннук буолбатах. Таһымнаах, дьиҥ көмөнү оҥорор уйулҕа үөрэхтээхтэрэ бааллар. Аҥаардас Психология института да төһөлөөх исписэлииһи иитэн-такайан таһаарбыта буолуой?! Кинилэртэн араас тэрилтэлэргэ үлэлээн, дьоҥҥо туһалыы, көмөлөһө сылдьааччы элбэх.

Тэрээһиммит тутаах сыала – нэһилиэнньэҕэ анал үөрэхтээх, идэтийбит психологтары билиһиннэрии. Маннык кыһалҕаҕа маннык исписэлиискэ барыахха сөп диэн сырдатар, көрдөрөр ис хоһоонноох. Манна сылдьан, көрөн-истэн баран, киһи, дьэ, кимиэхэ барыан, ким көмөлөһүөн сөбүн өйдүүр, талар кыахтанар. Маастар-кылаастары сэргэ экспресс-сүбэлэри киллэрдибит. Манан биһиги 20 мүн. иһигэр кыһалҕаны үллэстэн, идэлээх киһиттэн харда, сүбэ ылыахха сөбүн көрдөрөбүт. Чопчу “маннык гын, маннык дьаһан” диэн дьаһайбаппыт. Маннык хайысхаларынан үлэлэһиэххин сөп диэн, хас да суолу холобур быһыытынан этэбит. Ол түмүгүнэн киһи бэйэтэ толкуйданан, тус бэйэтигэр сөптөөх, барсар диэбитин талыахтаах.

– Элбэх интэриэһинэй хайысханы, тиэмэни хаппыккыт. Хайдах быһыылаахтык наардаан, талан киллэрдигит?

Нэһилиэнньэ ордук туохха наадыйарынан сирдэттибит. Холобур, билигин сарсын-өйүүн туох, хайдах олох кэлэрэ чопчута суох, иэрэҥ-саараҥ кэмҥэ олоробут. Дьоҥҥо долгуйуу (тревога), тыҥааһын тыына көстөр. Күүрэн баран сылдьыы, мунуу-мунаахсыйыы, уйуһуйуу туругун бэлиэтииллэр. Ол иһин долгуйууга сыһыаннаах икки маастар кылааһы, экспресс-сүбэни киллэрдибит. Долгуйуу туругуттан тахсарга көмөлөһөр кыахтаах психиатр бырааһы, психотерапевы, клиническэй психологтары ыҥырдыбыт. Иккис тарҕаммыт тиэмэ – киһи бэйэтин билиэн баҕарыыта. “Мин кимминий, туохпунуй? Мин олохтон тугу баҕарабыный?” ыйытыкка харданы көрдөөһүн. Олоххо бэйэ миэстэтин көрдөнүү.

Экзистенциа́льная психоло́гия диэн олус интэриэһинэй хайысха баар. Киһи олоҕор уустук кэмнэр – кризистэр диэн баар буолаллар. “Орто саас кризиһэ”, “эрдьигэн оҕо уустук сааһа” диэбит курдук. Киһи ол кэмҥэ хайдах эрэ бэйэтин сүтэрэн кэбиһэр. Тугу баҕарарын да билбэт, “муммут кус оҕотун курдук”  туруктанар. Тугу эрэ уларытыан баҕарар да, ол чопчу туох буолуоҕун эмиэ билбэт. Итиннэ эмиэ болҕойдубут.

Аны, төрөппүт хаһан баҕарар оҕотун туһун саныыр. “Туох дьарыкка сырытыннарабыный? Үөрэҕэр интэриэһэ сүттэ, онуоха хайдах көмөлөһөбүнүй? Оҕобун кытта хайдах өйдөһөбүнүй?” – курдук хабааннаах ыйытык үгүстэри үүйэ турар. Ол иһин “Төрөппүт уонна оҕо икки ардыгар сыһыаны” эмиэ киллэрдибит.

Ону тэҥинэн дьон сахалыы саҥарар, быһаарар психологка наадыйар. Төрөөбүт тылынан ордук тиийимтиэ, өйдөнүмтүө буолар. Ол иһин бүгүн сахалыы тыллаах дьиэ кэргэн психологын, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй психологын ыҥырдыбыт. Сүбэлиэхтэрэ-амалыахтара. Бэйэм да сахалыы быһаарарбар уустугурабын. Биир идэлээхтэрим төрөөбүт тылларынан ирэ-хоро быһаарсалларыттан олус үөрэбин.  Аны, харчы тиэмэтин ханна  да гыммаппыт, олох буоллаҕа. Онон итиннэ сыһыаннаах маастар-кылааһы уонна экспресс-консультацияны киллэрбиппит.

Психология кинигэлэрин быыстапката буолла

Сөп ээ. Иэс хабалатыгар киирэн эбэтэр түөкүттэргэ түбэһэн, сир-халлаан сиҥнэр түгэнэ, онтон сэдиптээн, бэл, олохтон барыы хобдох түбэлтэтэ кытта тахсар дии. Харчы тиэмэтигэр  сааланы толору киһи мустубута да ону кэрэһилиир. Уопсастыбаҕа маннык туһалаах тэрээһини, өрүү да буоларын курдук, уопсастыбанньыктар тэрийбиккит. Түмсүүгүт туһунан билиһиннэрбэккин ээ? Төһө элбэххитий?

– Сүүсчэбит. Үгүстэрэ психология институтун бүтэрбиттэр. Ону тэҥэ идэтийбит кэллиэгэлэрбит бааллар. Бу – уопсастыбаннай хамсааһын. Бастакы тэрийиибит буолан, долгуйа санаабытым. 15 киһилээх үлэлиир бөлөх бэрт түргэн кэм иһигэр хомуллан хаалбыта. Тыл аҥаарыттан өйдөһөр, сөбүгэр тэрийэр, салайар дьоҕурдаах дьон буолан, сатанан испитэ. Ый курдук бэлэмнэннибит. Бу “Этичные и смелые” түмсүүбүтүгэр куруук да буолбатар, төһө иллэҥмититтэн, дьарыктаахпытыттан көрөн үлэлэһиэхпит. Бу – баҕа санаанан салайтаран, төлөбүрэ суох, босхо үлэ. Бэйэм блогпар уйулҕа үлэһиттэрин билиһиннэрэр, нэһилиэнньэни кытта сибээһи олохтуохха наада диэн, көмө көрдөөбүппэр биирдиилээн дьон, «Золотник» ломбард, «Феличита» химчистка, «Мыло» бытовой химия маҕаһыына, «Леостом» стоматология көмөлөспүттэригэр махталлаахпын.

Элбэх исписэлииһи тэрээһиҥҥитигэр кытыарбыккыт.

50-тан тахса психологы, үлэлиир бөлөҕү аахтахха, 70-чабыт.

Киһи тоҕо эбитэ буолла, олоххо уопуттаах, түс-бас  психолокка тардыһар. Түмсүү психологтарын орто сааһа төһөнүй?

Анаабыт курдук, бүгүн псевдопсихология уонна дьиҥ психология уратытын кэпсээри сылдьабын. Тоҕо псевдопсихологтар баалларый? Тоҕо диэтэххэ, киһи бэйэтиттэн ордук элбэҕи билэр киһини көрдүү сатыыр үгэстээх. Ыйан-кэрдэн биэрээччини. Ол ону албын психологтар туһаналлар. Муна-тэнэ сылдьар дьоҥҥо: “Эн оннук гыныма, маннык гыныахтааххын”, – диэн чопчу ыйан биэрэллэр. Оттон психология “киһи тус олоҕор бэйэтэ ааптар буолуохтаах” диэн үөрэтэр. Ол эбэтэр киһи бэйэтин бэйэтэ дьаһаныахтаах, олоҕун бэйэтэ оҥостуохтаах. Оттон албын психология чопчу бэйэтин көрүүтүнэн ыйан-кэрдэн биэрэн, эйигин урукку, кыра оҕо эрдэҕинээҕи оруолгар төттөрү түһэрэр. Бу – көмө буолбатах. Итини өйдүөхтээхпит. Араас саастаахтар – 60-тан тахсалаахтар, эдэрдэр да бааллар. Орто саас 30-35 диэххэ сөп.

Албын эбэтэр дьиҥ психолог буоларын киһи хайдах билиэн сөбүй? Психологтар реестирдэрэ диэн баар дуу?

Реестир суох. Түмсүү иһинэн “база данных” оҥорон эрэбит. Этэриҥ курдук, онно үөрэҕэ, аата-суола, нүөмэрэ, ханна үлэлиирэ, туох тиэмэҕэ үлэлэһэрэ ыйыллыахтаах. Олус эппиэтинэстээҕин быһыытынан, кэлбит киһини барытын онно уган испэккэ, дьиҥ идэтийиилээхтэри, көдьүүстээх түмүгү ситиспиттэри киллэриэх кэриҥнээхпит.

Психолог килийиэнигэр хайдах сыһыаннаһарыттан сабаҕалыахха сөп. Өскөтүн кини эйигиттэн үрдүктүк сананар, “эн билбэккин, сатаабаккын”, “маннык гын!”, “маннык сыыһа, сөп” диир буоллаҕына, ол – психолог үөрэҕэ суоҕун, биитэр, үөрэхтээх да буоллар, уопута тиийбэтин туоһута буолуон сөп.

Билигин психолог өҥөтүн сыаната, быһа холуйан, төһөнүй?

Босхо өҥөлөр бааллар. Холобур, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинигэр, РБ курдук судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ. Оттон төлөбүрдээх, чааһынай кииннэргэ өҥө сыаната 2 тыһ. солк. үөһэ буолар. Кимиэнэ эрэ 10 да тыһ. солк. тиийиэн сөп. Бэйэлэриттэн чопчулаһар ордук.

Быһаарбыккар, махтанабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....