29.08.2025 | 13:00 | Просмотров: 173

Тохтобул туруорар кыаллыбат

Тохтобул туруорар кыаллыбат
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

«Киин куорат» б.дь. атырдьах ыйын 20 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттэммит «Загороднай» кыбартаал олохтооҕо Аркадий Аммосов суругар Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Суол инфраструктуратыгар уонна тырааныспарга департаменын Тырааныспарга салаатын начаалынньыга Людмила Давыдова хоруйдуур:
– Кржижановскай уул., 75/1 дьиэтин таһыгар суол кэрчигэр «Оптуобус тохтуур сирэ» диэн 5.16 суол бэлиэтин туруорар, суолга куттал суох буолуутун ирдэбиллэригэр сөп түбэспэтин быһыытынан, көҥүллэммэт. Чуолаан «треугольник видимости» тутуһуллубатынан, сатыы дьон сылдьар сирдэригэр хахха уонна бордюр баалларынан, онон оптуобус тохтууругар миэстэ суоҕунан сатаммат. Маны таһынан, 3-с категориялаах суолларга тохтобуллар икки ардылара 600 миэтэрэттэн кылгыа суохтаах, бу түгэҥҥэ ол ирдэбил тутуһуллар. Манан сибээстээн суол бу кэрчигэр оптуобус тохтобулун туруоруу былааннамматын, онно эбии ити этиллэр учаастакка айан сырыыта бигэргэтиллибит бырайыакка олоҕуран тэриллибитин туһунан иһитиннэрэбит.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.